Быйыл саас сырдык хараҥалыын тэҥнэһиитэ кулун тутар 20 күнүгэр түүн 12 чаас саҕана (Москва бириэмэтинэн) буолар. Ол аата Саха сиригэр кулун тутар 21 күнэ үүнэр түүнүгэр буолар.
Бу күн экватор ортотугар (хотугу уонна соҕурууҥу полушариелар икки ардыларыгар) турдахха, Күн төбөҥ оройугар тыгар. Сылга иккитэ эрэ Күн чопчу илинтэн тахсар уонна арҕаа киирэр. Күн уһуна – оруобуна 12 чаас.
Былыр-былыргыттан дьоҥҥо-сэргэҕэ бу үөрүүлээх кэм. Бүгүҥҥүттэн ыла сырдыкпыт үксээн барар. Онон сууналлара-тарааналлара, ыраастаналлара, бырааһынньыктыыллара. Нууччалар чыычаах быһыылаах килиэби, бэчиэнньэни буһаран, бэйэ-бэйэлэригэр бэлэхтэһэллэрэ. Афганецтар, таджиктар, иранецтар, узбектар, казахтар “Навруз” бырааһынньыктара буолар.
Оттон астрологтар саҥа астрологическай сыл үүммүтүн бэлиэтииллэр – Хой (Овен) бэлиэтиттэн зодиак саҕаланар.
Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1