Киһи олоҕор таптал хаһан баҕарар соһуччу кэлэр. Онно анаан бэйэм олоҕум саамай кэрэ, умнуллубат түгэнин кэпсиэхпин баҕарабын.
Оскуолаҕа үөрэнэр сылларбар миигиттэн биир сыл балыс Витя диэн уол таптыыра. Көстөр дьүһүнүнэн сахаҕа кыраһыабай диэххэ сөп. Уһун көнө уҥуохтаах, кэтит
сарыннаах. Спордунан сөбүлээн дьарыктанара. Бэйэтин лаппа кыанар быһыылааҕа. Араас күрэхтэһиилэргэ өрүү миэстэлэһэрэ. Табах, арыгы диэни олох утарара. Майгытынан даҕаны олус боростуойа. Оскуолаҕа ыытыллар биэчэрдэргэ өрүү аттыбар сылдьа сатыыра. Кылааспытыгар төрүөт буланөрүү киирэрэ. Чугас табаарыстара миигин таптыырын бары билэллэрэ. Кинини элбэх кыыс сөбүлүүрэ. Оччолорго тоҕо эрэ кинини аахайбат этим. Өйүм-санаам барыта үөрэхэрэ этэ.
Оскуолабын бүтэрэн, юрист идэтигэр туттарсар былааннааҕым. Дьүөгэлэрим, бииргэ үөрэнэр кыргыттарым: «Акаары, итинник үчүгэй уолу аны көрсүөҥ суоҕа! Мин эбитим буоллар…» — диэн өрүү этэллэрэ.
Сайын кэлэн, БКЭ-бин этэҥҥэ туттаран, баҕалаах үөрэхпэр киирбитим. Баҕа санаам туолан эрэриттэн, сэмээр испэр үөрэрим. Ол күн дьүөгэбин көрсөөрү, пааркаҕа кэтэһэ олордум. Арай ол олордохпуна кэннибэр:
— Привет, Маша! – диэн билэр куолаһым иһилиннэ. Саҥа хоту эргиллибитим Витя үөрбүт харахтарынан мин диэки көрөн турар эбит. Кинини көрөн тоҕо эрэ ис-испиттэн олус үөрбүппүн өйдүүбүн. Баҕар, билэр киһибин көрсүбүппүттэн буолуо, баҕар, ол күн санаам көтөҕүллэ сылдьарыттан эбитэ дуу? Витя утары кэлэн илиитин уунна. Долгуйбута таһыгар биллэр.
— Хайаа, Витя, привет! – диэн хардаран дорооболостум, илиибин ууннум. Аттыбар олорон туох сонуннаахпын ыйыталаста. Үөрэххэ киирбиппин истэн миигиннээҕэр ордук үөрбүт курдук буолла.
Кини куоракка убайын аахха дьиэ тутуһа киирбит эбит. Итинник күннээҕи сонуннарбытыттан саҕалаан, кэпсэтэн, күлэн-үөрэн киирэн бардыбыт. Бу санаатахха эрдэ айах атан кэпсэтэ да илик эбиппит. Ол олорон испэр «Витя киһи эрэ истэ олоруон курдук кэпсиир эбит ээ» диэн санаан ыллым. Кини бэһиэлэй кэпсээнин истэ олорон чаастан ордук бириэмэ ааспытын билбэккэ да хааллым. Суумкабар сыппыт төлөпүөнүм баарын биллэрэн тыаһаабытыгар эрэ, дьүөгэм кэлиэхтээҕин санаатым. Төлөпүөммүн көрбүтүм кырдьык, дьүөгэм эрийэр эбит. Ылан кэпсэттим, кыайан кэлбэт буоллум диэн биллэрдэ. Бириэмэ эрдэ буолан дьиэлиэхпин соччо баҕарбаппын.
Витя олоро түһэн баран:
— Маша, киинэҕэ барыахха. Манна кэлэн баран, чугас доҕотторум суох буоланнар, киинэҕэ да сылдьа иликпин, – диэтэ. Бириэмэ атаарар баҕаттан сөбүлэстим. Киинэбит бүппүтүн кэнниттэн, сатыы куорат устун хаамса түһэргэ сананныбыт. Хааман иһэн Витя араас күлүүлээх түгэҥҥэ, мүччүргэнээх сырыыларга түбэспитин кэпсээн дэлби күллэрдэ. Мин кинини ити күн адьас атын харахпынан көрбүтүм. Ыал улахан оҕото уонна аҥардас ийэтигэр эрэ иитиллибит буолан, өйө-санаата улахан киһи курдуга. Оскуолаҕа сылдьан киниттэн куота көтөр бэйэм, бу күн бүтүөн тоҕо эрэ баҕарбат этим. Кинини көрсүбүппүттэн испиттэн үөрэ санаабытым. Итинник күлэн-үөрэн өссө да сылдьыах киһини күн киириитин саҕана дьонум ыҥыраннар дьиэбэр барар буоллум. Хатыҥ Үрэх диэки барарбын истэн, кини дьоно эмиэ онно олороллорун эттэ. Инньэ гынан аргыстаһан барар буоллубут. Дьиэбэр диэри атааран биэрбитэ. Бу күнтэн ыла, иллэҥ кэммитигэр өрүү көрсөр буолбуппут. Көрсөр кэммитин олус күүтэрим, омуннаан эттэххэ, долгуйар этим. Биирдэ дьүөгэм: «Витяны көрсүөххүттэн ыла адьас уларыйбыккын» — диэн киһини ууга-уокка түһэрбитэ. Нэһиилэ испиттэн: «Биир дойдулааҕым, чугас табаарыһым ээ» — диэн ыган таһаарбытым. Итийбититтэн сэрэйдэххэ, иэдэһим биллэрдик кытарбыт буолуохтаах. Мин куоракка үөрэхпинэн практикаланан баран, устунан үөрэнэ хаалар буолбутум. Оттон Витя сайыҥҥы уһун каникула бүтэн дойдутугар барар кэмэ кэлбитэ. Барыан иннинээҕи күн түүннэри куорат устун күүлэйдээбиппит.
