Сырдык бөһүөлэккэ сырдык дьон олорор

14.02.2020
Бөлөххө киир:

Мииринэй оройуонун Светлэй бөһүөлэгэ — Саха сирин эдэр бөһүөлэктэриттэн биирдэстэрэ. ГЭС тутааччыларыгар анаммыт толору хааччыллыылах, дьэндэспит таас дьиэлэрдээх, хатыҥ чараҥ хадьааһыннаах, толуу тиит тулааһыннаах, ыраахтан тунаарыйан көстөр тоҕойдордоох, бүгүл-таҕыл бүүрүктээх, бөлүөһэр сардаҥа долгуннардаах Бүтэй Бүлүү кытылыгар үүнэн-үөскээн тахсыбыт бөһүөлэк. 3000-тан тахса нэһилиэнньэлээх, араас омук олохсуйан олорор сирин дэгиттэр талааннаах саха дьонун кытта билиһиннэрэбин.

edersaas.ru

Глафира Спиридоновна Васи­льева: “Мин Үөһээ Бүлүү Оҥхо­­йуттан төрүттээхпин. Светлэй бөһүөлэгэр көһөн кэлээт, дьоно-сэргэтэ сайаҕаһын, аһаҕаһын, омуктаспакка бары биир ыал курдук иллээхтэрин бэлиэтии көрбүтүм. Бөһүөлэк турар сиригэр­­уотугар аастыйбыт үйэлэр да саҕана кыргыс илбиһэ түспэтэх, сэрии сэтэ-сэлээнэ ааспатах. Ол иһин, ыраас, бүтэй, сырдык дьайыҥнаах.

Былыр, арай, дэҥҥэ булчуттар буур тайаҕы, кыыл табаны сырсан, үрүҥ-хара түүлээҕи батыһан, дьулҕан дьолуо аргыстанан, Баай Байанайдарын маанылаан, алгыс бастыҥын алҕаан ааһаллара үһү. Ол алгыстар сыа-сыҕарым тылларыгар биһиктэнэ биэбэйдэнэн, чэчик талыыта, күөх күндүтэ, көтөр-сүүрэр арааһа силигилии-чэчи­риир сирэ-дойдута.

Мин сүтэн эрэр төрүт дьа­рыктарынан: түүлээҕи, тыһы имитиинэн, түүлээҕинэн иистэ­­ниинэн дьарыктанабын. Хайдах тыһы имитэри, этэрбэс тигэри, улларары үөлээннээхтэрбэр үөрэтэбин. Тайах тириититтэн түнэ, таба тириититтэн сарыы таҥастыыбын. Кэнсиэртэргэ, сыаҥкаларга кыттабын, хо­­һоон айабын. Быһатын эттэххэ, олус сэргэх, билиэн-көрүөн баҕалаах, сырдыкка-кэрэҕэ тардыһыылаах эйгэҕэ сылдьарбыттан астынабын.

Сыл аайы саҥаттан-саҥа та­­лааннаах саха дьоно үлэлии кэлэр. Холобур, быйыл Бэрдьигэстээхтэн кэлбит эдэр мусукаан Михаил Гоголев — үҥкүүһүт, ырыаһыт, хомусчут, дэгиттэр талааннаах. Оттон Амматтан кэлбит баянист Маркель Софронов “Туос тойуга” куруһуогу салайан эрэр.

Оһуокай тылын суруйаммын, эдэркээн Туйаара Дегтяреваҕа биэрбитим. Светлэй үбүлүөйдээх ыһыаҕар түөллэр түөлбэ саҕачча түһүлгэни төрүттээн, ыраахтан-чугастан ыҥырыллан кэлбит ыалдьыттар, бөһүөлэгин бар дьонун маанылаах махталын ылбыта. Ити курдук, оҕо дьону төрүт култуурабытыгар уһуйабыт. Туйаара сахалыы куукулалары оҥорон, Мииринэй улууһугар эрэ буолбакка, бүтүн өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр. Быйыл оҕо сурунаалын сакааһынан “Чуораанчык” уолу оҥорбута. Аны сайын сахалыы куукулаларын быстапкалыы алмаастаах куорат дэлэгээссийэтин кытары Турцияҕа барара былааннанар.

Степанова Екатерина Ва­си­льевна: “Бөһүөлэк сахалара төрүт үгэстэрбитин, тылбытын-өспүтүн өрө тутабыт. Ол курдук, ыһыах ыытыыта үгэскэ кубулуйда. Ордук бөһүөлэк 35 сааһын туолар үбүлүөйдээх ыһыаҕа сиэрэ-силигэ ситэриллэн, түһүмэлэ барыта тутуһуллан ыытыллыбыта. Ыһыахха ыалдьыттар ­ыраахтан-чугастан тоҕуоруспуттара. Арассыыйа араас муннугар олорор ГЭС тутуутун сала­йааччылара, маҥнайгы тутааччылар, Мииринэй оройуонун, ыаллыы улуустар дэлэгээсси­йэлэрэ.
Ыһыахха алгыс сиэрэ-туома ыытыллыбыта, күүстээх-быһый күрэхтэспитэ, араас омук аһа-үөлэ тардыллыбыта. Моҕол ураһалар кэккэлэспит, сиэллээх сэлэ тардыллыбыт, кэриэн айах кэккэлээбит, чороон айах чуоҕуспут түөнэ маҥан түһүлгэтигэр арылыйар таһаалаах саха куолара Туйаара Дегтярева уонна Надежда Кан ­оһуокайдатан доҕулдьутан, кылыһахтаах куоластара кыырай халлаан өрөһөтүгэр өрө көтөн тырымнаспыттара. Ол оһуокай дуораан буолан, доллоһуйа устубут дорҕоонноро дьон өйүгэр-санаатыгар умнуллубаттык хаалбыта”.

Николай Петрович Степанов: “Мин биби­лэтиэкэ иһинэн үлэлиир “АйТиКэт” кулуупка сылдьарбын аһара сөбүлүүбүн. Кулууп араас тэрээһиннэригэр барытыгар көхтөөхтүк кыттабын. Үс бастакы ыһыахтарга алгыс сиэрин-туомун ыыппытым, гостуруолларга сылдьарбыттан астынабын. Үөрүүнэн ыллыыбын, сыаҥкаҕа оонньуубун. Саха Саҥа дьылын — Ньукуолуну айылҕаҕа көрсөбүт. Норуоппут төрүт итэҕэлин, үгэстэрин, дьа­рыктарын үөрэтэбит, ыччаттарбытын төрүт култуурабытыгар сыһыарабыт. Саха биллиилээх дьонноругар аналлаах киэһэлэри тэрийэбит. Күн аайы дьарыктаах буолар, саҥаны билэр, биһиэхэ, сааһырбыт дьоҥҥо олус үчүгэй, сэниэбитигэр сэниэ, санаабытыгар санаа эбиллэр. Кулууппут дьонунуун алтыһар – дьол”.
Сырдык бөһүөлэк сахалара, дьэ, маннык алтан чэчири анньынан, тоҕой сэлэни туругурдан, саргылаах түһүлгэни ууһатан, дьол аргыстанан олороллор.

«Саха сирэ» хаһыакка, edersaas.ru анаан Александра ГРИГОРЬЕВА-САНДААРЫЙА,

Арассыыйа Суруналыыстарын, СӨ Суруйааччыларын сойуустарын чилиэнэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0