Олох диэн таайыллыбат таабырын. Ким даҕаны инникитин, буолуохтаах олоҕун тымтыктанан көрбүтэ суох. Сыл-хонук үлэ үөһүгэр сырыттахха биллибэккэ да ааһар. Дэлэҕэ этиэхтэрэ дуо кырдьаҕастар, олох түннүк нөҥүө чыычаах элэс гынарыныы түргэнник ааһар диэн. Мин биир билэр кыыһым туһунан кэпсиэхпин баҕарабын. Кини аата Сайаана диэн.
Сайаана оскуоланы туйгуннук бүтэрэн, Дьоллоох Дьокуускайга устудьуон дьоллоох кэмнэрэ саҕаламмыттара. Уолаттар билсэ сатыылларын аахайбакка, бастаан үөрэх, үлэ, онтон биирдэ ыал буолуоҕум диэн бэйэтигэр сыал-сорук туруоруммута. Биэс сыл элэстэнэн түргэнник ааспыта. Билигин Сайаана отутун ааспыт үлэ үөһүттэн ордубат кыыс. Бииргэ
үлэлиир, доҕордоһор кыргыттара бары ыал буоланнар, соҕотохсуйбут да курдук буолааччы. Кыргыттара «хаһан ыал буолаҕын?» диэтэхтэринэ барыах-кэлиэх сирин булбакка, «кэм кэлиэ» диэн куотунара. Кистээбэккэ эттэххэ, кини даҕаны ол кэми наһаа күүтэрэ, үлэлии охсон, дьиэтигэр тиийэн, ас астаан, таптыыр кэргэнин көһүтүөн баҕарара. Биирдэ эмэ «таах сибиэ устудьуоннуу сылдьан, биир эмэ билсэ сатаабыт уолу кытта ыал буолан хаалбаккабын» диэн санаалар киирэн ааһааччылар. Оччоҕуна сүрэҕэ күүскэ тэбэн ис иһиттэн долгуйан ылара.
Биир үтүө күн мэлдьи буоларын курдук үлэтиттэн сылайан, киэһэ тиийэн тугу астанарын толкуйдуу иһэн, хараҥа муннукка киһи ынчыктыырын истэн соһуйан, төттөрү куота сыспыта. Хайыах муҥун билбэккэ биир сиргэ тэпсэҥнии түһээт, хараҥа муннугу өҥөйбүтэ, биир киһи умса түһэн баран сытар эбит. Сирэйиттэн-хараҕыттан көрдөххө, испэт-аһаабат, мааны таҥастаах киһи, туох буолан сытарын ыйыталаста. Киһитэ «көмөлөс, баһаалыста» диэн нэһиилэ биир тылы этээт, өйүн сүтэрэн кэбистэ. Сайаана сүүрэн тахсан суолтан массыына тохтотон, балыыһаҕа илтэ. Балыыһаҕа түрүлүөн бөҕөтө буолла. Ол быыһыгар быраас «кимэ буолаҕын?» диэн дьыала толорторбутугар, уулуссаттан булбутун кэпсээтэ. Дьиэтигэр тиийэн, уһун киэһээни быһа ол киһи өйүттэн тахсыбата. Сарсын балыыһаҕа бара сылдьарга сананна.
Сайаана күнү быһа үлэ күнэ бүтэрин кэтэһэн, дьэ, алта буолбутун көрөөт балыыһаҕа ыстанна. Балыыһаҕа тиийэн палаата аанын аргыый сэгэтэн арыйбыта, хата киһитэ уһуктаҕас сытар
эбит. Кини диэки соһуйбуттуу көрөөт, «бэҕэһээ миигин быыһаабыт кыыскын дуо?» диэн, махтал тылын эппитэ. Ол күнтэн ыла Сайаана балыыһаҕа наар үлэ кэннэ тиийэр буолбута. Ас илдьэрэ, кэпсэтэллэрэ, арааһы барытын ырыталлара. Уол аата Саша диэн эбит. Ааспыккахараҥа муннукка кыыстан суумкатын
былдьыы турар уолаттары кытары охсуспутун кэпсээбитэ.
Бу дьикти көрсүһүүттэн икки соҕотох сүрэххэ таптал уота умайбыта. Саша ыйтан ордук балыыһаҕа сытан тахсыбыта. Cыл аҥара буолаат, уоллаах кыыс олохторун холбуурга санаммыттара. Түргэн баҕайытык барыта табыллыбытыттан Сайаана олох соһуйбатаҕа даҕаны. Өр да өр күүппүт, кэтэспит кэмэ кэллэҕэ. Хас биирдии киһиэхэ үөһэттэн анаммыт
аҥардаах, олоҕун тухары бииргэ буолар холоонноох доҕордоох. Дьылҕа Хаан ону араастык, сороҕор хойутаан да буоллар, көрүһүннэрэр аналлааҕын Сайаана холобуруттан итэҕэйдим.
Лев ВАРЛАМОВ