Түбэйгэ айар куттаахтар түмсэллэр

17.01.2018
Бөлөххө киир:

Сунтаар улууһун Түбэйигэр айар куттаахтар түмсэллэр. Кыра нэһилиэктэн ааттаах-суоллаах суруйааччылар, ырыаһыттар, айар дьоҕурдаахтар олус элбэхтэр. Ол да иһин сахалыы тыыннаах ытык-мааны дьон саха төрүт култууратын, олохтоохтор айар куттарын уһугуннараары, сахалыы эмтэнээри, төрүт үгэһи тутуһаары балаҕан туттарга санаммыттар.


Сунтаар ытык-мааны алгысчыта Михаил Евсеев – Кураһаай Мэхээлэ оскуолаҕа үлэлии сылдьан дойдутугар сахалыы тыыннаах балаҕан тутуон баҕарар ыра санаата туолан, бу сайын балаҕан тутуутун саҕалаары өрө көтөҕүллэ сылдьар.

Олохтоох дьону, ыалдьыттары түмэр сыаллаах балаҕан тутуллуон иннинэ Кураһаай Мэхээлэ улууһун айар куттаахтарын аҕыйахтыы бөлөх оҥорон, түмэн санаа атастаһар, ситим олохтуур. Бастакы тэрээһиҥҥэ иистэнньэҥнэр, ырыа айааччылар, суруйааччылар кэлбиттэр. Кутанаттан “Ситии” түмсүү (сал.Валентина Дьячковская) олохтоохторго, тэрээһин кыттыылаахтарыгар сиэли хатыыга, кыбытык тигиигэ үөрэттилэр. Оттон айар-суруйар дьоҕурдаахтары түмэр “Ньургуһун” литературнай түмсүү “Кырсаада” диэн айар түмсүү кыттыылаахтарын кытта көрсөн, айымньыларын сайыннарарга сүбэ-соргу биэрдэ.

Маны таһынан кэлэр сайын Түбэй сиригэр Нөөрүктээйилэр түмсүөхтээхтэр. Сунтаар нөөрүктээйилэрин салайааччыта Трофим Егоров – Тирэҕэ. Быйылгы көрсүһүүгэ түөрт улуус нөөрүктээйилэрэ кэлэллэрэ күүтүллэр, онно тэрээһини үчүгэйдик торумнаан оҥоруохха наада диэн санаатын үллэһиннэ. Сатаннаҕына Нөөрүктээйинэн, Түбэй, Сунтаар ыһыахтарынан сырытыннарыы силигин ситиэхтээх.

Дьэ, бу курдук түбэйдэр айар куттаахтары түмэн, олохтоох дьону кэрэ, сырдык эйгэҕэ иитэллэр, саха төрүт култуура сайдарыгар сирдииллэр.

Мария КОБЕЛЬЯНОВА — ТУСКУЛААНА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru сайтка анаан.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0