Сорох дьон киһи аатын уларыттаҕына, дьылҕата уларыйар дииллэр. Кинилэр ортолоругар сыыппара дьайар күүстээх диэччилэр суох буолбатахтар. Оттон атыттар бу сирдээҕи олоххор уларытыыны киллэрии тус бэйэҕиттэн тутулуктаах диэн этэллэр. Уйулҕаһыт, нумеролог, киһиэхэ сөп түбэһэр ааты буларга көмөлөһөр Мариана Тимофеева туох диир эбитий?
— Мариана, үтүө күнүнэн. Кэпсэтиибитин эн ааккын ыйытыыттан саҕалыырбар сөбүлэһэр инигин? Эн ааккар Н буукубаҥ тоҕо хоһуласпатый?
— Мин аҕыс сыллааҕыта улаханнык ыалдьа сылдьыбытым. Быраастар эпэрээссийэ оҥоробут диэбиттэрэ. Ол кэмҥэ номнуо уонтан тахса сыл дьоҥҥо аат уларытан, киһиэхэ көмөлөһөрүн үчүгэйдик билэр этим. Киһиэхэ, уйулҕаҕа, доруобуйаҕа сыһыаннаах суруйуулары булан, хасыһан ааҕарым. Онтон сылтахтанан уонна оскуолаҕа орто сүһүөх кылааска үөрэнэ сылдьан сыыппара кистэлэҥин сэҥээрэн үөрэппиппинэн, миэхэ ааппын уларытар туһунан толкуй биир түүн соһуччу киирбитэ. Кэргэмминээн тута ааппар чугаһы көрдөөбүтүнэн барбыппыт. Марианна диэн ааттанаары төрөөбүт күммүнэн, ыйбынан, сылбынан, аттынааҕы сыыппараларынан суоттаабытым, араспаанньабар сөп түбэспэтэҕэ. Араспаанньам эмиэ баҕарбытым курдук табыллан биэрбэтэҕэ. Дьэ, оҕордук, арыт талбытыҥ курдук буолбат. Ол түмүгэр, биир эрэ Н буукубалаах Мариана Тимофеева буолбутум. Билигин эбитэ буоллар, сахалыы ааттаныах, араспаанньаланыах эбиппин.
—Былыргы грек үөрэхтээҕэ, улуу математик, учуонай Пифагор “Числа правят миром!” диэн этиитин, эбэтэр Ло Шу кыбадыраатын, Нострадамус көрүүлэригэр ыйыллыбыт сыыппараларын нумерологтар ордук тоһоҕолоон бэлиэтииллэр. Итиннэ эбэн этэр буоллахха, Наполеон, Линкольн, Гитлер, Сталин о.д.а. биллэр-көстөр дьон сыыппара кистэлэҥин улаханнык сэҥээрбиттэрин, билэ-көрө сатаабыттарын туһунан элбэхтик суруллар. Сыыппара киһиэхэ, кырдьык, оннук дьайар кистэлэҥнээх дуу, биитэр бу киһи бэйэтин албыннана сатааһына дуу? Эн тус бэйэҥ итиннэ тоҕо итэҕэйэҕиний?
