Сааскы сылаас, чаҕылхай күннэрдиин сиэттиспитинэн тыа сирин ыалларыгар уоһах алаадьытын амсайар дьоро киэһэлэр үүннүлэр. Күнтэн күн төрүөх эбиллэр, үрүҥ илгэ үксүүр. Тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин министиэристибэтин астыыр-үөллүүр промышленность салаатыгар департаменын салайааччыта Василий Афанасьевтыын “үүт харчытын” туһунан бүөмнээн кэпсэттибит.
Василий НИКИФОРОВ, https://edersaas.ru
38 соҕотуопкаһыт
— Быйыл үүтү тутуу тиһигэ уларыйда. Бастатан, соҕотуопкалыыр тэрилтэлэри бөдөҥсүтүүгэ сыһыаннаах: “сылга 500 туоннаттан итэҕэһэ суох үүтү тутар буолуохтаах” диэн ирдэбил турар. Василий Владимирович, инньэ гынан, ааспыт сылга диэри үлэлээн кэлбит 57 соҕотуопкалааччыттан хаһа хаалла?
— Сүүмэрдээһин түмүгэр үүт соҕотуопкатынан быйыл 38 тэрилтэ дьарыктанар буолла. Бытархайдар улахаттарга сыстан биэрдилэр. Холобур, Сунтаарга 8-тан 4-кэ тиийэ көҕүрээтэ. Маныаха, биллэн турар, туһааннаах улуус сирин-уотун уратыта аахсыллар. Ол курдук, Мэҥэ Хаҥалас улууһугар төрдүөлэр: улуус киин өттүгэр “Манчаары” ТХПК, хоту эҥээргэ “Хоту” ХЭУо, өрүс сүнньүгэр Павловскайга соҕотуопкалыыр-астыыр тэрилтэлээхтэр уонна Табаҕаҕа чугастааҕы 4 нэһилиэги хабан ИП тутар. Хаҥаласка “Хаҥалас Ас” кэпэрэтииби таһынан “Бөртө” сылгы собуота бэйэтэ соҕотуопкалаах, өрүс уҥуордааҕы нэһилиэктэргэ “Самартай” кэпэрэтиип үүтү тутар. Онон, саамыланыы-сааһыланыы түмүгэр үүтү тутуу кудуххайдык саҕаланна.
Былаан
— Төһө үүтү тутарга соруктанаҕыт?
— Быйылгы былааммыт — 74,5 тыһ. туонна үүт. Бу сыыппараны халлаантан ылбатыбыт. Ааспыт сылга 70 тыһ. туонна былааннаахпытын 6341, иллэрээ сыллааҕыттан 3714 туоннанан аһара толорбуппут. Быйыл былааммыт үрдүк гынан баран, дьиҥэр, 70 тыһ. туонна үүккэ киилэтигэр 35-тии солкуобайынан суоттаан, өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн 2 млрд 450 мөл. солкуобай харчы угуллубута. Ити харчыттан олунньуга улуустарга 250 мөлүйүөнүн ыыппыппыт, кулун тутар ый иһинэн 850 мөлүйүөнүн тиксэриэхпит. “Үүт харчыта” бу курдук сыл устатыгар 6 төгүл төхтүрүйэн тиийиэ. Урут үстэ барааччы. “Каасса арыттаһыыта” тахсыбатын диэн маннык дьаһанныбыт. Оччотугар үүт туттарар хаһаайыстыбалар, ыаллар сылы эргиччи үбүнэн-харчынан быстарыахтара суоҕа.
— Үүтү аһара туппут соҕотуопкалааччы отуойкаҕа олоруо суоҕа дуо?
— Инники эппитим курдук, былырыын 6 тыһ. туоннаттан тахса үүтү аһара туппуппут үрдүнэн биир даҕаны улууска сылы иэһэ суох түмүктээтибит. Быйыл даҕаны толору аахсыахпыт диэн эрэнэбин. Былааннарын таһынан туппуттарга хаалан иһээччилэртэн ылан биэриэхпит. Итиэннэ бүддьүөтү хос көрүүгэ эптэрэр өттүгэр үлэлэһиэхпит.
