Нам улууһун Нам сэлиэнньэтигэр Екатерина Павловна уонна Фёдор Фёдорович Павловтарга анаммыт «Сырдык ыралаах дьоммут» диэн ахтыы-кинигэ сүрэхтэннэ.
edersaas.ru
Тэрээһиҥҥэ Намнааҕы педагогическай кэллиэс ойуулуур-дьүһүннүүр салаатыгар үөрэнэр элбэх устудьуон сылдьан, олохторун ыччаты иитиигэ-үөрэтиигэ анаабыт ытыктабыллаах бэтэрээннэрбит тустарынан сиһилии иһиттилэр.
Кинигэ бэйэбит дьоҕус типографиябытыгар бэчээттэннэ, бу «Айылҕаттан айдарыылаах учууталлар» сериянан тахсар алтыс кинигэнэн буолар. Кинигэ икки балаһаттан турар: бастакыта Фёдор Фёдорович туһунан, иккиһэ – Екатерина Павловнаҕа анаммыт.
Кинигэ бастакы балаһатын билиһиннэрдэххэ, кэллиэскэ 40 сыл үлэлээбит бэтэрээн Фёдор Фёдорович туһунан Саха сирин Худуоһунньуктарын сойууһун бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбит Юрий Спиридонов, билиҥҥи бэрэссэдээтэл Василий Амыдаев, СӨ искусствотын үтүөлээх диэйэтэлэ, скульптор Василий Бочкарёв кыыһа, художественнай мусуой научнай үлэһитэ Татьяна Павлова, кэллиэс урукку дириэктэрдэрэ В.П. Иванов, Е.В. Ядреева, биир идэлээхтэрэ, араас кэмҥэ киниэхэ үөрэммит устудьуоннар ахтыылара, бэтэрээн айар үлэтин сэргээбит дьон суруйуулара, дакылааттар, эҕэрдэ суруктар киирдилэр. Маны таһынан, Фёдор Фёдорович хаһыакка бэчээттэппит ыстатыйалара, киэн туттар, ситиһиилээх үөрэнээччилэрин испииһэктэрэ, быыстапкаларга кыттыыта, сүрүн үлэлэрин испииһэгэ уонна наҕараадалара түмүллэн киирдилэр.
Кинигэ иккис балаһата кэллиэскэ 27 сыл эҥкилэ суох үлэлээбит ытыктабыллаах Екатерина Павловнаҕа ананар. Манна киниэхэ үөрэммит дьоллоох, махталлаах үөрэнээччилэрин ахтыылара – норуодунай худуоһунньук, Арассыыйа худуоһунньуктарын академиятын Кыһыл көмүс мэтээлин кавалера Артур Васильев, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, Нам улууһун Ытык киһитэ, «Отуу уота» литературнай түмсүү салайааччыта Александр Дунаев, РФ Айымньылаах Худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ, РФ Суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, СӨ култууратын туйгуна Григорий Турантаев уо.д.а. ахтыылара, Екатерина Павловна-Таҥара Кыыһа Туску күүс-көмө буолбут дьонун махтал суруктара, бэйэтин алгыстара, ыччакка анаабыт кэс тыллара киирдилэр.
Кинигэ сүрэхтэниитигэр кэллиэс салалтатын аатыттан дириэктэри үөрэх чааһыгар солбуйааччы Семенова М.И., ойуулуур-дьүһүннүүр салааттан Колесов С.Н., Тавакалова Л.Е., Осипова Е.Д., бэтэрээннэр ааттарыттан Москвитина К.Д., Алексеева Л.С., Климовская А.С. уонна Хорунов В.В.—Дьэргэлгэн эҕэрдэ тыллары эттилэр, сибэкки дьөрбөтүн туттардылар. Музыкальнай эҕэрдэлэри устудьуоннар Оксана Жиркова («Дойдум ахтылҕана» ырыа) уонна Жанна Федотова («Кинигэлэртэн» гитара доҕуһуоллаах ырыа) Матвеева Ф.М. салалтатынан толордулар.
Тэрээһин ис киирбэхтик барбытыгар култуурунай кииммит үлэһитэ, музыкальнай салайааччы Александр Жирков көмөлөстө. Бэтэрээннэрбит Павловтар үөрэн-көтөн, махтаннылар. Үлэ-хамнас үүнэ-сайда турарыгар, олох-дьаһах санаа хоту табыллан иһэригэр алгыстарын анаатылар.
“Саха сирэ”, edersaas.ru саайтка анаан Прасковья БАЙАНАЕВА, Татьяна РУМЯНЦЕВА.
Ааптардар түһэриилэрэ.