— Оннук. Былыр -былыргыттан сыыппара күүһүн элбэх сүдү дьон туһаммыттара, үөрэппиттэрэ биллэр. Кырдьык, сыыппара кэпсиир кэпсээннээх, хас киһи ахсын дьайар кистэлэҥнээх. Ону тус бэйэбинэн эмиэ билбитим, итэҕэйбитим. Үөһэ эппитим курдук, ааппын уларытаат, биир-икки күнүнэн туругум тупсан, бэл, эпэрээссийэм тохтотуллубута. Уопсайынан, сыыппара кистэлэҥинэн дьаныһан дьарыктаммытым 21-с сылыгар барда. Оччолорго ааттарын уларыппыт балтыларым, бырааттарым “Эн эппитиҥ туолла” диэччилэр. Онтон уонна ааттарын уларыппыт, миэхэ сылдьыбыт дьон этиилэриттэн тирэхтэнэн, сыыйа илии сааһын көрөн үөрэтэр, тэҥниир буолбутум. Итиннэ учуутал уонна психолог идэлэрин ылбытым сүрдээҕин көмөлөспүттэрэ. Төрөппүттэрим да, бэйэлэрэ билбэттэринэн, хамсаабат бигэ тирэх уурбут буолуохтарын сөп дии саныыбын. Аҕам Михаил Тимофеевич Прибылых айылҕа араас дьиктитин наһаа сэҥээрэрэ, сулустары үөрэтэн тахсара эбитэ үһү. Оскуоланы кырылас биэһинэн бүтэрбит. Владивостокка техникумҥа үөрэнэн баран, тыылга онно хаалан, ылбыт идэтинэн балык собуотугар үлэлээбит. Хоту балык ыла кэлэ сылдьан буурҕаҕа муннахтарына, аҕам тыал-куус уоскуйарын, халлаан ырааһырарын кэтии сылдьан, сулустарынан сирдэтэн дьонноох-сэргэлээх сири булларара үһү. Тапталлаах ийэм Мария Николаевна Атласова иистэнньэҥ, быысыбайдьыт ааттааҕа этэ. Кини түннүк, аан, остуол сабыытыгар түһэрбит ойуулара-бичиктэрэ харахпар билигин да көстөн кэлэллэр. Онно хас сибэкки, сэбирдэх, араас оһуор-бичик баарын ааҕан-суоттаан тахсарым. Хас киэһэ ахсын дьоммут барыбытын тула олордон баран хаһыат, кинигэ ааҕаллара, аахтараллара. Онно да мин сүгүн олорбокко, кинигэ хас сирэйдээҕин, бу киэһэ быһа холуйан төһөнү ааҕыахтаахпытын таайа сатыырым. Төрөппүттэрбит иккиэн буҕаалтырдаабыттара. Баҕар ону көрөн, ол иһин да куруук суоттуу сылдьарым эбитэ буолуо.
—Дьон үксэ эйигин киһи аатын, араспаанньатын уларыттарар дииллэр. Тоҕо?
— — Ааты мин киһиэхэ тас көрүҥүттэн көрөн биэрбэппин. Төрөөбүт күннэринэн суоттаан баран үчүгэйи аҕаллын диэн сүбэлиибин. Манна диэн эттэххэ, биир сыыппара хас биирдии киһиэхэ тус-туспатык дьайар. Кимиэхэ эрэ сөп түбэһэр сыыппара атын киһиэхэ букатын атыннык дьайар. Хомойуох иһин, биһиэхэ дьон үксэ ону соччо итэҕэйбэт. Арыт төрүт өйдөөбөт, өйдүү да сатаабат, өсөһөр, мөккүһэр дьон кэлээччилэр. Оттон дьоппуоннар, кытайдар, эмиэрикэлэр сыыппара кистэлэҥин туһаммыттара ыраатта. Фэн-шуйу да көрүҥ. Син биир биһиги итэҕэлбит, сиэрбит-туоммут кэриэтэ. Түгэнинэн туһанан эттэхпинэ, фэн-шуйга Снежана Тихонова ылсан күүскэ уонна хорсуннук үлэлэспитин хайгыыбын. Гороскобу бастаан эмиэ тугу-тугу этэллэрий диир киһи элбэх буолара. Манна даҕатан эттэхпинэ, киһи төрөөбүт күнэ, ыйа, сыла, чааһа, бэл, олорор дьиэтин-уотун, төлөпүөнүн ньүөмэрдэрэ барыта киһиэхэ сыһыаннаахтар, ыкса сибээстээхтэр.
—Оттон ааттарын уларытар баҕалаахтарга син биир сүбэлиир, көмөлөһөр буоллаҕыҥ?
