«СЫП-2020» викторинатын эппиэттэрин тутуу болдьоҕо уһаата

02.03.2020
Бөлөххө киир:

Сааскы каникул кэмигэр «СЫП: Саха ыччатын — производствоҕа!» диэн оскуола оҕолорун идэҕэ туһаайар эспэдииссийэбит быйыл 20-с төгүлүн ыытыллыаҕа. Бырайыакка онус кылаас эрэ оҕолоро кыттыыны ылыахтара.

Викторина эппиэттэрин тутуу болдьоҕун уһаттыбыт, кулун тутар 8 күнүгэр диэри күүтэбит. 

Викторинаҕа толору хоруйдаргытын ыйыллыбыт аадырыска ыытыҥ. Толору хоруйдары биэрбит оҕолору Дьокуускай куоракка ыҥыран сирэй көрсөн кэпсэтэн, 20 бастыҥ оҕону талыахпыт. Кыттааччы тохсус кылааска сылдьан сүрүн эксээмэннэригэр физиканы эбэтэр химияны туттарбыт буолуохтаах. Оскуола кэнниттэн тиэхиньиичэскэй үөрэхтэргэ туттарсыан баҕалаах, инникитин ол идэни баһылыыр баҕалаахтары ылыахпыт.

Викторина ыйытыылара:

1. Кыһыл көмүһү, гааһы, таас чоҕу аан бастаан Саха сиригэр хас сыллаахха ханна булбуттарай?

2. Саха сиригэр таас чох аан бастаан ханнык нэһилиэнньэлээх пууҥҥа булуллубутай, хаһан уматык буолан тарҕаммытай?

3. Билигин Саха сиригэр таас чоҕу, гааһы, кыһыл көмүһү хостуур хас тэрилтэ баарый, ааттаталаа.

4. Таас чох, кыһыл көмүс уонна гаас-ньиэп хостонор сирдэрэ бэйэлэрин икки ардыларыгар ситимнээхтэр дуо? Бу ыйытыыны бэйэҥ хайдах өйдүүргүнэн быһаар.

5. Саха сирин үрдүнэн сылга төһө гааһы, таас чоҕу хостуулларый уонна туохха тутталларый?

6. «Сибиир күүһэ» бырайыак дойдубутугар тугу аҕалыа дии саныыгын?

7. Эн тоҕо «СЫП» бырайыакка кыттыаххын баҕараҕын? Сиһилии кэпсээ.

8. Урукку «СЫП» эспэдииссийэлэр туһунан тугу билэҕин? Хас сыллаахтан, ханнык хайысханан сылдьыбыппытый, туох тэрилтэлэри көрдөрбүппүтүй?

9. Эн санааҕар, айылҕа гааһа, таас чох, кыһыл көмүс туохтан үөскээбиттэрэ буолуон сөбүй?

10. Тыа сиригэр гаас кэлиитэ тугу аҕаларый? Өрөспүүбүлүкэ хас нэһилиэгэ гаас ситимнээҕий? Ааттаталаа.

Кыттыан баҕалаахтар викторинаҕа эппиэттэргитин syp.ykt@mail.ru электроннай аадырыска, эбэтэр эрэдээксийэ аадырыһыгар: Дьокуускай к., Орджоникидзе уул. 31 №-дээх дьиэтэ, 236-с хоско кулун тутар 8 күнүгэр диэри ыытыҥ, тиксэриҥ.

БОЛҔОЙ! Ааккытын, ханнык оскуолаҕа үөрэнэргитин, төлөпүөҥҥүт нүөмэрин толору суруйаргыт булгуччулаах! Б.т. 8-967-913-98-87.

«СЫП» бырайыак тэрийээччилэрэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0