Түөкүн дьахтар «сиэбит» харчытын барытын төннөрөргө күһэлиннэ

Ааптар: 
16.06.2017
Бөлөххө киир:

Халыҥ харчыга ымсыы санаалаахтар, иҥсэ-обот майгылаахтар былыр да бааллара, баар буолуохтара даҕаны. Икки атахтаах айылгыта оннук буоллаҕа.

Ньурба улууһугар биир оннук дьахтарга суут бириигэбэрэ тахсыбытын туһунан СӨ Борокуратууратын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Суут быһаарбытынан, Ньурба улууһун кииннэммит бухгалтериятын сүрүн исписэлииһэ 2016 сыл олунньутуттан ахсынньы ыйыгар диэри кэмҥэ, цифровой илии баттааһынын оҥорор боломуочуйатынан туһанан, Ньурбатааҕы техническэй лицей үлэһиттэрин хамнастарын пуондатыгар ый аайы харчы ордорун билэр буолан, ол үптэн ый аайы бэйэтин счетугар ыыта олорбут.
Ол уоран, уопсайа 1 413 139 солк. харчыны хорон сиэбит.
Бу исписэлиис дуоһунаһыттан силиэстийэ кэмигэр уһуллубут.
Суут кинини түөкүннээһиҥҥэ буруйдааҕынан билинэн, 4 сылга көҥүлүн быһары усулуобунайынан ааҕан, 4 сыл тургутар болдьоххо итиэннэ 250 тыһ. солк. суумалаах ыстараап төлүүргэ уурбут. Бириигэбэр сокуоннай күүһүгэр киирбит.
Улуус борокуруорун ирдэбил сайабылыанньатынан, уорбут харчытын сууттанааччыттан толору ирдээн ылбыттар.

Вера МАКАРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: интэриниэттэн.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0