Манна сыһыаран, биир түгэни чопчулуохпун баҕарабын. Былырыыҥҥа диэри “тутар” уонна “атыылаһар” сыаналарга арааран кэлбит буоллахпытына, быйылгыттан “үүт харчытын” биир сомоҕо оҥордубут. Ол эбэтэр үүт туттарбыт хаһаайыстыба, ыал киилэ үүтүн ахсын кырата 45-тии солкуобайы илиилэригэр тута ылыахтара. Эрдэ атыылаһар сыананы дьыл кэмиттэн тутулуктанан, 6-10 солкуобайга диэн халбаҥнаппыппыт көдьүүһэ суоҕун ааһан, соҕотуопкалааччылар тэҥ кээмэйдээх үүтү туппуттарын үрдүнэн улаханнык уратылаһаллар. Холобур, Ньурбаҕа “Байар” кэпэрэтиип сылы быһа 6 солк. 25-тии харчыга туппут. Билигин судаарыстыба 35 солкуобайыгар соҕотуопкалыыр-астыыр тэрилтэ булгу 10 солкуобайын холбуу биэрэрин модьуйабыт. Арыынан эрэ муҥурданыа суохтаахтар, үүт аннын кытта туһаҕа таһааран, аска кубулутарга дьулуһуохтаахтар.
45 солк.
— “Үүт харчыта” 45 солкуобайынан быһыллыбытын үгүстэр өрө тэптэрэллэрэ саарбах, ол түмүгэр кыһыл илиинэн ыабыт даҕаны, аппараатынан даҕаны ыабыт биир буолан тахсар. Василий Владимирович, оччоҕуна кэпэрээссийэни, сайылыкка тахсан аппараатынан ыаһыны хайдах көҕүлүүр санаалааххыт?
— Ити 45 солкуобай – алын кээмэй. “Үүт харчытын” тутар-астыыр тэрилтэ төһө баҕарар эбиэн сөп. Биллэн турар, кыаҕыттан көрөн уонна паайсыктарын, тэрийээччилэрин кытта сүбэлэһэн. Үүт ситимнээх “Нөмүгү” агрофирма уонна “Баҕарах” ХЭУо ыабыт үүттэрин Дьокуускайдааҕы үүт собуота 18-тыы солкуобайга тутар, ол аата ити хаһаайыстыбалар киилэ үүттэригэр 53-түү солкуобайы ылаллар. Дьокуускай куорат дьаһалтатын баһылыга Айсен Николаев 60 солкуобайга тиэрдэр соругу туруорар. Киин куоракка собуоту сэргэ Мархаҕа “Сахаплемхолбоһук” ААУо, Тулагы өттүгэр “Зырянов” ИП туталлар. Соҕотуопка үлэтэ сааһыланан, Дьокуускайга үүтү тутуу кээмэйэ сыл иһигэр 30 бырыһыан эбилиннэ.
Ааспыт сыл түмүгүттэн көрдөххө, үүт соҕотуопкатын кээмэйэ ханна харчы “ынах төбөтүгэр” бэриллэр сиригэр түһэ турар. Бу чуолаан хотугу улуустарга уонна Ленскэй оройуонугар сыһыаннаах. Мирнэйгэ “Нова й” сопхуос эмиэ промышленность түөлбэтигэр киирэр буолан, ынаҕын ахсын 20-лии тыһ. солкуобайдаах көмөнү ыла олорор. Ол гынан баран, “новайдар” халяваттан аккаастанан, верхоянскайдар курдук үүккэ киирсэргэ быһаарыммыттара хайҕаллаах. Кинилэр быйылгыга баттаспатылар, эһиилгиттэн киллэриэхпит. Тоҕо диэтэххэ, “үүт харчыта” үрдээн, чопчуланан, үлэ дьонун оҥорон таһаарыыга көҕүлүүр кыахтанна.
Б.дь. олунньу 1 күнүнээҕи туругунан, былырыыҥҥы туһааннаах кэми кытта тэҥнээтэххэ, үүтү оҥорон таһаарыы 29,7 бырыһыан үрдээбитэ, ынах сүөһү ахсаана 190,4 тыһ. тиийэн, 0,4 бырыһыан эбиллибитэ бэлиэтэннэ. Үчүгэй чинчи!
Василий НИКИФОРОВ, https://edersaas.ru