Чурапчы сэлиэнньэтин Арҕаа Бас куулата диэн ааттанар биир кэрэ миэстэтигэр, оччотооҕу кэмнэргэ дьикти-кэрэ көстүүлээх уһун субурҕа дьиэ баарын, оҕо сылдьан сөҕө көрөрбүн умнубаппын. Түннүгүн нэлииһинньигин уустаан-ураннаан оҥоһуллубут оһуора, атын дьиэлэргэ холоотоххо, олус кыраһыабайдык, уратытык көстөрө.
Аттынааҕы үрэххэ, муус-маҥан баттахтаах, уһун хойуу сулардыы бытыктаах сырдык хааннаах нуучча оҕонньоро тыынан уста сылдьан кытылга ииппит тууларын көрөрө харахпар бу баар курдук. Бултаабыт мундутун чугастааҕы ыалларыгар үллэрэрин мэлдьи көрөрүм. Бу ыалга оройуон биллэр-көстөр, ытыктанар дьоно ыалдьыттаан ааһаллара. Аны санаатахха, олус сөбүлүүр, убаастыыр киһилэрэ эбит этэ.
Оҕонньор ыалдьыттарын кытта дьиэ иһинээҕи-таһынааҕы сонуну эрэ буолбакка, ол-бу арааһы анааран астына кэпсэтэ олорор буолара. Кини кэллэксиэньиэр этэ — пуоста мааркаларын анал альбомҥа мунньан, дьоҥҥо көрдөрөрө. Дойдуну Сталин, Молотов салайан олорбут кэмнэринээҕи, ол да иннинээҕи сэдэх мааркалар, бэл кыраныысса таһынааҕылар кытта баалларын өйдүүбүн. Бу дьикти кэллиэксийэ билигин ханна хараллан сытара буолла…
Красильниковтартан ким эрэ эһэлэрэ муспут бу кэллиэксийэ-баайын, арааһа, күндү көмүс курдук ууран сытыарара буолуо, диэн бүк эрэнэбин. Кырдьык, ураты киһи хантан эрэ ыраахтан тиийэн-тэлэһийэн кэлэн, биһиги Чурапчыбытыгар олорон ааспыт, бэйэтин утумун, хаанын хаалларбыт эбит.
Мындыр, муударай, киэҥ көрүүлээх, сайдыылаах, элбэҕи билэр киэҥ-холку кырдьаҕас диэн кини туһунан ытыктабыллаахтык кэпсэтэллэрин истэрим. Ааспыт үйэ 60-с сылларыгар тыа сирин дьонугар пааспар биэрии саҕаламмыта, ол иннинэ Сэбиэскэй Сойууска пааспара суох киһи элбэх этэ. Оччолорго докумуону толорууга бу нуучча оҕонньоро Сепков диэн араспаанньалааҕа сыыһа суруллан, Сивцев диэн буолан хаалбыт. Арай аата уларыйбакка «Иван Иванович» диэн суруллубут. Ону дьонугар, истиҥ табаарыстарыгар: «Мою настоящую фамилию неправильно написали, жалко, конечно. Но ничего, и «Сивцев» подойдет – почти одинаково», – диирэ уонна күлэн кэбиһэрэ. Иван Иванович олох эдэригэр Саха сиригэр политсыылкаҕа кэлбитин Чурапчы олохтоохторо үчүгэйдик билэллэрэ. Кини олоҕун доҕорун, кэрэ аҥарын Чурапчыттан булбута. Хаамыйаҕа олохсуйбут омук дьонун Екатерина диэн кыыстарын кэргэн ылан, тоҕус оҕону төрөтөн, дьон-сэргэ ытыктыыр ыаллара буолбуттара.
Кини бу орто дойдуга суох буолбутун кэннэ мин төрөппүттэрим биһигини, кыра оҕолорун кытта, Чурапчы буойунатыгар үлэлии уонна үрдүттэн олоро, көһөн кэлбиттэрэ. Аҕабыт Семен Львович оробуочайдыыра, ийэбит Анна Степановна биһигини көрөрө-харайара. Ол саҕана Кеша Красильников диэн олус сэмэй, күлүүлээх, көрдөөх-нардаах уол биһиэхэ сотору-сотору таарыйан ааһара, аҕабытын, ийэбитин кытта олус тапсара, чэйдии олорон элбэҕи кэпсэтэллэрэ. Кинини кытта биһиги, обургу оҕолор, онно билсэн, доҕордоспуппут. Бултууругар ардыгар батыһыннаран илдьэ барара, онно Кеша көрдөөх-нардаах кэпсээннэрин истэн, күнү-дьылы билбэккэ аһарарбыт. Кеша Иван Иванович Сивцевтээх күтүөттэрэ буоларын, улахан кыыстарын Зинаиада Ивановнаны кытта олорорун дьиэтигэр сылдьан саҥа билбитим. Оччолорго Кешалаах бытырыыс курдук сыры-сыллатааҕы оҕолоро арыый улаатан, аҕа саастаахтара саҥардыы оскуола үөрэнээччилэрэ буолан эрэллэрэ. Ити сылларга Иннокентийдаахха, элбэх оҕолоох үлэһит ыалга, дьоллоро тосхойон, «Урал» матасыыкыл курдук хаһаайыстыбаҕа улахан наадалаах тиэхиньикэни лотереяҕа сүүйэн тураллар. Ол матасыыкылынан Чурапчы сэлиэнньэтин арҕаа өттүгэр сытар үрэхтэринэн, Төлөй Дириҥин чугаһыгар тиийэ айаннаан, Кеша миигин булка илдьэ сылдьара.
