Владимир Томскай-Күрүөкүннээх
Саас иһэр
Сырдык күн сыдьаайар
Сылаас тыал иэйиилээх
Сайаҕас санааны
Сүргэҕэ бэлэхтээн,
Саас иһэр, саас иһэр,
Саас иһэр, доҕоттоор.
Сүрэххэ ылаарар
Сүдү күүс иэйиилээх
Сүүрээннээх ырыаны
Соргутун айхаллаан
Саас иһэр, саас иһэр,
Саас иһэр, доҕоттоор.
Көҕөрө кылбаарар
Көччүйэр эйгэлээх
Күөх урсун киэҥ халлаан
Килбиэнин уруйдаан
Саас иһэр, саас иһэр,
Саас иһэр, доҕоттоор.
Онтуон
Сайын
Сайыҥҥы сай саба түһүүтэ
Саппах былыт кыбыстан саста,
Сыралҕан итиитин көһүтэ
Сибэкки чээл симэҕин ыста.
Ситэр-тупсар киэли өрүтүн
Сайын арыйан бүөм көрдөрдө,
Симэх ситэр дьикти көстүүтүн
Сата аптааҕа, бэл, сөхтөрдө.
Санаам—сайа охсор сайыммар,
Абырал мүөтүн бүөм иһэрбэр—
Сананабын уһун айаммар,
Алыы үрэҕэр эрдинэрбэр.
Чэлгиэн сирбэр өрө тыынабын
Чэчик сыттаах чэмэл хонуубар,
Чэчир анньан, тус мин аныыбын
Чээлэй күөх сирдээх—киэҥ дойдубар!