Кэргэним сымнаҕас майгылаах, олус үлэһит киһи. Миигин таптыыр. Кыра оҕону курдук бүөбэйдиир. Көстөр дьүһүнэ даҕаны куһаҕана суох. Элбэх кыыһы “ытаппыт” буолуохтаах. Оттон мин кинини таптыыбын диэхпин тылым тахсыбат… Убаастыыбын диир сөбө буолуо. Миигин биир санаа, ханна эрэ дууһам түгэҕэр саһан сытар кистэлэҥ өйбүн-санаабын сыппах быһах курдук аалар. Бэл диэтэр, түүн аайы түһээн кинини көрөбүн. Ардыгар кэргэммин кини аатынан ыҥыра сыһабын. Түүн аайы биири саныыбын…
Мин орто баай ыалга маанытык иитиллибит суос-соҕотох кыыс оҕо этим. Дьонум ыал буолан олорон өр оҕоломмокко сылдьыбыттара. Онтон түөрт уоннарын лаппа ааспыттарын
кэннэ Айыы таҥара кыыс оҕону бэлэх ууммута. Ол да иһин атаахтык ииттэхтэрэ. Аҕам баҕа санаатын толорон соҕуруу үрдүк үөрэххэ экэнэмиис идэтигэр туттарсан киирбитим.
Төһө даҕаны маанытык иитиллибитим иһин, дьонум кырдьан эрэллэрин үчүгэйдик өйдүүрүм, аһынарым.
Кинилэри эрэ хомоппот баҕаттан үөрэхпэр олус кыһалларым. Ол иһин кинилэр биэнсийэлэрин сыыһыттан ылбат туһугар үөрэҕим кэннэ уопсайым аттыгар турар кафеҕа официанныырым. Оннук үөрэхпин бүтэрэр сылым бу тиийэн кэлбитэ. Ол күнү бэҕэһээ эрэ буолбут курдук чуолкайдык өйдүүбүн.
Бырааһынньыкка КИНИНИ, Максимы, аан бастакыбын көрбүтүм. Ол киэһэни бииргэ атаарбыппыт. Сыыйа күн аайы көрсөр, күүлэйдиир буолбуппут. Аҕыйах хоноот таптыырын эппитэ. Хас көрсүһүүбүт аайы сибэкки, сакалаат бэлэхтиирэ. Барыта аһара түргэнник сатанан эрэриттэн олус куттанарым. Ол эрээри кинитэ суох сатаммат буолбуппун билбитим. Таптал соһуччу кэлэр дииллэрэ кырдьык эбит. Онтон… туох этэй? Биир күн күүлэйдээн баран кини куортамнаан олорор дьиэтигэр тиийбиппит. Ол түүн онно хоммуппут. Сарсыныгар Максим биллибэтэҕэ. Эрийэ сатаабытым төлөпүөнэ арахса сылдьар этэ. Онтон өйүүҥҥүтүгэр ханнык эрэ биллибэт нүөмэртэн эрийэн: “Мин кэргэннээхпин. Кэргэним
билэ илигинэ арахсыах. Кэргэним уоппуската бүтэн манна кэлбитэ”, – диэт эппиэппин да истибэккэ туруупкатын ууран кэбиспитэ. Албыннаппыппын онно эрэ билбитим. Дьиҥэр билсибиппит, сылдьыбыппыт ый да буолбатаҕа ээ. Албыннаппыт буоламмын, аны эр дьону барыларын оннуктар дии саныырым. Кэлин биир да уоллуун билсибэтэҕим.
Оттон кэргэним икки сылы быһа эккирэппитэ. Бастаан кылгас кэмҥэ көстөн баран сүтүө дии санаабытым. Суох. Күн аайы кэлэр этэ. Кэнники үөрэнэн да хаалбытым. Кэлбэтэҕинэ
суохтуур этим. Ханна сылдьарын эрийэн ыйыппыппын билбэккэда хааларым.
Оннук үчүгэйдик билсэн, дьиҥнээхтик таптыырын билэн баран, кэргэн тахсарга сөбүлэспитим. Билсибиппит, бииргэ олорбуппут тухары таптыыбын диэбиппин өйдөөбөппүн. Убаастыыбын. Оттон дьонум кыахтаах ыалга кийииттээн эрэрбиттэн үөрэллэр эрэ этэ. Төһө да баай ыалга иитилиннэр, олус боччумнаах, үчүгэй майгылаах уол. Алта
сыл бииргэ олорбуппут тухары биирдэ да куолаһын соноппото. Мин баҕа санаабын толорор баҕаттан барытын оҥорон иһэр. Дьиҥнээхтик таптыырын өйдүүр буоламмын аһары барбаппын…
Эмискэ Егор эрчимнээх илиитинэн кууспутугар саныы сыппыт санаам ыһыллан хаалла. Эрэллээх илиигэ куустарбыппыттан хайдах эрэ уоскуйарга дылы буоллум. Кулгаахпар уоһун
даҕайан: “Утуйууй, доҕоччугуом!” диэбитигэр бэйэм-бэйэбиттэн кыбыһынным. Ааспыт аастаҕа. Билигин мин атын киһи аналабын. Дьиҥ таптал олоххо биирдэ эрэ бэриллэр диэннэрэ
кырдьык эбит.
Сибэкки ИОНОВА
«Эдэр саас» архыыбыттан, 2015 сыл