Ыытыахпын адьас баҕарбат этим. Кини даҕаны барыан баҕарбата биллэрэ. Хоту улуус буоламмыт кэлэргэ-барарга сөмөлүөппүт билиэтэ олус ыарахан. Арай Саҥа дьыл өрөбүллэригэр эрэ дойдубар таҕыстахпына көрсүөхпүтүн сөп курдуга. Онно тахсарым да биллибэт. Саатар суотабай сибээс ол саҕана дэриэбинэбитигэр суоҕа. Ол күн кинилиин аан бастаан уураспытым. Кинини бу аҕыйах күн иһигэр таптыы охсубуппун онно билбитим. Санаабын көтөҕөн:
«Эһиил оскуолабын бүтэрэн куоракка киириэм дии.Оччоҕуна бииргэ буолуохпут», — диэбитэ. Биһигини уһун унньуктаах кыһын эрэ араарар курдуга. Күһүн буолан үөрэх дьыла саҕаламмыта. Хоту улуустан сылдьар буоламмын, уопсайга эрэйэ суох киирбитим.
Хата, бэйэм курдук үөрэх эрэ диэн баран муннукка ытаабыт кыргыттарга түбэспитим. Күүлэй туһунан санаан да көрбөт этим. Испэр сайын эрэ буоларын күүтэрим. Ол эрэн, тоҕус ыйдаах, томороон тымныылаах кыһын бүтүө буоллаҕына бүтэн испэт. Киһи күүттэҕинэ бириэмэ өссө бытаарарга дылы.
Витя дьиэтээҕи төлөпүөнүттэн өрүү эрийэрэ. Кини куолаһын истэн ахтылҕаным син ааспыкка дылы буолара. Кини миигин итэҕэйэрэ, өйдүүрэ. Эгэ, күнүүлүүр туһунан саныа дуо. Саҥа дьыл өрөбүллэригэр харчым суох буолан дойдубар кыайан барбатаҕым. Саҥа 2006 сылы Витялыын төлөпүөн нөҥүө кэпсэтэн көрсүбүппүт. Уһун өрөбүллэргэ таах сылдьыбатаҕым. Маҕаһыыҥҥа атыыһыттыыр эдьиийбин, харчылаһа таарыйа, солбуйбутум. Олохпор маҥнайгы хамнаспын 5000 солкуобайы эдьиийим биэрбитэ. Итинник уһун кыһын бүтэн, сааскы сиэссийэ саҕаланан, сааһы билбэккэ да хаалбытым. Этэҥҥэ сиэссийэбин сабан, уопсайым хоһун туттаран, Витям куоракка киирэрин күүтэбин…
Билигин номнуо уонча сыл ааспыт эбит. Тапталлаах Витябынаан холбоһон олорбуппут номнуо 7 сыл буолла..Оскуолатын бүтэрээт, инженер идэтигэр университекка үөрэнэ киирбитэ. Биир сыл үөрэнээт даҕаны, күһүҥҥү хомуурунан аармыйаҕа сулууспалыы барбыта. Этэҥҥэ сырыттахха биир сыл биллибэккэ ааһар эбит. Кини кэлбитин кэнниттэн сүрэхпитин холбоон, ыал буолбуппут. Биир уол, биир кыыс оҕолоохпут. Уон сыл анараа өттүгэр бу уолга эрэ кэргэн тахсыам дии санаабатаҕым. Витя холбоһорбут саҕана, миигин бастаан ахсыс кылааска сылдьан сөбүлүү көрөрүн туһунан кэпсээбитэ. Мин аахайбаппыттан олус кыһыйара, санаарҕыыра эбитэ үһү.
…Оттон дьүөгэм мин Витялыын кэпсэтэ, күлэ-үөрэ олорорбутун ыраахтан көрөн,мэһэйдээмээри “кэлбэппин”диэн эрийбит эбит.
Мария, «Эдэр саас» архыыбыттан