—Суоттаан баран, бу киһи аатын уларытара чахчы наада эбит буоллаҕына сүбэлиибин. Сыыппаранан бу киһиэхэ барсар ааттары булан биэрэбин, хас да аат тахсар. Олортон бэйэтэ талар. Ол гынан баран, арыт оннук түгэҥҥэ хаппырыыстаан турар дьон баар буолаллар. Эбэтэр сорохтор төрөппүттэрэ ааттаабыттарын, эбэтэр биир сөбүлээбиттэрин мүлчү ыһыктымаары ол соро буолааччы. Сорохтор “Миэхэ бу аат тоҕо барсыбатый” диэн баран “тиэрэ тэбинэллэр”. Мин ааты сыыппаранан эрэ биэрэр кыахтаахпын. Сыыппараны кытта мөккүспүт суох. Арай ханна да суох ааты ылынабын диир киһи айан миэхэ биэрэн аахтаран көрүөн сөп. Онтон атын сүбэ суох. Онно да сүгүн табыллан биэрээччитэ суох. Дьон ону сөпкө өйдүүрэ наада. Айар, суруйар дьон иккис ааты, псевдонимы, ылыналларыгар талар ыарахан. Тоҕо диэтэххэ, бүтүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн биир эрэ киһи оннук ааты сүгүөхтээх. Оннук талыллыбыт ааттар номнуо үлэлии сылдьаллар.
Үлэм итинниги ирдиир буолан, ааттарга ыйынньык оҥорбутум. Онно сэттэ тыһыынча аат киирбитэ. Сорох ааттары, араспаанньалары сайыннынар, байдынар, дьоллоох буоллунар диэн бэйэм айбытым. Дьэ, итинник. Ол эмиэ суоттааһын кэнниттэн, сөп түбэһэр буоллаҕына биирдэ бэриллэр.
—Ханныгын да иһин, төрөппүт оҕотун таптаан, дууһата иэйэн, барсар диэбит аатын биэрэр буоллаҕа. Эбэтэр өбүгэлэрин кэриэстээн, утуму салҕаары. Ону уларытар хайдаҕа буолла…
—Өбүгэ аатын утумнааһыҥҥа эмиэ сөп түбэһэр, түбэспэт диэн баар. Эппитим курдук, төрөөбүт сыыппараларын энергията сөп түбэһэр, үчүгэйи аҕалара элбэх буоллаҕына эрэ аймах аатын ылыахха сөп. Холобур, миэхэ 50-нун ааспыт, аҕатын аатынан ааттаах киһи кэлэ сылдьыбыта. “Аҕам мин сааспар сылдьан ыалдьан өлбүтэ. Мин эмиэ ыарыһах буоллум”, — диэн муҥатыйбыта. Онуоха иккиэннэрин төрөөбүт ыйдарын-күннэрин суоттаан баран, аатын уларытарга сүбэлээбитим. Толкуйдуу түһэн баран, боруобалаан көрүөм диэн буолта. Икки ый ааспытын кэннэ, ол киһибин суолга көрсөн баран нэһиилэ билбитим. Торуоскатын бырахпыт, баттаҕа хараарбыт, сирэйэ сырдаабыт, доруобуйата тупсубут, күлэ-үөрэ, кэпсии-ипсии сылдьар киһи буолбут этэ. Онон сөп түбэһэр ааты ыллахтарына, өбүгэлэрэ “мин ааппыттан аккаастанныҥ” диэхтэрэ суоҕа, үөрүөхтэрэ эрэ дии саныыбын. Дууһа да иэйэн биэрэр аатыгар эмиэ оннук, сыыппара сөп түбэһиэхтээх.
—Оччоҕо ол эппит киһиҥ аатын уларыттаҕына, сыыппаралар үлэлээннэр доруобуйата, олоҕо көнөн барар диэн этэр буоллаҕыҥ?
