СҮРЭХ КИСТЭЛЭҤЭ: Дьоллоох да этим ааспыт сайын…

Ааптар:  Кумааҕы марайдыыр уол
18.01.2024
Бөлөххө киир:
Хаартыска: PxHere

Мин эһиги хаһыаккытынан таптыыр киһибэр бэйэм улахан махталбын уонна киниэхэ олоҕум тиһэх күннэригэр диэри сүгүрүйэрбин биллэриэхпин баҕарабын.

Бэйэм ыал аҕатабын. Онтон Кини уонча сыл балыс: эдэр, билиҥҥи кэм киһитэ. Олус дьикти, кэрэ киһи. Кини миэхэ бэлэхтээбит кэрэ түгэннэрин, доҕордуу истиҥ, ыраас сыһыанын мин сүрэхпэр илдьэ сылдьабын. Ааспыт сайыны санаатахпына түүл курдук көстөр, оннук дьоллоох эбиппин, аны санаатахха.

Кини үөрэҕэр бардаҕына, кэлэрин күүтэн эрэй бөҕөнү көрөрүм, күннэрин ааҕарым. Бэйэм да сөҕөбүн — кэлбит күнүн эппинэн-хааммынан билэбин-сэрэйэбин. Күҥҥэ кинини көрбөтөхпүнэ, эбэтэр куолаһын истибэтэхпинэ олох сатаммат этим. Билигин да оннукпун, куруук кэтэһэ-күүтэ сылдьабын. Төлөпүөн тыаһаатаҕына, оннооҕор дьиэбэр сылдьан »баҕар, кини буолаарай» дии саныыбын, манна эрийбэтин билэр эрээри. Күн аайы сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри кинини саныыбын көрсөн кэпсэтиэм диэн, кэлэр нэдиэлэни кэтэһэбин. Онтум кэм-кэрдиис аастар-ааһан иһэр, сороҕор, табылыннахпына, эбиэккэ кыра кэмҥэ көрөн ааһабын.

Урут күн аайы үлэбэр көрсөн кэпсэтэ түһэр этибит. Кинилиин порка дьон күүппүппүтүн, ойуурга сыал ыппыппытын, өрүскэ сылдьыбыппытын, көлүөһэ хачайдаабыппытын барытын-барытын өйдүү-саныы сылдьыаҕым, олоҕум устата умнуом суоҕа.

Мин син олоҕу көрбүт киһибин, ол гынан баран кини курдук миэхэ ким даҕаны истиҥ сыһыаны бэлэхтии илик, бэлэхтээбэтэ да буолуо. Миэхэ ыарахан кэмнэрбэр, бэйэтэ да билбэтинэн көмөлөһөн, өйөөн турар, ону хаһаан да умнубаппын. Төлүүр-төннөрөр да кыаҕым суох, оннооҕор хаста да түһэн биэрбитим, күндү киһибин. Ону санаатахпына бэйэбиттэн бэйэм кэлэйэбин. Ол иһин сүһүөхтээх бэйэм сөһүргэстээн туран киниттэн, күндү Киһибиттэн, көрдөһөбүн бырастыы гынарыгар.

Саас мастыы сылдьан кэҕэттэн ыйыппытым, аны хас сыл кинини көрөбүн диэн, ону 16-та эппитэ…

Дьолу-соргуну, туох баар бу сиргэ кэрэни, ырааһы баҕарабын Эйиэхэ — күндү Киһим!

Оо, кэрэ да сайын

Оо, сылаас да сайын

Кэлэн ааспыта эчи

түргэнин.

Массыына ыытаргын,

Мичээрдии тураргын,

Эн илииҥ сылаалын,

Эн санааҥ ырааһын,

Умнуом дуо мин, ама

Олоҕум устата.

Умнуом дуо мин, ама

Эйигин.

Күннэр-дьыллар

аастыннар,

Бардыннар ыраата.

Арай Эн мөссүөнүҥ

Сүрэхпэр куруутун

Эдэркээн доҕорум

Олоҕум аргыһа

Эйиэхэ куруутун

Махтана туруоҕум

Эдэркээн доҕорум,

Олоҕум үөрүүтэ

Эйиигин куруутун

Мин таптыы сылдьыаҕым.

«Эдэр саас» хаһыаттан, 06.03.1996

+1
0
+1
0
+1
4
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0