Түүҥҥү Дьокуускайга ГАИ иниспиэктэрдэрин кытта рейдэҕэ сылдьыы

17.04.2017
Бөлөххө киир:

Ааспыт бээтинсэ киэһэ ГАИ иниспиэктэрдэрэ Эдуард Харлампьевтыын уонна Виктор Поповтыын түүҥҥэ рейдэҕэ сырыттым. Түүн куорат утуйар дииллэр эрээри, манна атын олох күөстүү оргуйарга дылы. Массыыналар биир кэм төттөрү-таары субуллан олороллор.

Александр ТАРАСОВ, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru
Киэһэ 11 чаас, 20 мүнүүтэҕэ дьуһуурунай иниспиэктэрдэргэ Дзержинскэй уулусса 9 №-дээх дьиэтин тэлгэһэтигэр дьоҕус СТБ (суол-транспортнай быһылаан) тахсыбытын эппиттэригэр, онно тиийдибит. «Тойота-ист» көлөлөөх суоппар подъезд таһыгар тохтообут, пассажир тахсаары ааны арыйбытыгар, кэнниттэн айаннаан испит «Тойота-кроун» кэтиллибит. Дьиҥэр, оннук айылаах улахан саахал буолбатах. Бу балаһыанньаҕа «Тойота-ист» суоппара буруйдаах, атын массыына баарын-суоҕун көрөн-истэн баран, пассажиры таһаарыахтаах этэ.
Аны туран, «Тойота-ист» суоппара Васильев (биллэр төрүөтүнэн арааспанньа уларытылынна) хас даҕаны ыстыраабы төлөөбөккө сылдьара биллэн, сокуон быһыытынан, кинини Дьокуускайдааҕы 3-с №-дээх ГОМ-ҥа илтилэр. Онно субуота, өрөбүл күн анал хоско хаайыллан олорор, бэнидиэнньиккэ (ол аата бүгүн) мировой суут дьыалатын көрөр.
Дьэ, бу тугу этэрий? Ол курдук, ыстыраабы, төһө кыалларынан, уһаппакка-кэҥэппэккэ төлөөн иһиллиэхтээх. Васильев «Таах сибиэ төлөөн испэккэбин», – диэн кэмсинэрин биллэрбитэ. Дьокуускайдааҕы 3-с №-дээх ГОМ-ҥа тиийэн, боротокуол оҥороллоругар, барыта холбоон икки аҥар чаас кэриҥэ барда.
Салгыы бардыбыт. Түүн 2 чаас саҕана массыына син биир элбэх. Кырдьык, куорат утуйбат эбит. 2 чаас, 10 мүнүүтэҕэ дьуһуурунай «Тойота-премио» Кальвица уулуссаны («Царская охота» маҕаһыын аттыгар) кыйа барар тимир күрүөнү түҥнэри көтөн турарын туһунан эттэ. Бастаан утаа, итирик суоппар итинник быһыыланнаҕа дии санаатыбыт. Тиийбиппит, хаһаайын массыынатын тула хаама сылдьар. Ыйаталаһан билбиппит, кини массыынатын табаарыһыгар уларсыбыт эбит. Ол киһи айаннаан истэҕинэ, көлүөһэтин эрэһиинэтэ «ытан» кэбиһэн, уулуссаттан тахсыбыт. Атын көлүөһэ ыла барбыт этэ. Уулусса күрүөтүн алдьаппытын боротокуоллаан баран, анал эвакуаторы ыҥырдылар.
Бу күн Дьокуускай үрдүнэн ГАИ 20 массыыната тахсан рейдэ оҥорбута. Бэйэ-бэйэлэрин кытта кэпсэтэ олороллор. Сорох иниспиэктэрдэр уруулга итирик олорбут икки суоппары тутан, боротокуоллаан, тимир көлөлөрүн анал сиргэ (штраф-стоянка) илдьэн туруордулар.
Бириэмэ номнуо сарсыарда 4 чааһы ааһан, мин дьиэбэр төнүннүм. Кэлиҥҥи кэмҥэ аһыы утаҕы иһэн баран, уруулга олоруу элбээбитэ биллэр. Итирик туруктаах уруулга олоруу олус сэрэхтээҕин, кутталлааҕын билэбит эрээри, иниспиэктэрдэр: «Дьон итини өйдөөбөтө сөхтөрөр», — дииллэр.

Александр ТАРАСОВ, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0