— — Элбэх киһи доруобуйаларын туруга, олохторо тупсубута, кыаҕырбыттара даҕаны. Итиннэ мин эбии ытыстарын сааһын көрөбүн. Аны өссө суоттаан доруобуйа сыыппаратын булабыт. Холобур, ити үөһээ кэпсээн аһарбыт киһибэр, ааккын чуо бу күҥҥэ суруйтаран ылаар диэн сүбэлээбитим. Арыт сорохторго төрөөбүт күннэригэр-дьылларыгар доруобуйа сыыппарата суох буоллаҕына, хайа кыалларынан суоттаан, булан тирэх буолар, көмөлөһөр сыыппараны таһааран, ыйан биэрэбин. Итинник араас албаһы бу сүүрбэ сыллаах үлэбэр булаттаан, туттан көрүтэлээтим. Саха киһитин сиэринэн улаханнык саҥарбаппын, этэҥҥэ.
—Буукубалар тус-туһунан эньиэргийэлээхтэр дииллэр. Холобур, А-күүс-уох, Б-доруобуйа, В – айар дьоҕурдаах, чэ, онтон да атын. Ол аата, киһи дьылҕатыгар оруоллаах буоллахтара?
— —Буукуба ордук киһи майгытыгар-сигилитигэр дьайар. Ол эрээри, аакка барытын наһаа тутуһар уустук. Мин суоттаан оҥорбут ыйынньыкпыттан, ардыгар, сорох дьоҥҥо нэһиилэ биир-икки эрэ аат сөп түбэһээччи. Сыыппаранан дьоҥҥо дьылҕаларыгар туһааннааҕы суоттуубун. Арай, өссө онно буукубанан эмиэ сирдэтэрим буоллар, арааһа, биир да аат тахсыа суоҕа эбитэ буолуо дуу дии саныыбын. Итиннэ мин биири бэлиэтиэм этэ. Ааты да уларыттахха, араас буолуон сөп. Ол курдук, уларытан олохторун тупсаран, оҥостон баран, майгылара-сигилилэрэ алдьаммыттар бааллар. Манна мин үксүн киһи майгыта хаанынан бэриллэрэ, утумнуура күүстээх эбит диэн бэлиэтии көрөбүн. Үөрэх да этэринэн, майгы-сигили киһиэхэ гороскобунан-ыйынан; илиҥҥи халандаарынан-сылынан; астрологиянан-планетанан; генетиканан-төрөппүттэрин, өбүгэлэрин хааннарынан бэриллэр. Утумнааһынынан талаан, биоэнергия, ыарыы, майгы, тас дьүһүн, о.д.а. бэриллэр. Итинник, киһи майгыны элбэх сыыппараттан уонна хаанынан ылар буолан дьоҥҥо маннык майгы баар, майгыгын көрүн диэн сүбэлээччибин.
—Сыыппара үлэлиир диэн этэҕин. Маныаха тыл күүһэ диэн эмиэ баар. Итинтэн сиэттэрэн ыйыттахпына, туора киһини бөрүкүтэ суохтук саҥарар, оруна суоҕунан үөҕэн муҥнанар, ордугурҕаан эрэйдэнэр, оннооҕор куһаҕаны баҕарар дьон баар буолаллар. Ол туоларыгар, туолбатыгар оччотугар чыыһыла, саҥарбыт бириэмэлэрэ, чаастара сабыдыаллыыллар дуу?
— —Тыл күүһэ баар. Ол иһин, “салгыны мээнэ хамсатыма” диэн этэр буоллахтара. Ханнык күҥҥэ, хас чааска саҥарыллыбытыттан тутулуктанар. Ол гынан баран, куһаҕаны баҕарбыттара, саҥарбыттара бэйэлэригэр төттөрү эргийэр. Эбэтэр бэйэлэрин түүйэн этэллэр.
—Билигин киһи барыта суотабайдааҕынан, төлөпүөн ньүөмэрэ диэн аһарбыккын иһин, итиннэ тохтоон ылыахпын баҕарабын. «Оцифрованный мир» кинигэ ааптара Сергей Кузнецов биир интервьютугар төлөпүөҥҥэ “0”, “4”, “8” сыыппаралары соччо биһирээбэтин биллэрэр. “0”—кураанах, иччитэх. “4” –толкуйга түһэрэр, сымыйалыырга сирдиэн, хараҥа толкуйдарга тиэрдиэн сөп диир. “8” – киһини харчыттан тутулуктаах оҥорорго үлэлиир диэн быһаарар. Оттон эн биһиэхэ итиннэ сыһыаннаан тугу эмэ сүбэлиэҥ этэ дуу?
—Итиннэ маннык этэбин, хас биирдии сыыппара туохха олоҕуран үлэлиириттэн эмиэ тутулуктаах. Холобур, массыынаҕа үчүгэй сыыппара дьиэ ньүөмэригэр барсыбат буолуон эмиэ сөп. Түгэнинэн туһанан эттэхпинэ, ритуальнай өҥөнү оҥорор сирдэр ньүөмэрдэригэр “0” баара ордук. Судургутук быһаардахпына, дьоҥҥо, дойду үрдүнэн доруобуйа, уһун үйэлэнии кэлэн, оччоҕуна ити өҥөнөн туһанааччы аҕыйыыр. Оттон “4” сыыппара, ардыгар, ханнык эрэ дьайыыга күүһүрэн олус үчүгэй буолан кэлэр. “8” да сыыппара араастаах. Ол иһин, сыыппаранан үлэлииргэ тустаах киһигэр сыһыаннааҕы барытын сиһилии билэн эрэ баран быһаарар, этэр ордук.
—Киһи үксэ тоҕо эрэ дьулайар, ахсарбат сыыппаралардаах ээ. Холобур, бээтинсэ 13, эбэтэр от ыйын 13 күнэ – абааһылар мунньахтыыр күннэрэ, 4 сыыппараны – абааһы олоппоһо дииллэр. Биир сыыппара үстэ хоһулаһарыттан букатын да куттаналлар. Итини туох диэн быһаарыаҥ этэй?
— — Дьиҥэр, ити эппит сыыппараларыҥ араас кэпсээн, кутталлаах киинэ буолан күүскэ тарҕаммыттарынан дьоҥҥо-сэргэҕэ итинник санаа үөскээн, олохсуйан хаалбыт. Биллэн турар, ити сыыппаралар хас биирдии киһиэхэ тус-туспатык дьайаллар. Ол тэҥэ, хас биирдии киһиэхэ дьоллоох уонна дьоло суох сыыппаралар диэн бааллар. Хоһулаһыылаах 666-тан, 444-тэн дьоппуоннар наһаа куттаналлар. Ол курдук, 90-с сыллар саҥаларыгар, Москубаттан Японияҕа көтөр рейскэ 666 сыыппара баар буолан, дьоппуоннар көтөллөрүттэн кыккыраччы аккаастанан тураллар. Онон ити сыыппараттан биирин көҕүрэппиттэригэр эрэ сөбүлэспиттэр диэн баар. Ити кинилэр сыыппара күүһүгэр күүскэ итэҕэйэллэрин көрдөрөр.
— Саҥа дьылга үөрэбит аҕай да, 31 сыыппараны эн этэриҥ курдук суоттаатахпытына, 3+1=4 тахсан кэлэр, абааһы олоппоһо. Аны туран, биир өттүттэн сыл бүтүүтэ уонна сыл саҥата чуумпуруохтаах кэмиҥ дииллэр. Атын да омуктары көрдөххө, холобур, кытайдар ити сыыппараны ахсарбаттар эбит. Бээтинсэ 13 чыыһылатын биирдии сыыппаратынан эптэхпитинэ эмиэ түөрт тахсар. Ол гынан баран, аны ити 13 сыыппарабытын дьоппуоннар, кытайдар, кэриэйдэр дьоллоох сыыппаранан ааҕаллар. Дьэ, хайатыгар итэҕэйэбит?
