Дьокуускайга А.Е.Кулаковскай аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр бу күннэргэ сэргэх сэминээр буолан ааста.
«Эвенкийские круговые танцы» тэрээһиҥҥэ СӨ эбэҥкилэр ассоциацияларыттан төрөөбүт тылларын, култуураларын үчүгэйдик билэр, кэнчээри ыччакка үөрэтэр-такайар ытык дьон, норуоттар доҕордоһууларын дьиэтиттэн «Хэглэн» (сал.Маргарита Яковлева), «Аяврина» (сал. Саргылаана Алексеева), «Гиркилэн» (сал.Анастасия Куличкина) ансаамбыллар кытыннылар. Бу туһунан А.Е.Кулаковскай аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар үгэс буолбут култуураларын салаатыттан иһитиннэрдилэр.
Сэминээргэ кыттааччылар көрүстүлэр уонна сорохторун кытта куйаар ситиминэн сибээстэстилэр диэн иһитиннэриигэ этиллэр. Куйаар ситиминэн Бурятияттан, Амур уобалаһыттан, Красноярскай кыраайтан, Нерюнгриттэн, Булуҥтан, Алдантан, Уус Маайаттан, Эдьигээнтэн кыттыыны ылбыттар. Ытык кырдьаҕастар Галина Степановна Керегяева уонна Валентин Гаврильевич Исаков, ученай-фольклорист, ф.н.к. Маргарита Прокопьевна Яковлева хайдах ыллаан саҕалыыры иһитиннэрбиттэр, үҥкүү хамсаныыта хайдах буоларын көрдөрбүттэр, ханнык түгэҥҥэ маннык тэрийэллэрин кэпсээбиттэр. Онтон ансаамбыллар кыттыылаахтара эргиччи туран таһаарааччыны тута үтүктэн хатылаан, кинилэр курдук хамсанан испиттэрэ тэрээһин кыттыылаахтарын сүргэлэрин улаханнык көтөхпүт.
Бу тэрээһин иннинэ Бурятияттан «Арун» эбэҥки культуратын өрөспүүбүлүкэтээҕи киинэ» АТ айар лабораториятыттан фольклорист-чинчийээччи М.Г.Воскобойников төрөөбүтэ 110 сылыгар «Хороводные запевы и хореография эвенков» тиэмэҕэ куйаар ситиминэн кэмпириэнсийэ буолбут. РНА СС гуманитарнай чинчийии уонна аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар кыһалҕаларын үөрэтэр институт ученайдара, ф.н.д. Александр Варламов, ф.н.к. Мария Дьяконова, ф.н.к. Маргарита Яковлева дакылаат аахпыттара болҕомтону тардыбыт. Бу курдук ученайдар, практиктар, өбүгэлэрин тылларын-өстөрүн, ырыаларын-тойуктарын, үҥкүүлэрин, үгэстэрин билэр-көрөр ытык кырдьаҕастар, фольлорнай кэлэктииптэр, хайа да өртүттэн сэҥээрэн кыттар сэминээрдэрэ хотугу норуоттар үҥкүүлэрин, ырыаларын харыстыырга, уус-уран кэлэктииптэр репертуардарын хаҥаталларыгар, байыталларыгар көмөлөөх диэн бэлиэтииллэр. Ол түмүгэр, култуура үйэлээх баайа норуотун, кэнчээри ыччатын өйүгэр-санаатыгар өссө бигэтик олохсуйар диилэр кинилэр.
Ыспыраапка: А.Е.Кулаковскай аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр маннык тэрээһин 2021 сыл олунньу ыйтан ыытыллар. Научнай салайааччы – Дьяконова Мария Петровна, ф.н.к., РНА СС гуманитарнай чинчийиигэ уонна аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар кыһалҕаларын үөрэтэр институт наукаҕа сотруднига. Үс ыйга биирдэ бииртэн-биир ураты сэргэх, туһалаах видеокэмпириэнсийэ, сэминээр, маастар-кылаас арааһа ыытыллар.