Сыыс оту үргүүбүт (сүбэ)

Ааптар: 
24.02.2022
Бөлөххө киир:

Күн чэмэличчи тыган, хаһаайкалар, оҕуруотчуттар мантан саас арассаадаларын үүннэрэр, бэрийэр түбүгэр түһэллэр. “Сыыс оту хайдах суох оҥоробут?” – диэн үгүс оҕуруотчут толкуйдуур.

edersaas.ru

Маныаха хас биирдии уопуттаах оҕуруотчут бэйэтэ туттар ньымалаах. Үгүстэр сайыны быһа “охсуһаллар”. Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университет ойуур комплексыгар уонна сири оҥорууга факультетын агрономия уонна химия кафедратын старшай преподавателэ Мария Лукина биир ньыманы үллэһиннэ.

“Үгүс дьон оҕуруоппут, хортуоппуйбут сирэ сыыс оттонор дииллэр. Маны суох оҥорорго биир сүбэ баар. Ол курдук, холобур, хортуоппуйу олордон баран 7-8 хонугу ааҕыллар уонна сыыс оту үргэниллэр, тээпкэлэниллэр. Саҥа быган эрэр, эрдэ эҥин диир табыллыбат. Бу ыйыллыбыт күҥҥэ тахсан сыыс отун үргэнэр. Ити кэнниттэн эмиэ 7-8 хонугу ааҕан баран иккиһин тахсан сыыс оттонуллар, тээпкэлэниллэр. Дьэ оччоҕо сыыс от үүммэт. Дьон бу күннэрин таба туппакка куоттаран кэбиһэллэр, оҕуруоттарын аһын сыыска былдьаталлар”, — диэн этэр.

Тохсунньу, олунньу ыйдарга олордуллар үүнээйилэри манна биэрэһи, баклажаны олордууга сүбэлэри бу сигэнэн ааҕыаххытын сөп.

Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: naturae.ru

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0