Чугас олорор буоламмын, киэһэттэн киэһэ дьиэтигэр үгүстүк сылдьарым. Оччотооҕуга тэлэбииһэр суоҕа, аралдьыйарбыт диэн, маҥан бырастыынаны экран оҥостон, диафильм көрөрбүт. Ол даҕаны биһигини сүрдээҕин сэргэхситэрэ. Иннокентий тутууга үлэлиирэ, солото суох, түбүк бөҕөҕө сылдьара. Зинаида Ивановна Кешата үлэтиттэн кэлэрин кэтэһэн, дьиэ уҥа түннүгүнэн, өргө диэри уулуссаны көрөн турар буолааччы. Аҕалара киирэн кэллэ да — дьиэ иһэ сырдыы түһэр курдуга, оҕо саҥатынан туолан, үөрүү-көтүү бөҕөтө буолара.
Зинаида Ивановна барахсан кэргэнин үүттээх итии чэйинэн көрсөрө. Ийэлэрэ буһарбыт аһын-үөлүн мотуйа-мотуйа, элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн, улахан остуолларын тула олорон, күннээҕи сонуннарын кэпсэтэллэрэ.
Мин биирдэ эмэ дойдубар Мырылаҕа андылыы барааччыбын. Онно Иннокентий уолун, аҕатын аатынан ааттаммыт Кешаны көрдөхпүнэ, туттардыын-хаптардыын, көрөрдүүн-истэрдиин, күлэрдиин үкчү аҕатын курдук дии санааммын «һык» гына түһэрим. Кини бу нэһилиэк кыыһын кэргэн ылан олорбута. Кеша эмиэ, эһэтэ Иван Иванович Сепков уонна аҕата Иннокентий Васильевич Красильников курдук, балыксыт бэрдэ этэ. Мырыла олохтоохторо кинини үчүгэйдик өйдүүллэр.
Уопсайынан, Зинаида уонна Иннокентий — бэйэ-бэйэлэрин итэҕэйсэр, улахан тапталынан сүрэхтэрин холбообут үтүөкэннээх ыал этилэр. Кинилэр тапталларын туоһута – уон биир оҕолоро. Зинаида Ивановна Дьоруой Ийэ бочуоттаах аатын ылбыта. Кини олоҕун устатын тухары «РайПотребсойууска» биэкэрдээбитэ.
Чурапчы сэлиэнньэтин олохтоохторун килиэбинэн хааччыйан, дьон-сэргэ ытыктабылын ылбыта. Иннокентий Васильевич, тапталлаах кэргэнэ, улахан ыал бас-көс киһитэ, оҕолор барахсаттар амарах аҕалара, хомойуох иһин, олохтон эрдэ туораабыта. Зинаида Ивановна билигин 86 сааһыгар сылдьар.
Төрөппүт оҕолоруттан сорохторо дойдуларыгар, ийэлэрин чугаһыгар бааллар, атыттар киэҥ сирдэринэн тэлэһийэн, Молдавияҕа, Санкт-Петербурга тиийэ ыал буолан олороллор.
Зинаида Ивановна 35 сиэннээх уонна 37 хос сиэннээх. Улахан кыыһа Вера, ийэтэ кырдьар сааһыгар көрөр-харайар киһитэ, кини аттыгар баар. Ийэ барахсан үөрбэт, астыммат буолуо дуо — күҥҥэ көрбүт бастакы оҕото, өйөбүл-тирэх буолар киһитэ, көрө-истэ сылдьарыттан. Бэйэтэ эмчит идэлээх Вера Иннокентьевна туһунан аҕыйах истиҥ тыллары этэн аһарыах тустаахпын. Кини, аҕалара өлбүтүн кэннэ бырааттарын, балтыларын көрүүгэ-харайыыга, атахтарыгар туруорууга ийэтигэр улахан көмө буолбута, дьиэ-уот кыһалҕатын барытын аҥардас хаалбыт күндү киһитин кытта тэҥҥэ үллэстибитэ.
Оттон ыаллар ийэлэрэ, эбээлэрэ, хос эбээлэрэ билигин да сүһүөҕүн үрдүгэр сылдьар. Оҕолоро тутан биэрбит дьиэлэрин тиэргэнигэр оҕуруот аһын уонна сибэкки арааһын дэлэччи үүннэрэн, тус бэйэтин холобурунан сиэннэрин туһа дьоно буоларга иитэр-үөрэтэр, үтүөҕэ-кэрэҕэ уһуйар.
Бу суруйуубун, Красильниковтар түмсүүлээх, иллээх дьиэ кэргэни үүнэн иһэр Саргылаах Саҥа 2020 сылынан эҕэрдэлээн, саҥа дьылга өссө үгүс ситиһиини, доруобуйаны, үөрүүнү баҕаран туран, Вера Иннокентьевна Күн күбэй ийэтигэр анаабыт хоһоонун ис сүрэхтэн тахсар истиҥ тылларынан түмүктүүм:
Сэппэрээк саҕа уҥуохтаах,
Кыырай-халлааҥҥа тиийэр кыахтаах,
Күҥҥэ тиийэр күүстээх,
Сырдыгынан сыдьаайар сэбэрэлээх,
Оҕолорунан оҕуруоламмыт,
Сиэттэринэн симэммит
Баараҕай тиит силиһэ,
Халыҥ аймах сүрүн киһитэ –
Кырдьаҕас ийэкэм барахсан,
Эн баар буолаҥҥын
Ымыы чыычаахпыт уйа туттар,
Дьолбут ырыатын ыллыыр.
Петр ОКОНЕШНИКОВ,
суруналыыс.
Ааптар хаартыскаҕа түһэриилэрэ уонна сороҕо Красильниковтар дьиэтээҕи архыыптарыттан.