Cитэриилээх былаас отчуотун ыытар 1-кы бөлөх Нам улууһун Түбэ, Маймаҕа уонна Хатырык нэһилиэктэригэр сылдьан үлэлээтэ.
edersaas.ru
Ханнык баҕарар нэһилиэккэ дьон туруорсар сүрүн биир боппуруоһа баар буолааччы. Түбэлэргэ сүрүн кыһалҕа — былырыыҥҥы ойуур баһаарын хоромньутун оһорунуу. Ситэриилээх былаас отчуотугар бу тирээн турар боппуруос сүрүн тиэмэнэн буолла.
Ол курдук, нэһилиэк убаастанар олохтооҕо Гек Дьяконов ойуур баһаарыгар бултуур учаастактар умайбыттарын, 6 булчут үүтээнэ, балыксыттар дьиэлэрэ күл-көмөр буолбутун холобурдаата.
— Айылҕа министиэристибэтэ өйөөн, 470 тыһ. солк. көрбүт үбүнэн Үрүҥ Күөл Эбэбит биэрэгин бөҕөргөтөн, мас дамба туппуппут, — диэн бэлиэтээтэ Гек Дьяконов.
«Айылҕа харыстабылын министиэристибэтэ Түбэҕэ кэлэн, балаһыанньаны миэстэтигэр билсэн барара буоллар«, — диэн бэйэтин этиитин саҕалаата Розалия Лукина.
Розалия Егоровна өр сылларга Түбэ нэһилиэгин баһылыгынан үлэлээбит уопуттаах салайааччы:
— Нэһилиэкпитин былырыын ойуур баһаарыгар былдьата сыстыбыт. Эр дьоммут утары сири хаһан тохтоппотохторо буоллар, уот нэһилиэккэ киириэ эбит. Төһөлөөх ымсыырарбыт буолуой, тутууга туттаары суон уһун тииттэрбитин! Баай айылҕабытын харыстаан, маанылаан тыыппат этибит. Ол мас, тыа барыта умайда. Кулаадайга 1965 сыллаахха улахан баһаар буолбута. Ол көрдүгэнэ билигин да оспокко сытан, Үрүҥ Күөл курдук улахан Айылҕа заказнигын уот былдьаата. Булчуттар үүтээннэриттэн илиилэрин соттон хааллылар. Хата, Аҕа дойду Улуу сэриитигэр баран өлбүт дьоммут пааматынньыктарын уот тыыппакка төгүрүктээн хаалларбыт. Айылҕа да ытык дьон өйдөбүлүн кэриэстиир эбит. Билигин сирбит-уоппут баһаар кэнниттэн буорайда. Сүөһү да сылдьыбат, дьон да ол диэки барбат. Онон ойууру ыраастыыр сорук турар. Тутуу маһын туттарга, хомуйарга биригээдэ тэрийэн, дьаһал ылыахха наада. Урукку баһаар онно билигин да оспокко сытар. Ол аата саҥа баһаар онно, хомуйбатахха, эмиэ сүүһүнэн сыл оспокко сытыа, — диэн бэлиэтээтэ.
Уопсастыбанньык Аскалон Егоров итирдэр утаҕы атыылааһын бэрээдэктэммит болдьоҕун уһатары утарарын биллэрдэ:
— Мин биири өйдөөбөтүм: арыгы атыытын болдьоҕун уһатарга туруорсар дьон итирдэр утаҕы иһэри элбэтээри гыналлар дуу эбэтэр аччатаары гыналлар дуу?
Орто оскуола дириэктэрэ Евдокия Шарина 1970 сыллаахха тутуллубут оскуола эргэрбитин, саҥа оскуоланы тутар уолдьаспытын эттэ.
Нэһилиэк ытыктанар олохтооҕо, өр сылларга салайар үлэҕэ үлэлээбит Аскалон Егоров кулууп саҥа дьиэтин тутарга (сэбиэскэй кэмҥэ бу маҕаһыын эбит), Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэнии туһунан санааларын үллэһиннэ.
Алта оҕолоох ийэ Александра Куприянова улахан уола Чечняҕа сулууспалаабытын, 1998 сылтан олорор дьиэҕэ уочаракка турарын, онто миэстэтиттэн хамсаабатын кэпсээн туран, «итии туочукаларга» сулууспалаабыт ыччаттарга туох чэпчэтии баарын туоһуласта.
Бөлөх салайааччыта, СӨ Сыана бэлиитикэтин судаарыстыбаннай кэмитиэтин салайааччыта Антонина Винокурова:
— Түбэҕэ буолбут ойуур баһаарын хоромньутун, Үрүҥ Күөл заказнига улаханнык эмсэҕэлээбитин туһунан санааҕытын эппикитин иһиттибит уонна Айылҕа харыстабылын миниистирэ Сахамин Афанасьевка бу этиилэргитин тиэрдэн туран, салайааччы манна кэлэн, балаһыанньаны бэйэтинэн кэлэн-көрөн истэн-барарын ситиһиэхпит, — диэн эттэ.
Антонина Борисовна Нам улууһун куратора буолан, дьон-сэргэ киниэхэ ураты чугастара көстөр, санааларын хото этэллэр, сүбэлэтэллэр. Бөлөх салайааччыта биирдиилээн дьону приемнаан, кинилэр күннээҕи кыһалҕаларын билистэ.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыскаҕа ааптар түһэриитэ.