Үтүө дьонтон киһи үөрэр

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Бүлүү куоратыгар Тихоновтар диэн киһи эрэ киэн тутта кэпсиир үтүөкэн ыала баар. Кинилэр хас сарсыарда аайы сүүрэллэр уонна аара суолларыгар көрбүт бөхтөрүн-сахтарын хомуйаллар. Итинник дьарыктаммыттара биэс сыл буолла диэн СӨ Айылҕа харыстабылын министиэристибэтэ иһитиннэрэр.

Алын сүһүөх кылаас учуутала Анастасия Тихонова, сайыҥҥы сынньалаҥ саҕаланна да, кэргэнин Андрей Николаевиһы кытта сарсыарда аайы сүүрэр уонна чугас баар «Оруктаах» диэн күөлгэ сөтүөлүүр. Сүүрэн иһэннэр, кинилэр күн ахсын 4-5 мөһөөччүк бөҕү хомуйаллар. Бөх-сах ордук өрөбүллэр уонна бырааһынньыктар кэннилэриттэн элбиирин этэллэр.

—Тиэргэммитин, уулуссабытын, кыбартаалбытын көрө сылдьан эмиэ хомуйабыт. Кэргэним сүүрүүнэн дьарыктаныаҕыттан доруобуйата биллэ тубуста, — диир кини.

Манна даҕатан эттэххэ, Бүлүүгэ саастаах дьон спордунан, сэрээккэнэн утумнаахтык дьарыктанар буолбуттара ырааппыт.

—Хаалыктаах хаамаллар, сүүрэллэр, сэрээккэлииллэр. Биһиэхэ 37 сыл устата хаамыынан утумнаахтык дьарыктанар Ирина Ивановна Потапова  диэн киэн туттар киһилээхпит. Кини сыл ахсын аан бастакынан сөтүөлүүр кэми арыйар. Онон чэгиэн буолууга, бары кэрэҕэ сирдиир сүрүн киһибит, — диэн чахчы үөрэн-көтөн, киэн туттан этэр.

Маннык үтүө, кэрэ санаалаах дьону истэн киһи эрэ үөрэр, сэргиир. Кинилэртэн холобур ылар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0