2009 сыллаахтан бэттэх «Эдэр саас» хаһыат уонна «Я — ИНЖЕНЕР» диэн техническэй үөрэх кыһаларын бүтэрбиттэр түмсүүлэрэ кыттыһан ыччаты бырамыысыланнаска уһуйар, сирдиир «СЫП» бырайыагы үлэлэтэллэр. Сэттэ сыл тухары экспедиция алмаастаах Мирнэйгэ, Ленскэйгэ, гааһынан биллэр Кыһыл Сыырга, тайҕа быыһыгар тайаан сытар Таалакаан сиригэр, көмүстээх Алдаҥҥа, таас чохтоох Нерюнгрига сырытта. Сыл аайы оскуола оҕолоро «Эдэр саас» хаһыакка тахсыбыт викторина ыйытыыларыгар хоруйдаан, кэпсэтиинэн тургутугу ааһан, экспедицияҕа сылдьан инники идэлэрин талаллар, олохторун бырамыысыланнаһы кытта сибээстииллэр.[vc_tta_accordion][vc_tta_section title=»«СЫП-1»: Дьокуускайга» tab_id=»1487224715792-77867312-bee9″]
«СЫП» Дьокуускай куораттан саҕаламмыта. Тыа сирин оскуолаларыттан 25 оҕо талыллан, «Водоканал» эбийиэктэрин, гааһы тарҕатар станциялары, ууну ыраастыыр станцияны, «Сахатранснефтегаз», «Якутскэнерго» тэрилтэлэри көрбүттэрэ.
[/vc_tta_section][vc_tta_section title=»«СЫП-2»: бастакы ыраах айан » tab_id=»1487224715821-596a6602-666c»]Алта сыл анараа өттүгэр уон уол «СЫП-2” бырайыакка кыттан, Алдаҥҥа, Нерюнгрига баар бырамыысыланнас эбийиэктэрин, үлэни-хамнаһы кытта билсэн кэлбиттэрэ. Уолаттары Бүлүүттэн, Тааттаттан, Дьокуускайтан, Хаҥаластан, Уус Алдантан хаһыатынан викторина көмөтүнэн сүүмэрдээбиппит.
Экспедиция кыттыылаахтара оптуобуска олорон, биир нэдиэлэ устата Алдаҥҥа «Саха сирин тимир суоллара» АО-ҕа, промышленнай техникумҥа, мусуойдарга; Аллараа Кураанахха «Алданзолото» эбийиэктэригэр, автобазаҕа; Нерюнгрига «Якутуголь», «Нерюнгринская ГРЭС», «Нахот» эбийиэктэригэр сылдьыбыттара. Көмүс сиртэн хостонон, салгыы хайдах сыапачыкаҕа, ытарҕаҕа кубулуйарын билбиттэрэ. Тимир суолу аан бастаан көрбүттэрэ. Таас чоҕу, көмүһү хостуур баараҕай массыыналары сөхпүттэрэ. Бу – «СЫП» бырайыагынан бастакы ыраах айаммыт этэ. Уон күн устата оҕолор оптуобуска олорбуттара. Бу кэнниттэн, эһиилги сылыгар, сылдьыбатах сирбитин билэ-көрө «Дьокуускай – Бүлүү – Мирнэй – Ленскэй» маршрутунан айаннаабыттара.
«СЫП-2» бырайыак оҕолоро билигин Санкт-Петербурдааҕы политехническэй университекка, Киров аатынан Санкт-Петербурдааҕы лесотехническэй университекка, Аллараа Бэстээххэ тимир суол техникумугар о.д.а үөрэх кыһаларыгар үөрэнэ сылдьаллар. Бу экспедиция кэнниттэн уон «СЫП» ааста. Ол саҕана оскуола үөрэнээччилэрин бырамыысыланнаска тардар бырайыак саҥа «кынаттанан» эрэрэ. Бу «СЫП» кэнниттэн бырайыак биир, икки, үс эрэ сыллаах буолбакка, кыттыбыт оҕолор үөрэххэ киирэн, идэни баһылаан, Саха сирин промышленнай тэрилтэлэригэр үлэлииллэригэр тиийэ өр кэмҥэ тэнийэрэ өйдөммүтэ.