—Саҥа дьылбыт сыл түмүк күнэ уонна сарсыҥҥытыттан саҥа сылы саҕалыырбытын кэрэһилиир күн. Ол гынан баран, сыл бүтүүтэ уонна сыл саҥата, кырдьык, саха итэҕэлинэн киһи чуумпуруохтаах, иһиллэнэн көрүөхтээх, оргууй аҕайдык сылдьыахтаах кэмэ дииллэр. Бу аптаах бириэмэ да диэтэхпинэ сыыспатым буолуо. Ол иһин саҥа дьыл остуоруйа бириэмэтэ. Ити кэмҥэ үчүгэйи ыралааҥ.
— Көрбүөччүлэр киһини көрөн олорон, хироманнар илии сааһынан кэпсииллэр. Эн дьону төрөөбүт күннэринэн-дьылларынан суоттаан таһаараҕын? Уопсай түмүгү көрдөххө, биир киһиэхэ майгылаһары эппит буолаҕыт дуо?
—Көрбүөччүлэр айылҕаттан айдарыылаах ураты дьон. Оттон мин уйулҕа үөрэхтээҕэ буоларым быһыытынан, итиннэ барытыгар сыстан, төһө кыалларынан билэргэ-көрөргө кыһаллабын. Мин сыыппара сыыспат диэн бигэ санаалаахпын, тоҕо диэтэххэ, сыыппара чопчу наука буолан, кырдьык, сыыспат.
—“Пункт назначения” диэн сүрдээх кутталлаах киинэҕэ дьоруойдар ону-маны уларыта тутан, арыт, син кими эмэ быыһыыр түгэннэрдээхтэр. Эбэтэр “Бу күн айаннаама. Барыма-кэлимэ” диэн сүбэлэр баар буолаллар.
— —Итиннэ мин маннык хоруйдуом этэ. Холобур, дьылҕаҕа уларыйыыны киллэрэргэ, сыыппараны “албыннааһын” диэн баар. Мин ону оҥорон биэриэхпин сөп. Ол курдук, аат-суол уларытан, барыахтаах-кэлиэхтээх, айанныахтаах сыыппараларын көһөттөрөн, төлөпүөн ньүөмэрин уларыттаран, чэ, сити курдук элбэҕи этиэхпин сөп. Онон дьылҕаҕа уларыйыы киирдэ да, илии сааһа эмиэ уларыйан биэрэр. Ону өйдөөн көрүөххэ наада. Дьиҥэр, төрөөбүт сыыппара үксүгэр үчүгэйи биэрэр. 10-15 бырыһыан мөлтөҕү биэриэн сөп.
—Игирэлэр дьылҕалара хайдах буоларый?
—Игирэлэр биир сыыппаранан төрөөн баран, тус-туспа дьылҕаланаллар. Онно кинилэр ааттара, төрөөбүт мүнүүтэлэрэ, аттыларыгар баар сыыппаралара дьайаллар. Ону таһынан, ааттара тус-туспа буолан эмиэ дьылҕаларыгар уларытыы оҥорор. Ханнык эрэ түгэннэрэ олохторугар майгылаһар буолар. Биирдэ эмит да буоллар, отой үкчү олоҕу олорбуттар эмиэ бааллар. Ол аата, ылбыт ааттарын сыыппарата эмиэ сөп түбэспит буолар.
—Оттон кыыс оҕо кэргэн тахсан араспаанньатын уларыттаҕына?
— Араспаанньа уларыйдаҕына дьылҕаларыгар уларыйыы хайаан да баар буолар. Майгылара-сигилилэрэ, толкуйдууллара, олоххо көрүүлэрэ, доруобуйалара, о.д.а. Биллэн турар, тулалыыр эйгэлэриттэн ол эмиэ тутулуктанар. Хаста да кэргэн тахсан араспаанньаларын уларытан истэхтэрин ахсын, дьылҕаларыгар уларыйыылар буолан иһэллэр. Оннук кэтээн көрбүт кыргыттар бааллар.
