Саха сиригэр физкультурнай хамсааһын 100 сылынан сүүс нэһилиэккэ спортивнай малы-салы биэрии түмүктэнэр.
2023 сылга Саха сиригэр спортивнай хамсааһын 100 сылынан «Здоровый наслег» бырайыак кыттыылаахтара — 100 нэһилиэк спортивнай малы-салы ылаллар. Бу 2021 сылтан саҕаламмыт бырайыак нэһилиэнньэ чөл, чэгиэн олоххо тардыһыыта улаатарыгар, физкултууранан уонна успуордунан утумнаахтык дьарыктаныытын тэрийиигэ туһуланар.
Өрөспүүбүлүкэ физическэй култуураҕа уонна маассабай успуорка управлениетын физкультурнай-чэбдигирдэр отделын начаалынньыга Зинаида Афанасьева этэринэн, нэһилиэктэргэ көхтөөх дьон турунуутунан, ЗОЖ актыыба тэриллибит. Онно успуорт, ГТО уонна уһун үйэлээх буолуу инструктордара киирэллэр. Инструктордар анал кууруска үөрэммиттэр. Онон кинилэр физкультурнай-чэбдигирдэр уонна спортивнай-маассабай тэрээһиннэри ыыталлар, ону сэргэ ГТО нуорматын миэстэтигэр туттарыыны тэрийэллэр.
«Биһиги «Здоровый наслег» бырайыагынан өрөспүүбүлүкэ физическэй култуураҕа успуорка управлениетын кытта сөбүлэһиигэ илии баттаспыппыт. Онтон ыла элбэх спортивнай тэрээһиннэри ыыттыбыт. Бу бырайыак баар буолан элбэх малы-салы, мэтээллэри, дипломнары ыллыбыт. Тэтиммитин ыһыктыбакка нэһилиэккэ араас спортивнай тэрээһиннэри тэрийэр баҕалаахпыт. Биһиэхэ элбэх хайысханы толорор успуорт комплексын тутуута түмүктэниэхтээх. Онон кэлэр сылтан олохтоохтор, ыччаттар успуордунан күүскэ дьарыктаныахтара», — диир Хатас нэһилиэгин дьаһалтатын салайааччыта Евгений Пермяков.
«Спортивнай малбыт-салбыт хаачыстыбата үчүгэй. Бырайыакка кыттыахпыт инниттэн күрэхтэһиилэри, түөлбэлэр, тэрилтэлэр, түмсүүлэр ортолоругар спартакиадалары ыытар этибит. Онон бу бырайыакка кыттыы олохтоохтору өссө көҕүлээн биэрдэ. Биһигини спортивнай пуорманан эмиэ хааччыйдылар. Инструктордарбытын үөрэттилэр. Бырайыакка салгыы кыттыахпытын баҕарабыт. Бу идиэйэни олоххо киллэрбиттэргэ олохтоохтор ааттарыттан махтанабыт«, — диэн Тулагы-Киллэм нэһилиэгин дьаһалтатын салайар Егор Попов санаатын үллэһиннэ.
Тоҕус сыл анараа өттүгэр РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин ыйааҕынан сөргүтүллүбүт — Готов к труду и обороне» Бүтүн Арассыыйатааҕы физкультурнай- спортивнай хамсааһыны ыытарга кэнники биэс сылга барыта 34 муниципальнай оройуон уонна 2 куорат уокуруга спортивнай-технологическай тэрилинэн хааччыллыбыттар. 2023 сыллаахха ГТО нуорматын туттарарга Саха сирин сэттэ тыһ. тахса олохтооҕо кыттыбыт. Санатан эттэххэ, ГТО Бүтүн Арассыыйатааҕы физкультурнай-спортивнай комплекс «Усупорт — олох нуормата» федеральнай бырайыагынан ыытыллар.
Саха сиригэр биэс сылга национальнай бырайыагынан уонтан итэҕэһэ суох успуорт эбийиэгин үлэҕэ киллэрэри былаанныыллар. Итинтэн алтата номнуо тутуллубут. Ол курдук, Ньурба оройуонугар Антоновкаҕа успуорт саалата, Жатайга сөтүөлүүр бассейн, Аллараа Бэстээххэ бассейннаах успуорт комплекса, Бэрдьигэстээххэ элбэх хайысханы толорор успуорт саалата, Мындаабаҕа успуорт комплекса, Бороҕоҥҥо доруобуйаны чэбдигирдэр спортивнай комплекс киирбиттэрэ. Маны сэргэ түөрт эбийиэк тутуллар. Олору 2024 сылга үлэҕэ киллэрэр былааннаахтар, ол иһигэр иккини — Дьокуускайга.
Биэс сылга уопсайа араас бырагырааманан, Саха сиригэр 32 улахан спортивнай эбийиэк аһыллыбыта. Ол түмүгэр физкултууранан уонна успуордунан тиһиктээхтик дьарыктанааччылар ахсааннара өрөспүүбүлүкэҕэ 1,7 төгүл улаатан, 2023 сылга нэһилиэнньэ уопсай ахсаанын 55% ылар.
СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата