СЫП оҕолоро Өймөкөөн көмүһүн хостуохтара

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Балаҕан ыйын саҥата “Эдэр саас” таһаарыы уонна “Мин-Инженербин” уопсастыбаннай тэриллии ыытар “Саха ыччатын — промышленноска” бырайыактарын чэрчитинэн десаан тэриллэн, эдэр суруналыыстар уонна инженердэр Өймөкөөҥҥө айаҥҥа туруммуппут. edersaas.ru

Айан сүрүн сыалынан үөрэнээччилэри Өймөкөөн улууһун көмүс хостуур тэрилтэлэригэр сырытыннараары, үлэ хаамыытын кытта билиһиннэрээри, аны эһиилги бырайыак хайысхатын олохтооһун буолар. “Эдэр саас” таһаарыы уонна “Мин-Инженербин” уопсастыбаннай тэриллии көҕүлээһиннэрин тэриллибит “Саха ыччатын – промышленноска!” (СЫП) бырайыак аҕыс сылы быһа үрдүкү кылаас үөрэнээччилэрин өрөспүүбүлүкэ арҕаа улуустарынан сырытыннаран, алмаас промышленноһын салаатын билиһиннэрэн кэллэ. Бырайыак түмүгүнэн оҕолор инники идэлэрин быһаарынан, техническэй хайысхалаах идэҕэ үөрэнэн, промышленноска үлэлиэхтээхтэр. Аҕыс сыл устата 16 экспедиция ыытыллыбытын тухары, манна 300-чэ оҕо кытынна. Олортон улахан аҥардара техническэй идэҕэ үөрэнэ, үлэлии-хамныы сылдьаллар.

Өймөкөөннөөҕү десааҥҥа суруналыыстары таһынан СЫП-6 кыттыылааҕа Аркадий Турантаев сылдьыста. Аркадий Сибиирдээҕи федеральнай университеты бүтэрэн, Удачнайдааҕы ГОК-ка үлэлээн уопутурбута. Билигин “Сахатранснефтегаз” тэрилтэҕэ үлэлии сылдьар. Кини саас ыытыллыбыт Дьокуускай – Кыһыл-Сыыр – Мирнэй – Ленскэй маршрутунан айаҥҥа экспедиция салайааччытынан сылдьыбыта.

“Эдэр саас” таһаарыы суруналыыстара бэйэлэрин бырайыактарын аны көмүс хостуур салааҕа хайыһыннарыахпыт. Өймөкөөнү мээнэҕэ талбатыбыт. Бастакынан, промышленнай улуус Саха сиригэр көмүһү хостооһуҥҥа инники күөҥҥэ сылдьар. Иккиһинэн, “Саха ыччатын — промышленноска!” бырайыак 2009 сыллаахха Өймөкөөн улууһун дьаһалтатын уонна “Саха сирэ” хаһыат “Эдэр саас” сыһыарыытын кытта биир кэмҥэ тэҥҥэ олоххо киирбитэ. Ол эрээри бу икки биир хайысхалаах уонна ааттаах кэскиллээх бырайыактар уонча сылы быһа күн бүгүҥҥэ диэри бэйэ-бэйэлэрин кытта алтыспакка, тус-туспа хайысханан сайдан кэллилэр. Ол курдук, 2012 сыллаахха Өймөкөөҥҥө көмүс хостооһунугар 250 ыччат үлэлии кэлбитэ. 2013 с. өрөспүүбүлүкэ араас улуустарыттан 500-тэн тахса, 2014 с. — 1150 эдэр исписэлиис уонна оробуочай ыччат кэлэн көмүскэ үлэлээбиттэрэ. Бу сыллар усталарыгар Өймөкөөн улууһуттан бэйэтиттэн 162 ыччат горняк идэтин баһылаата.

