Долгуйар дьоллоох Дьокуускай куорат тапталын эгэлгэтэ арылхай бөҕө буоллаҕа. Куорат ыччата сылаас сыһыан тэтимин кытта тыынар.
Билигин социальнай ситимнэр көмөлөрүнэн туох барыта оҥоһуллар. Эдэр киһи дьону кытта сыһыаҥҥа, кэпсэтиигэ үксүгэр килбик, сэмэй буолар. Арай, сүрүннээн таптал өттүн ыллахха, Сахабыт сирин эдэр дьонун тэбэр сүрэҕэр, үрдүк үөрэх кыһатыгар, улуу Максим Аммосов аатын сүгэр Хотугулуу – Илиҥҥи федеральнай университет ыччата киминэн, тугунан тыынан сылдьар?
Сэргэлээх устудьуон олоҕун быстыспат ситимэ, иэримэ дьиэтэ, эйгэтэ буолар. Биир биллэр социальнай ситимҥэ «Подслушано_Сэргэлээх» диэн сирэй баар эбит. Манна кимтэнэ биллибэт суруктары ыытыахха сөп. Ону бу сирэй таһааран иһэр: онно ыччат бэйэтин санаатыныын үллэстиэн, көннөрү ааҕан да кэбиһиэн сөп.
Таптал – киһи – аймах тыынар тыына, олох ис хоһооно, кэрэтэ. Ааҕааччыларбытыгар тапталга сыһыаннаах аҕыйах суруктары таһаарабыт.
Мэдиссиинискэй институтка миэхэ биир сайабылыанньаны суруйарбар үчүгэйкээн устудьуон уол көмөлөспүтэ. Үрүҥ халааттаах, иһинэн бороҥ спортивнай көстүүмнээх этэ. Илиитин, тыынын сылааһа кэлэр курдуга… Ханна бааргыный? Кинини иккистээн көрсүөхпүн баҕарабын, саатар социальнай ситимҥэ сирэйин булларбын…
Бүгүн сымнаҕас эһэ оонньуулаах уонна сибэккилээх уол кыыһыгар утары баран иһэрин көрөн наһаа да үөрдүм. Оннооҕор испэр ытыы сыыстым. Кыыс наһаа да дьолломмут көрүҥнээҕэ. Мин үһүс кууруска үөрэнэбин. Бүгүҥҥү күҥҥэ диэри биир эрэ күүстээх тапталлааҕым. Ол эрээри, соччото суохтук арахсыбыппыт. Өрүскэ иккитэ киирбэттэр дииллэр дии. Куттанабын. Ол да буоллар, тапталга ким баҕарбат буолуой? Хаһан эмит хорсун санааны ылынан, тапталга итэҕэйэр инибин.
Оскуолаҕа бииргэ үөрэммит кыыспын таптаатым. Ол эрээри, кини атын куоракка үөрэнэ барбыта. Мин көрөрбүнэн, уолламмыт быһыылаах. Итинтэн сылтаан хом санааҕа ыллардым. Кини онно барбытыгар хас күн аайы эрийэр этим, үчүгэйдик кэпсэтээччибит. Билигин аҕыйахтык суруйар буолла. Арай Саҥа Дьылга кэллэҕинэ, тапталга билиниэм буолаарай? Үчүгэй рестораҥҥа ыҥыран, сибэккилээх, сакаалааттаах көрсөрүм хайдах буолуой?
Бүгүн өйбүттэн таһаара сатаабыт кыыспын маҕаһыыҥҥа көрүстүм. Наһаа да кыраһыабай кыыс! Хайдах да умнубаппын. Биирдэ кинини көрдүм да, сүрэҕим миэстэтин булбат. Ол гынан баран, кини уоллааҕын билэбин. Бырастыы көрдөһөбүн, саатар манна истиҥ иэйиибин этиэм, тапталбар билиниэм.
Устудьуоннар бу суруктар туһунан санаалара
Констансия, 23 саастаах: Чугас эрэнэр, кэпсиир киһилэрэ суох дьон маннык суруйара буолуо дии саныыбын. Санааларын сурукка тиһэн чэпчииллэрэ буолуо, эбэтэр атын устудьуоннар санааларын истээри, сүбэлэтээри суруйар буолуохтарын эмиэ сөп. Тус бэйэм маннык суруктары ааҕаммын, дуоһуйар курдукпун.
Лена, 21 саастаах: Бу ыччаттары хайдах да гынан соҕотохсуйар дьоннор диэҥҥэ итэҕэйиэхпин баҕарбат курдукпун. Өссө да кэрэ күннэр – иннбитигэр күүтэллэр. Ол эрээри, соҕотох сылдьар эмиэ туох куһаннааҕый? Биһиэхэ уһуйааччыларбыт үһүс кууруска кэргэн тахса сатааҥ дииллэрэ, ону бөлөхпүт аҥаара күлэн кэбиһэрэ. Хас биирдии киһи бэйэтэ билэр буоллаҕа.
Айтал, 20 саастаах: Мин таптыыр кыыстаахпын. Уолаттар харса суох сөбүлээбит кыыскытыгар чугаһаан, билсэн иһиҥ диэхпин баҕарабын. Урут даҕаны эһэлэрбит, эбэлэрбит сурук нөҥүө тапталга билинэллэрэ да, бу ырытар суруктарбыт кимтэн буолаллара биллибэтэ соччото суох.