Бу күннэргэ Ис дьыала министиэристибэтин Мэҥэ Хаҥаластааҕы отделыгар оскуола дириэктэриттэн сайабылыанньа киирбит. Ол курдук, 40 саастаах киһини кулун тутартан саҕалаан төлөпүөнүнэн түөкүттэр албыннаабыттар.
Кулун тутартан саҕалаан бэс ыйыгар диэри педагог түөкүттэргэ 2 мөл. 630 тыһ. солк. ыыппыт (!!!).
Эр киһи урут интэриниэтинэн БАД сакаастаабыт эбит. Түмүгэр, бэйэтэ да билбэтинэн түөкүттэр илиилэригэр киирбит… Аан бастаан, муус устарга, судьуйа аатыттан эрийбиттэр. Онно суут быһаарыытынан киһи доруобуйатыгар кутталлаах БАД-нан туһаммытын иһин, киниэхэ компенсация төлөнөрүн туһунан эппиттэр. Кэлин судьуйаны аны страховой агент солбуйбут. Оттон «Сбер» баантан расчетнай-кассовай киин үлэһиттэрэ эрийбиттэр. Араас сиртэн төлөпүөннээтэхтэрин ахсын, эр киһи счет аһыыга уонна сабыыга диэн анаан харчы ыытан испит. Түмүгэр өссө дириэктэр харчы иэс ылан ол дьоҥҥо ыыппыт…
Ис дьыала уорганнара дистанционнай түөкүттэртэн сэрэхтээх буоларга ыҥырар. Билбэт нүөмэргититтэн эрийдэхтэринэ кэпсэтимэҥ, бэйэҕит дааннайдаргытын, каарта нүөмэрин ыытымаҥ. Сэрэхтээх буолуҥ!
edersaas.ru