Десаан кыттыылаахтара бастакы күммүтүн Өймөкөөннөөҕү көмүс хостуур “Хаҥалас” хампаанньатыгар сырыттыбыт. Хампаанньаны Александр Карась салайар. Суруналыыстар сылдьар кэмнэригэр салайааччы суох буолан, хампаанньа кылаабынай инженерэ Пюрвя Кармадаев көрүстэ. Кини этэринэн, кэлиҥҥи сылларга тэрилтэ 400 үлэ миэстэтин арыйбыт.
— Мин көмүс хостооһунугар үлэлээбитим номнуо тоҕус сыл буолла. Үлэһиттэри булууга, үлэ бырайыагын оҥорууга эппиэтинэстээхпин уонна көмүс хостооһунун сүрүннүүбүн. Учаастактарбытыгар 1300-чэ киһи үлэлиир. Үлэһиттэр хаһыакка, телевидениеҕэ уонна интернеккэ биллэриилэри көрөн сайаапкаларын түһэрэллэр. Онно биһиги ханнык үлэ миэстэтэ баарын таһаарабыт. Араас дьон үлэлиир. Уопуттаахтар да бааллар, саҥа үлэлээн саҕалаабыт ыччат да баар. Үлэһиттэрбитин олорор сиринэн, аһылыгынан хааччыйабыт. Маны таһынан, уоппускаҕа баралларыгар айан харчытын толору төлүүбүт. Үлэлии үөрэммит, бэйэ-бэйэлэрин билэр дьон таһаарыылаахтык үлэлииллэр. Сүрүннээн ХИФУ-ну бүтэрбит дьону ыла сатыыбыт. Тоҕо диэтэр, биһиэхэ сүрүннээн геологтар, сир баайын хостуурга сыһыаннаах дьон наада. Оттон ХИФУ оннук идэлээх дьону бэлэмниир факультеттардаах. Элбэх устудьуон биһиэхэ быраактыкатын ааһар. Үөрэхтэрин бүтэрэн баран үлэлии киирэллэр. Дьиэ атыылаһалларыгар көмөлөһөбүт. Дьахталлар лабораторияларга, бухгалтерияҕа, остолобуойга уонна хаһаайыстыбаҕа үлэлииллэр. Уопсайа биэс участактаахпыт. Өссө алта учаастагы геологтар үөрэтэ сылдьаллар. Быһа холуйан үлэһиттэрбит 40% — олохтоох ыччат. Хампаанньа сүрүн соруга – геологическай чинчийиини ыытан, рууданан көмүһү хостооһуну сайыннарыы. Ол иһин сүрүн болҕомтону геодезическай уонна геохимическай чинчийиигэ уурабыт. Оччотугар бу билигин үлэлии турар сирдэрбитигэр 15-20 сыл үлэлиир кыахтаныахпыт.

“Хаҥалас” көмүс хостуур хампаанньа “Ольчан” учаастагар тиийэн көмүс хайдах хостонорун илэ харахпытынан көрдүбүт. Бу учаастак 1965 сыллаахтан үлэлиир. Көмүһү хостоон аҕалан анал аппараат – ГГМ-3 диэн промышленай прибор нөҥүө аһардаллар. Оччоҕо көмүс ыйааһына ыарахан буолан ууттан, буортан арахсан, аллараа эрэһиинэ көбүөргэ түһэн хаалар эбит. Ону үлэһиттэр хомуйан, күн бүтүүтэ, көмүһү тутар каассаҕа илдьэллэр.

“Ольчан” учаастак геологын Леонид Осиповы кытта кэпсэттибит:
— “Хаҥалас” көмүс хостуур хампаанньаҕа 2013 сыллаахтан көмүс үөскүүр сирин чинчийээччинэн үлэлээн саҕалаабытым. 2015 сылтан көмүһү хостуур участакка көспүтүм. Бэйэм Уус Майаттан төрүттээхпин. СГУ Геолого-разведовочнай факультетын бүтэрбитим. Наука академиятыгар аспирантураҕа үөрэнэн 2013 сыллаахха бүтэрбитим. Идэбин олус сөбүлүүбүн, ис сүрэхпиттэн үлэлиибин. Атын да оройуоннартан манна элбэх ыччат үлэлиир. Сыл аайы кэлэллэр. Хампаанньа дьон үлэлииригэр туох баар усулуобуйаны барытын тэрийэр.

Салгыы көмүһү тутар каасса баар учаастагар айаннаатыбыт. Манна көмүһү хостуур атын учаастактартан кэлбит көмүһү сууйан, уулларан кутуу оҥороллор. Көмүһү ыраах тайаан сытар учаастактартан суукка хайа баҕар кэмигэр аҕалыахтарын сөп, онон каасса суукканы быһа үлэлиир. Кутуулаах кыһыл көмүстэри Уус-Ньараҕа илдьэллэр эбит, онтон сөмөлүөтүнэн ыыталлар. Бу учаастакка өссө алдьаммыт тиэхиньикэни өрөмүөннүүр мастарыскыай үлэлиир. Үлэһиттэр олороллоругар анаан усулуобуйа барыта баар уопсай дьиэ, баанньык, остолобуой, босхо интэриниэт уо.д.а. баар.

Суруналыыстар бөлөхтөрүн атаарыы түгэнигэр “Хаҥалас” көмүс хостуур хампаанньа уопсастыбаннаһы кытта сибээһи олохтуур исписэлииһэ Вера Михалева:
— Кытаатыҥ, эдэр дьон, санаабыккытын салгыы олоххо киллэрэн иһиҥ! Уонча сыл устата олус кэскиллээх бырайыагынан үлэлиир эбиккит. Саҥаттан саҥа, сонунтан сонун сүүрээни олоххо киллэрэн иһэргит олус хайҕаллаах суол. Эһиги уоттаах хараххыт — үлэҕитин хайдахтаах курдук таптыыргыт туоһута. Өймөкөөҥҥө “төрөөбүт” ыллыктаах баҕа санааҕыт туолан, кэскиллээх дьыалаҕытыгар саҥа олук ууруллуннаҕа буолуохтун! — диэн үтүө тыллаах алгыс тылларын этэн, барыбытын олус үөртэ.

“Хаҥалас” хампаанньа Уус-Ньараҕа урукку Кыайыы болуоссатын реставрациялаабытын таһынан, бу аттыгар саҥа пааматынньыктары туоруортаабыт. Манна сүрүн пааматынньык аттыгар саха снайперын уонна нуучча саллаатын пааматынньыктара уонна байыннай тиэхиньикэ бааллар. Дьоруой куораттарга анаммыт туспа композияция ыалдьыттары, олохтоохтору үөрдэр.

Маны таһынан, «Хаҥалас» хампаанньа Уус-Ньаратааҕы Таҥара дьиэтэ ууга барбытын өрүһүйэн, саҥалыы өрөмүөннээбит.

Салгыы Усть-Ньараттан 120-чэ км тэйиччи сиргэ баар Тарыҥнааҕы кыһыл көмүһү хостуур хампаанньаҕа айаннаатыбыт. Хампаанньа арассыыйатааҕы “GOLD” диэн хампаанньалар бөлөхтөрүттэн биирдэстэрэ буолар. Учаастага урукку Дражнай бөһүөлэккэ баар Тарыҥ диэн сиргэ үлэлиир. Уус-Ньараттан маныаха диэри суол суох буолан, учаастакка диэри вахтовканан айаннаатыбыт. Суолу кыралаан да буоллар, хампаанньа бэйэтин суотугар оҥотторо сылдьар эбит. Тарыҥнааҕы хампаанньаҕа Александр Тулупцов диэн киһи генеральнай дириэктэринэн үлэлээн олорор. Ол эрээри, биһиги тиийэр күммүтүгэр бэйэтэ суох этэ, онон “Дражнай” учаастак салайааччыта Сергей Рябинин көрүстэ:

— “Дражнай” учаастагар көмүһү рууданан хостуубут. Аны билигин бу балаҕан ыйыгар хайаны байытар комбинат арыллаары турар. Үлэһиттэрбит Арассыыйа араас регионнарыттан уонна Саха сирин улуустарыттан кэлбиттэрэ. Үгүс үөрэх кыһаларын кытта дуогабардаахпыт, сыллата устудьуоннар кэлэн манна практикаланналлар, уопутураллар уонна үөрэхтэрин бүтэрэн үлэлии кэлээччилэр. Манна кинилэр олороллоругар усулуобуйа барыта баар: саҥа уопсай дьиэ, уу-хаар, ас, босхо интэриниэт, маҕаһыын уо.д.а.

Учаастакка көмүһү карьер хаһан, улахан массыыналарынан рууда таһан хостууллар. Карьеры нэдиэлэҕэ үстэ маассабайдык эстэрэллэр эбит, билигин муора таһымыттан 770-с горизоҥҥа үлэ бара турар. Рууданы 4 км тэйиччи турар фабрикаҕа илдьэллэр, онно анаан тиэхиньикэнэн бытарытан, сууйан, кыһыл көмүһүн араараллар. Манна үлэ суукканы суукканан тохтообокко барар, ол иһин үлэһиттэр сменанан арахсаллар.

