Түҥ былыр Кытайтан Саха сиригэр туох кэлэр этэй?

Ааптар: 
28.08.2022
Бөлөххө киир:

Сибииргэ олорор араас омуктар былыр былыргыттан Кытайы кытта алтыһар этилэр. Тыһыынчанан сыллар тухары тиһигин быспакка сайдар улуу цивилизация тулалыыр сирдэригэр дьайыахтааҕа саарбаҕа суох. Ол эрэн, арыый үгүс киһи олорор Приамурье, Забайкалье, Читинскэй уобаластарга атыы, сэрии, атын алтыһыы баара кими да дьиктиргэппэт эбит буоллаҕына, боруонса үйэтигэр бэрт аҕыйах  нэһилиэнньэлээх Саха сиригэр кытайдар кэлэ сылдьыбыттарын туһунан араас кэпсээн баар. Бу ыстатыйаҕа өрөбөлүүссүйэ иннинэ Саха сиригэр Кытайтан төрүттээх мал-сал, табаар ханна көстүбүтүн туһунан ырытыахпыт. Бииргэ түмэн көрдөххө, кырдьык киһини мунаардар чахчылар көстөн кэлэллэр.

Түҥ былыргы туоһулар

Кытай түҥ былыргыттан кэлбит суруктарыттан сылыктаатахха, бу улуу норуот өбүгэлэрэ хоту сытар сирдэргэ олох ыраахха диэри тиийэллэрэ эбитэ үһү. Ол курдук, Хань династия историограба, Сыма Цянь (биһиги үйэбит иннинэ 135 сыллаахха төрөөбүт киһи) суруйарынан, “… хуту муоһун көрдөөн (сэлии муоһа) Бэйхай муораны ааһан (Байкал күөл), Улуу илиҥҥи өрүһүнэн (сэрэйдэххэ, Өлүөнэ өрүс) устан уһук хоту тиийэллэр. Онно сайынын күн киирбэт, кыһынын күн биир сардаҥата тыкпат ыас хараҥа түүн бүрүүкүүр. Арай Чжун-лун дракон айаҕар умайар чүмэчититтэн тахсар дьэрэкээн уоттара эрэ сири-уоту аат харата сырдатар (дьүкээбил уота)”.

Археологтар Кытайтан төрүттээх араас түҥ былыр оҥоһуллубут табаардары Саха сиригэр бэрт элбэҕи булбуттара. Араас үйэлэринэн датировкаланар манньыаттар, хоболор, боруонса сиэркилэлэр дойдубут араас уһуктарыгар көстөллөр. Ол эрэн, дьиҥ-чахчы кытай дьоно Саха сиригэр кэлэ сылдьыбыттарын туһунан туоһу суох. Ити көстүбүт маллар атастаһыы, мэнэйдэһии ньыматынан, илии-илииттэн көһөн кэлбит буолуохтарын сөп. Атын дойдуларга тыһыынчанан биэрэстэлээх сиргэ атын сиртэн көһөрүллүбүт маллар бэрт элбэхтэ көстөллөр, үксүн мэнэйдэһии ньыматынан хас да үйэ устата “айаннаан” тиийбитэ сабаҕаланар.

Кытай манньыаттара

1998 сыллаахха, Хаҥалас улууһугар манньыаттаах кылаат көстүбүтэ. Бу кылаакка 147 кытай манньыата баара. Бу харчы Хотугу Сун эпохатыгар, X үйэ бүтүүтэ — XII үйэ саҕаланыыта атыыга туттулла сылдьыбыттара быһаарыллыбыт. Булбут киһи кэпсииринэн манньыаттар 4 көһөҥөҕө Ытык Мас диэн ааттанар кэрэх мас тула хоту, соҕуруу, илин, арҕаа диэки туһаайыллан көмүллүбүттэр эбит.

Археологтар араас үйэлэргэ көмүллүбүт киһи уҥуохтарыгар кытай манньыаттарын булааччылар. XVI — XVIII үйэлэргэ Кытай сиригэр эргиэҥҥэ сылдьыбыт манньыаттар Саха сиригэр олорбут дьоҥҥо үгүстүк кэлэллэрэ, киэргэл, эмэгэт быһыытынан туттуллаллара.

Муҥутуур эрдэтээҥҥи кэмнээҕинэн ааҕыллар манньыатынан Токко үрэх таһыгар Улахан Сөгөлөөннөөх диэн стоянкаҕа көстүбүт “у‑шу” манньыат буолар. Бу Кытайга өр кэм устата кутуллубут ортотугар дьөлөҕөстөөх манньыат. Учуонайдар бу булумньу монголлар итэҕэллэригэр сыһыаннаах буолуон сөп дииллэр. — Алтай, Монголия диэки олоро сылдьыбыт биис-уустар у‑шу манньыаттары туспа итэҕэл сиэригэр-туомугар тутта сылдьыбыттара биллэр.

Таҥас-сап

Даба, солко саха омук култууратыгар киэҥник тарҕаммыт таҥастар. Түҥ былыргыттан билиҥҥи кэмҥэ чугаһаан истэҕин аайы тирииттэн таҥаска көһүү улам улаатан испитэ көстөр. Холобур, соторутааҕыта Швеция NordiskaMuseet мусуойугар көстүбүт XVIII үйэтээҕи саха соно сүрүннээн тириинэн тигиллибит даба таҥас кыбытыы быһыытынан туттуллубут. Арыый хойукку кэмҥэ тигиллибит мэҥэлэр биир аҕа баһылыктарын Аба Уос Дьорҕо соно Михаил Носов уруһуйуттан сылыктаатахха, дабанан олоччу кэриэтэ бүрүллүбүт. Бу кытайтан кэлэр таҥас табаар быһыытынан улам тарҕанан испитин туоһулуур.

Даба — халлаан күөх өҥнөөх, нуучча сиригэр “китайка” диэн ааттанар хлопоктон оҥоһуллар чэпчэки сыаналаах таҥас. Саха сиригэр Кытай курдук ыраах сиртэн кэлэр буолан, бэрт күндүтүк сыаналана сылдьыбыт буолуохтаах.

Солко дабатааҕар быдан күндү таҥас. Онон былыргы кэмтэн олус аҕыйах туоһу мал хараллан кэлбит. Биир киһини сөхтөрөр булумньунан Ньурба Чаппандатыгар 1969 сыллаахха, Ынах Сыһыыта сиргэ киһи уҥуоҕуттан көстүбүт солко халаат буолар. Бу Кытай сиригэр тигиллибит, кытайдыы оһуордаах-дьарҕаалаах кугастыҥы-араҥас дьүһүннээх халаат олус үчүгэй туруктаах, билигин Ньурба мусуойугар быыстапкаланан турар. ХVIII үйэтээҕи көмүүгэ бу халаат сыттык курдук сууланан киһи төбөтүн анныгар угуллубут.

Хаһан, хайдах быһыылаахтык, туох манньаҕа маннык күндү таҥас атыылаһыллыбыта эбитэ буолла? Ону билигин кэлэн, сэрэйэр эрэ буоллахпыт…

Аныгы кэм табаардара

Аныгы диэн XIX үйэттэн саҕалаан кэлэр табаардары ааттыахха сөп. Ити кэмҥэ Кытайтан бэрт элбэх табаары атыыһыттар аҕалан бараллар. Сүрүн табаарынан чэй, таҥас, иһит буолар. “Дорообо” диэн ааттанар кирпииччэ чэй уус-уран литератураҕа, ахтыыларга элбэхтэ суруллар. Тоҕо “дорообо” диэн ааттаммытай? Ити кирпииччэ чэйгэ илии тутуһуу ойуута (ханнык эрэ чэй хампаанньатын атыы-эргиэн маарката буолуо) батары бэчээттэнэр эбит, онтон ити аат үөскээбит. Чэй атыыта бэрт элбэх атыыһыты байыппыта, чэй туспа түһээнигэр элбэх таас дьиэлэр Сибиир үрдүнэн тутуллубуттара.

Кытай таҥаһа Арассыыйа собуоттара чэпчэки сыаналаах таҥаһы Сибииргэ тарҕатыахтарыгар диэри сүрүн таҥас тигэр матырыйаал быһыытынан тарҕана сылдьыбыта. Даҕатан эттэххэ, Кытай таҥаһа Арассыыйа үрдүнэн өр кэмҥэ түүлээххэ мэнэйдэнэн тарҕанар этэ, онтон XVIII–XIX үйэлэргэ төттөрү Арассыыйа таҥаһа Кытайга үрүҥ көмүс, солко, чэй утары тутуһан өлгөмнүк атыыланар буолбута.

Кытай фарфора билигин даҕаны аан дойду үрдүнэн бастыҥынан ааҕыллар. Урукку кэмнэргэ Саха сиригэр бу күндү табаар тиэйиллэрэ бүлүүһэ, чааскы үлтүркэйдэринэн туоһуланар.

Түмүккэ

Чугас дьукаахпыт, Улуу Кытай үйэ саас тухары атыы-тутуу, култуура атастаһыытын эйгэтигэр баара саарбаҕа суох. Саҥа кэм уларыйыылара көрдөрөрүнэн, бу алтыһыы өссө күүскэ сайдар буолла быһыылаах. Оннооҕор урут, иэдээннээх ыраах суолу айаннаан, тайҕаны, өрүстэри туораан атыыһыттар кэлэр эбит

буоллахтарына билиҥҥи сыыдам кэмҥэ алтыһыы бэрт табыгастаах, бэйэ-бэйэни байытар туттунуу буолуохтаах.

edersaas.ru

+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0