Маны билэҕит дуо? Быыл саамай мустар сирэ — көтөр түүтүттэн оҥоһуллубут сыттык буолар, оттон өр туттуллубут поролоновай сыттыкка эбиитин түүнүк үөскүүр.
Быылга үөскүүр клещ олоҕун уһуна 30 күн. Кини кэнниттэн хаалбыт хаҕа, иигэ-сааҕа дьиэ быылын саам ай күүстээх аллергенынан буолар. Клещ ордук сииктээх уонна сылаас сири сөбүлүүр. Оттон тымныы килиимэккэ киһи олорор, утуйар сымнаҕас миэбэлигэр олохсуйар. Сөптөөх усулуобуйа суох буоллаҕына, сүүс да сылга утуйан хаалыан сөп. Онон кини үөскээбэтин наадатыгар утуйар тэллэххэ, сымнаҕас миэбэлгэ сотору-сотору сууйуллар чехол тигиэххэ наада. Уонна клещтэри суох гынар химикаттары сэрэнэн туттуохха сөп.
Аллергиялаах киһи утуйар таҥаһа дөбөҥнүк сууллар матырыйаалтан буолуохтаах уонна нэдиэлэ аайы уларытыллыахтаах.
«Саха ыалын халандаара», 2007 c.
«Бичик» («Айар») кинигэ кыһата.