Биһигини учаастагы биир гына учаастак инженер-эколога Антон Ивашкевич кэрийтэрдэ. Кини Тольяттитааҕы университеты бүтэрэн баран, интэриниэтинэн үлэ көрдүү сылдьан “ТЗРК” биллэриитин бэлиэтии көрбүт. Билсээт Өймөкөөҥҥө кэлбит, онон үлэлээбит сэттэ ый эрэ буолбут. Кини: “Тымныыттан куттамаппын, тулуйуохха сөп эбит. Эдэр дьон үлэлиирбитигэр усулуобуйа барыта баар. Үлэбин сөбүлүүбүн”, — диир. Антон учаастакка баар икки бэйэ оҥоһуу күөлэ баарын көрдөрдө. Бу күөлтэн бииригэр фабрикаттан рууданы сууйбут уулара түһэрин, ону хос-хос эмиэ тутталларын, кыырпах да саҕа кыһыл көмүһү мээнэҕэ хаалларыа суохтаахтарын туһунан кэпсээтэ. Иккис күөлү иһэр уонна суунар сыаллаах оҥорбуттар эбит. “Айылҕаҕа туох даҕаны куһаҕаны оҥорбоппут”, — диэн кэпсээнин түмүктүүр.

“Саха ыччатын — промышленноска” бырайыак салайааччыта Надежда Самсонова санаатын үллэстэр:
— Өймөкөөн улууһугар суруналыыстар бөлөхтөрө, нууччалыы эттэххэ, “разведкалаатыбыт”. Өймөкөөнү талыыбыт мээнэҕэ буолбатах. Дьиҥэр промышленность бу салаата Алдаҥҥа да, Уус-Маайаҕа да сайдыбыт сирдэрэ буоллахтара. Ол эрээри “Саха сирэ” хаһыат “Эдэр саас” сыһыарыыта Өймөкөөнү кытта ыкса сибээстээх диэххэ сөп. Ол курдук, биһиги 2013 сыллаахха Өймөкөөҥҥө ыытыллыбыт Ыччат ыһыаҕар пресс-киини үлэлэппиппит. Ол онтон ыла биһиги Өймөкөөн ыччатын лиидэрэ Станислав Григорьевы кытта ыкса сибээстээтик үлэлиибит. Бары ыытыллар өрөспүүбүлүкэтээҕи тэрээһиннэргэ Өймөкөөн ыччата өрүү бириистээх миэстэҕэ тиксэрин, инники күөҥҥэ сылдьарын көрө-истэ сылдьабыт. Уопсайынан, Өймөкөөҥҥө биирдэ кэлбит киһи бу үтүө дойдуга кэлэ эрэ туруон баҕарар. Ол да иһин буолуо, төһө да айана уустугун иһин, көмүс хостоһоонун салаатын билиһиннэриигэ Тымныы полюһун талбыппыт. Түгэнинэн туһанан, биһиги бастакы билсиһии сырыыбыт табыллыбытыгар улуус муниципалитетын, “Хаҥалас» уонна “Тарын» көмүс хостуур хампаанньалар салалталарыгар истиҥ махталбытын тиэрдэбит. Кинилэр көмөлөрүнэн биһиги икки күн иһигэр бэрт таһаарыылаахтык үлэлээтибит, көмүсчүттэр үлэлэрин кытта сиһилии билистибит. Хаһан да көрбөтөхпүтүн көрөн, сөҕөн-махтайан баран эрэбит. Бырайыак аҕыс сылы быһа үлэлээбитин тухары биһигини кытта 300 оҕо сылдьыбыт буоллаҕына, 200-һэ промышленность салаатыгар араас идэлэри баһылаатылар. Онон өрөспүүбүлүкэ оскуолаларын үрдүкү кылаастарын үөрэнээччилэригэр профориентационнай үлэни ыытарбыт олус туһалааҕын өйдөөн, оҕолорго аны көмүс хостооһунун салаатын хайаан да билиһиннэрэр санаалаахпыт. Онон мантан инньэ Өймөкөөн улууһун көмүсчүттэрин кытта ыкса сибээһи тутуһуохпут.

Манан биир нэдиэлэлээх десаан түмүктэннэ. Айан түмүгүнэн, эһиилгиттэн “Саха ыччатын – промышленноска!” бырайыакка кыттар оҕолор аны Дьокуускай-Өймөкөөн туһаайыыны тутуһуохтара.

Надежда Самсонова, Айтана Аммосова.

«Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0