—Төрөөбүт күн биир ый инниттэн уонна биир ый кэнниттэн киһиэхэ саамай кутталлаах кэрдиис кэм дииллэр. “Оруобуна төрөөбүт күнүгэр “барбыт”. “Соторутааҕыта эрэ төрөөбүт күннээбитэ”. “Аны аҕыйах хонугунан төрөөбүт күнэ буолуохтаах этэ” диэн кэпсииллэрин истээччибит. Эбэтэр, суолга буолбут элбэх киһи өлүүлээх биир быһылааҥҥа, пассажирдар баһыйар үксүлэрэ барыта биир ыйга төрөөбүттэр эбит этэ. Итиннэ тугу этиэххин сөбүй?
—Төрөөбүт күн иннинэ уонна кэнниттэн кутталлаах кэм диэн баар. Киһи уйулҕата ордук чарааһыыр, кэбириир кэмэ. Нуучча итэҕэлигэр этиллэринэн, ити бириэмэҕэ аанньаллар киһини соҕотохтуу хааллараллар эбит. Оччоҕо киһи көмөтө суох буолар. Ол иһин, ордук ити кэмҥэ чуумпутук, салгыны мээнэ хамсаппакка сылдьыллыахтаах диэн этэллэр. Аны туран, “сыыппаралар харсыһыылара” диэн эмиэ баар. Холобур, 2014 сыллаахха кулун тутарга Malaysia Airlines Boeing сөмөлүөтэ көтөн иһэн сүппүтэ. Ити күн наһаа элбэх 7 сыыппара үлэлээбит. Ити курдук, көрдөххө араас элбэх буолааччы. Ол гынан баран, ааҕааччылар ол аата 7 сыыппара кутталлаах эбит диэн өйдөөбөттөрүгэр сүбэлиибин. Сыыппара хас биирдии киһиэхэ тус-туһунаннык үлэлиир.
—Мариана, оттон өбүгэлэрбит сиэрдэрин-туомнарын төһө тутуһаҕыный?
—Айылҕа күүһүн сэргиибин, сэҥээрэбин, сиэри-туому итэҕэйэбин, төһө кыалларынан тутуһабын. Улуустарга ыҥырыллан үлэлии бардахпына, хайаан да алаадьылыыбын. Сири-уоту күндүлүүбүн, олохтоох дьоҥҥо илдьэ кэлбит кэһиибин уунабын.
—Мариана Михайловна, кэпсээниҥ иһин махтал. Дьоҥҥо-сэргэҕэ көмөлөһөн үөрүүнү үксэтиһэ тураргар баҕарабын.
Ыспыраапка
Мариана Михайловна Тимофеева Уус Алдан Дүпсүнүттэн төрүттээх.
Намҥа педагогическай училищены 1986 сыллаахха үөрэнэн бүтэрбит.
Ньурбаҕа — Чаппандаҕа, Уус Алдаҥҥа — Дүпсүҥҥэ, Нерюнгрига, Дьокуускай куорат 15-с №-дээх оскуолатыгар учууталлаабыт.
1990-с сылларга, хамнас кэлбэккэ эрэйдиир кэмигэр, Дьокуускайга парикмахер-стилист идэтигэр үөрэнэн, салон арыйан уонча сыл кэриҥэ үлэлэппит.
Москватааҕы САИ (ИГА) Саха сиринээҕи филиалыгар үөрэнэн психолог идэтин 2005 сыллаахха ылбыт.
Уйулҕаһыт, нумеролог быһыытынан, киһиэхэ сөп түбэһэр ааты булуунан дьарыктаммыта 21-с сыла.
Кэпсэттэ Сардаана БАСНАЕВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru