Былыр сахаларга үөрэх суох эрдэҕинэ, күҥҥэ-дьылга, күннээҕи олоххо сыһыаран, бэйэлэрэ кээмэйдээхтэр этэ. Дьэ эрэ, ону төһө билэҕин? Бэйэҕин тургутан көр!
Бириэмэ кээмэйэ
Күөс быстыҥа – биир чаас устата.
Биир ууну утуйуу – икки, үс чаас утуйуу.
Куоратчыт кэмэ – сарсыарда түөрт чаас.
Түүн үөһэ – түүн уон икки чаас.
Күн ортото – күнүс уон икки чаас.
Сарсыардааҥы ыам – сарсыарда алта чаас.
Күнүскү ыам – күнүс уон биир чаас.
Түөртүүр ыам – күнүс түөрт чаас.
Киэһээҥи ыам – киэһэ аҕыс чаас.
Тыҥ хатыыта – сарсыарда халлаан быһах биитинии сырдыыта.
Суһуктуйуу – халлаан сырдаан эрэрэ.
Күн ойуута – сарсыарда тоҕус чаас.
Омурҕан устата – түөрт чаас устата.
Уста кээмэйдэрэ
Харыс – большая пядь, эрбэх уонна сөмүйэ икки арда.
Муҥур сүөм – эрбэх уонна токуруйбут сөмүйэ икки арда.
Бөрсүөк – вершок.
Тутум – биир сутурук кээмэйин саҕа.
Суор холото – эрбэҕин чочоччу туттубут сутурук үрдүгүн саҕа.
Уллуҥах устата – орто киһи уллуҥаҕын саҕа.
Илии, биир илии – биир тарбах кэтитин саҕа.
Былас – быластыы туттуллубут икки илии икки арда (тарбахтарын төбөтүгэр диэри).
Тоҥонох устата – сутуруктуу тутуллубут тарбахтартан тоҥоноххо диэри.
Бэлэмнээтэ Ангелина ВАСИЛЬЕВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru