Амма улууһун Болугур нэһилиэгин олохтооҕо, үрдүк үөрэхтээх экэнэмиис идэлээх Любовь Потапова икки үйэ алтыһар кирбиитигэр бааһынай хаһаайыстыбатын тэринэн үлэлээбит ийэтин Авдотья Васильевна дьыалатын салҕаан, 2017 сыллаахха хаһаайыстыба тэриммитэ.
Саҥа саҕалыыр бааһынай хаһаайыстыбаларыгар анаммыт бырагыраама куонкуруһугар кыттан, 2,7 мөлүйүөннээх граны ылбыта. Ол харчытыгар тирэҕирэн, сүөһү уонна дьоҕус тыраахтар атыыласпыта итиэннэ 50 сүөһү турар кыстык хотонун туттубута.
– Хотоммут эркинин сэндвич-панелынан оҥорбуппут, оттон үрдүн поликарбонатынан бүрүйбүппүт, инньэ гынан, сааскы өттүгэр сып-сырдык, электро-уот ынахтары ыырга эрэ холбонор, – диир Любовь Вячеславовна. – Быйыл 51 сүөһүнү, ол иһигэр 20 ыанньыгы кыстаттыбыт. Ону ийэлээх аҕабын кытары көрөбүн. Ааспыт 2019 сылга 51 туонна үүтү туттарбыппыт. Бааһынайдар дохуоту үүтүнэн эрэ аахсабыт, оттон үүт туттарбат буоллубут да, харчы киириитэ быстар, хаасса араастаһыыта тахсан хаалар. Ону суох оҥорор инниттэн осеменатордар куурустарыгар үөрэнэммин, ынахтарбын бэйэм искусственнайдык сиэмэлээн, сорох ынахтары кыһын эрдэттэн төрөтөн, үүтү сыл устата ыырга кыһаллабын. Билигин алта ынах төрөөн, курулуччы ыата тураллар.
Ходуһабыт тиийбэтинэн оппут сороҕун атыылаһабыт эбэтэр сир түүлэһэн эбии оттуубут. Үгүс бааһынай маннык кыһалҕалаах буолуохтаах. Сайын сүөһүлэрбитин Бэрдьигэс сайылыгар таһаарабыт, онно ийэм 2008 сыллаахха типовой бырайыагынан туттубут титиигэ баар. Бииргэ төрөөбүттэр бэһиэбит, бырааттарым куоракка олороллор, кинилэр сайын тахсан оттоһоллор, атын да үлэҕэ көмөлөһө сылдьаллар. Онон, тастан элбэх үлэһити туппаппыт. Арай, бу ааспыт сайын Дьарыктаах буолуу улуустааҕы киинин кытары дуогабардаһаммыт, олохтоох оскуола оҕолорун сайылык үлэтигэр көмөлөһүннэрбиппит. Ону бэйэбит да бэркэ биһирээтибит, оҕолор даҕаны сайыҥҥы уһун өрөбүллэригэр хамнас аахсан, үөрдүлэр-көттүлэр.
Хаһаайыстыба тэринэн үлэлээбитим номнуо үһүс сылыгар барда. Төрүт кэмсиммэппин, сөпкө дьаһаммыт эбиппин, ийэлээх аҕам өр сыллар усталарыгар сыраларын ууран тэриммит базаларын ыспатым. Уопсайынан, тыа сиригэр олорор ыал хайаан да сүөһү-ас ииттэн, оҕолорун үчүгэйдик аһатыахтаах-сиэтиэхтээх, үлэҕэ-хамнаска үөрэтиэхтээх. Мин уолум тоҕус саастаах, номнуо туһа киһитэ буолла. Уопсайынан, үлэ суох диэн быар куустан олорбокко, эдэр дьон бэйэлэрэ үлэни-хамнаһы тэриниэхтээхтэр.
Любовь Потапова ааспыт ыйга Москваҕа буолбут АККОР сийиэһигэр сылдьан, элбэҕи билэн-көрөн, үгүс саҥа былааннардаах кэллэ. Ол курдук, Тула уобалаһыгар “Ким фермерэ” диэн кэпэрэтиипкэ сылдьан сыыры оҥорууну билсибит итиэннэ элбэх ынахтаах хаһаайыстыба үүтүн бэйэтэ астыыра быдан көдьүүстээх буолсу диэн, Хаҥаластан тиийбит дэлэгээт Татьяна Скрябинаны кытары сыыры оҥорууга үөрэммит. Хаҥалас бааһынайа сыыры оҥорор тэрили хайы-сах атыыласпыт эбит, оттон Амма кыыһа бастаан ааҕынан-суоттанан, бары өттүнэн үөрэтэн көрөн баран, астыыр сыаҕы тэрийэр туһунан толкуйдуурга быһаарыммыт.
Раиса Сибирякова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru