«Сатаа да саһыл саҕалан» диэн санаанан салайтаран, оҕуруктаах өйдөрүнэн дьону албыннаан отоойкоҕо олордооччулар элбээн иһэр чинчилээхтэр. Саатар дьон бэйэтэ да итинник түөкүттэргэ итэҕэйэн, угаайыларыгар дэбигис киирэн биэрэрэ баар ээ.
Вера МАКАРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru/
Ол курдук, Нам улууһугар биир оннук түөкүн уонна уоруйах киһиэхэ суут бириигэбэрэ тахсыбытын туһунан СӨ Борокуратууратын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Суут быһаарбытынан, 2015 сыл ахсынньы ыйыгар С. диэн гражданин «Тойота» массыына түөрт көлүөһэтин устан-уоран ылбыт. Уонна хас биирдиитэ 5.850 солк. сыаналаах көлүөһэни бэйэтэ билэринэн дьаһайбыт.
Ити кэнниттэн сотору буолан баран, О. диэн киһи массыынатыгар мотуор көрдүүрүн истэн, аны киниттэн хайдах эмит гынан харчытын олордон ылбыт киһи диэн санааҕа ылларбыт. Уонна дьэ, хайдах албынныырын толкуйдаан баран, ол киһиэхэ «табаарыһым билигин Владивосток куоракка сылдьар, кининэн сакаастаан аҕалтарыам» диэн тылыгар киллэрэн, эмсэҕэлээччи «мобильнай баан» нөҥүө 25 тыһ. солк. ыыппыт.
Аны былырыын, тохсунньуттан кулун тутар ыйга диэри кэм иһигэр, бу С. билэр дьахтарын албын тылынан өйүн сүүйэн, олох даҕаны төннөрөр санаата суох сылдьан, уопсайа 21 тыһ. солк. ылбыт.
Бу урут хаста да сууттана сылдьыбыт киһи көнөр суолга турар санаата суоҕа буруйун ыаратан, суут кинини 4 сылга кытаанах эрэсиимнээх холуонньаҕа көҥүлүн быһарга уурбут. Бириигэбэр сокуоннай күүһүгэр киирбит.
Оттон Дьокуускай куорат полициятын 2 №-дээх отделыгар биир кыыс 17 тыһ. солк. сыаналаах көмпүүтэрин уорбуттарын туһунан сайабылыанньа суруйбут.
Кыыс быһаарбытынан, көмпүүтэр атыылыырын туһунан биллэрии биэрбит. Онуоха «атыылаһааччылар» тута эрийэн, бэйэлэрэ кэлэн ылар кыахтара суоҕунан, кинилэргэ аҕалан биэрэригэр көрдөспүттэр. Ыйыллыбыт аадырыска тиийбитигэр, аны «көмпүүтэри хааллар, оттон харчыны атын сиртэн ылаҕын» диэбиттэр.
Онно эмиэ хап-сабар сөбүлэһэн, ол эппит сирдэригэр тиийэн, күүтэ сатаан баран, ким да кэлбэтэҕэр, төттөрү көмпүүтэрин ылаары кэлбитэ — атыыласпыт киһи да суох, көмпүүтэрэ да мэлигир.
Билигин бу чахчынан бэрэбиэркэ барар. Холуобунай дьыала тэриллэрэ саарбахтаммат.
Вера МАКАРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru/
Хаартыска: интернет.