«Үүт харчытын» аҥаарын кэриҥэ соҕотуопкалааччыларга тиксэрилиннэ
Тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин министиэристибэтин астыыр-үөллүүр салааҕа департаменын салайааччыта Василий Афанасьев быйыл үүтү тутуу тэтимнээхтик саҕаламмытын иһитиннэрдэ.
Василий НИКИФОРОВ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Ол курдук, муус устар 12 күнүнээҕи туругунан, 5686 туонна үүт соҕотуопкаланан, былырыыҥҥы туһааннаах кэм таһымын 19 бырыһыанынан куоһарда. Маныаха Амма, Дьааҥы, Мэҥэ Хаҥалас, Нам, Чурапчы улуустарын соҕотуопкалааччылара 100-тэн тахсалыы туонна үүтү аһара туппуттарын Василий Васильевич үтүө саҕалааһын быһыытынан холобурдаата. Өрүү буоларыныы, таҥнары тардааччылар суох буолбатахтар: “хара испииһэккэ” Бүлүү, Кэбээйи, Ньурба, Сунтаар, Өлүөхүмэ, Уус Алдан, Томпо улуустара киирдилэр. Кинилэри кыстык ыараханнык ааһан иһэрэ итиэннэ тэрээһин бытаарбыта атахтаабыт. Онно эбии Томпоҕо “Илгэ”, Ньурбаҕа “Байар” кэпэрэтииптэр бэйэлэрин истэригэр моһуогуран олороллор.
Департамент салайааччыта этэринэн, быйыл өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн көрүллүбүт “үүт харчытыттан” 44,7 бырыһыанын сыл саҥатыгар ыыппыттар. Итинтэн 520 мөл. 804 тыһ. солкуобайа туттарыллыбыт үүт харчыта, оттон 532 мөл. 289 тыһ. солкуобайа соҕотуопкалааччылар счеттарыгар түһэн сытар. Онон кинилэр мантан саас-сайын үүтү туттарааччыларга харчыларын тута аахсар кыахтаахтар.
Саната таарыйа эттэххэ, киилэ үүт 45-тии солкуобайга тутулларыттан 35 солкуобайын судаарыстыба, 10-ун соҕотуопкалыыр тэрилтэ уйуналлар. Улуустарга барыларыгар кэриэтэ үүтү киилэтин 45-тии солкуобайга тутар буоллахтарына, Мэҥэ Хаҥаласка ортотунан 45 солк. 80 харчыга, Хаҥаласка 46 солк. 30 харчыга, Дьокуускайдааҕы үүт собуота 54-түү солкуобайга атыылаһаллар. Киин куорат баһылыга Айсен Николаев өссө 60 солкуобайга тиэрдэргэ сорук туруорбута туола илик.
Нэһилиэктэргэ 200-тэн тахса арыы сыаҕа баарыттан 46 бырыһыаннара үлэлииргэ бэлэмнэр. Үгүстэр, үгэс курдук, үүт элбээтэҕинэ бэс ыйыттан үлэлииллэр. Кытыы нэһилиэктэр, сүрүннээн, арыылыыллар. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн арыыга 2070 туонна былааннаах сорудах тиэрдиллибит. “Бородууксуйабыт 60-тан тахса бырыһыанын арыы ылар, — диир Василий Афанасьев. – Онон ороскуоппут улахан. Ис кыах ситэ туһаныллыбат. Сайын аны атыылаһааччы аҕыйаан хаалар. Элбэх тэрилтэ кыһалҕаттан сыры астааһыҥҥа ылсан эрэр. Тэрил атыылаһаллар. Онон тастан киириини олохтоох бэйэ сырынан үтэйэргэ суоттанабыт”.
Билиҥҥи туругунан, өрөспүүбүлүкэбит үрүҥ аһынан 56 бырыһыанын хааччынар. Департамент салайааччыта этэрин курдук, астыыр-үөллүүр тэрилтэлэр баар кыаҕы толору туһанан үлэлээтэхтэринэ, ити көрдөрүү өссө өрө көтөрө чахчы. Ол курдук, Дьокуускайга “Туймаада-Агроснаб” үүттэн оҕо аһын астыыр кэмбинээтэ, Мэҥэ Хаҥаласка “Манчаары” ТХПК саҥа сыаҕа итиэннэ “Чолбон” ТХПК (Үөһээ Бүлүү), “Ытык Күөл” ТХПК (Таатта) “кураанах үүт” боппуруоһуттан иҥнэн, көрүллүбүт кыамталарынан үлэлии иликтэр.
Түмүккэ Василий Афанасьев соҕотуопкаланар үүт хаачыстыбатын үрдэтэр уонна дэлэтэр инниттэн ынаҕы сайылыкка тахсан аппараатынан ыаһыҥҥа улуустар икки ардыларыгар куоталаһыы тэрийэр туһунан балаһыанньа барыла министиэристибэҕэ чочулла сылдьарын иһитиннэрдэ.
Василий НИКИФОРОВ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru.
Мария ВАСИЛЬЕВА (СИА) хаартыскаҕа түһэриитигэр: Амма улууһугар Болугурдааҕы сыах сылы эргиччи үлэлиир.