[/vc_tta_section][vc_tta_section title=»«СЫП-3»: экспедиция уһун тыыннанара биллибитэ » tab_id=»1487224720190-c9141b53-da1d»]
2010 сыллаахха «СЫП» бырайыак киэҥ далааһыннаммыта. Аҕыс күн устата 20 оҕо «Кыһыл Сыыр – Мирнэй — Ленскэй» хайысханан аан бастакытын айаннаабыттара. Алмаас, гаас, ньиэп, уот бырамыысыланнаһын сиһилии, баһыттан-
атаҕар диэри билсибиттэрэ. «Мир» карьерга, Ботуобуйа геолого-разведочнай экспедициятыгар, хайаны байытар фабрикаларга, «АЛРОСА» хампаанньа массыыналарын баазатыгар, Иирэлээххэ, Светлэйдээҕи гидроэлектростанцияҕа, «Востокнефтепровод», «Алмаздортранс», «ЛенскГаз» хампаанньалар эбийиэктэригэр сылдьыбыттара. Маннык хайысханан «СЫП» 2011 сыллаахха диэри айаннаабыта.
[/vc_tta_section][vc_tta_section title=»«СЫП-4» устудьуоннарга анаммыта» tab_id=»1487224722131-46ce5d89-5ce7″]
Бу сыл бырайыакка хайа уонна геология институтун 20 устудьуона кыттыбыта. Дьокуускай куоракка баар ГРЭС, “Сахатранснефтегаз ”айылҕа гааһын соҕотуопкалыыр уонна улуустарга тарҕатар собуоттарыгар, “Водоканал” хампаанньа эбийиэктэригэр сылдьыбыттара. Ону сэргэ, Лена өрүс аннынан туоратыллыбыт турбаны өрөмүөннүүр үлэ хайдах ыытылларын көрбүттэрэ.
[/vc_tta_section][vc_tta_section title=»“СЫП-5” “Уолан” гимназия оҕолоро» tab_id=»1487224723015-13b95831-fb83″]
Бырайыак күһүн балаҕан ыйыгар ыытыллыбыта. Манна Уус Алдан улууһун Мүрүтээҕи “Уолан” гимназия улахан кылаастарын оҕолоро кыттыыны ылбыттара. Эмиэ Дьокуускай куорат ГРЭС, “Сахатранснефтегаз ”айылҕа гааһын соҕотуопкалыыр уонна улуустарга тарҕатар собуоттарыгар, “Водоканал” хампаанньа эбийиэктэригэр сылдьыбыттара.
[/vc_tta_section][vc_tta_section title=»«СЫП-6»: Таалакааҥҥа тиийбитэ» tab_id=»1487224972407-65a785f1-2e56″]
2011 сыллаахха «СЫП-тар» Саха сирин саамай арҕаа уһугар тиийэ сылдьыбыттара. «Сургутнефтегаз» хампаанньа Таалакааннааҕы ньиэби хачайдыыр станциятын илэ харахтарынан көрбүттэрэ. Кинилэр өрөспүүбүлүкэ бэрт аҕыйах олохтооҕо сылдьыбыт сиригэр — Таалакааҥҥа көтөр чиэскэ тиксибиттэрэ. Бары даҕаны гаас, ньиэп эйгэтигэр үөрэнэ барар былааннаахтара. Онон, кинилэргэ олус наадалаах сырыы буолан биэрбитэ.
[/vc_tta_section][vc_tta_section title=»“СЫП-7” бырайыак сэҥээриини ылар » tab_id=»1487224973769-f6c3c175-aa66″]
Бу сыл 25 оҕо кыттыыны ылбыта. Бу оҕолор билигин үөрэхтэрин бүтэрэн, үлэһит дьон буолбуттара. Бырайыак кулун тутар ыйга “Кыһыл Сыыр – Мирнэй – Ленскэй – Таалакаан” хайысханан ыытыллыбыта.
[/vc_tta_section][vc_tta_section title=»“СЫП-8” кыттааччы ахсаана элбиир» tab_id=»1487224975753-e67d5222-c8e7″]
Бырайыак кыттааччытын ахсаана сыл аайы элбии турар. 2013 сыллаахха өрөспүүбүлүкэ 29 оскуолатын үөрэнээччилэрэ сылдьыбыттара. Кинилэр бырайыак сүрүн хайысхатынан “Кыһыл Сыыр – Мирнэй – Ленскэй – Таалакаан” баран кэлбиттэрэ. Түөрт сыл иһигэр бырайыак өрөспүүбүлүкэҕэ улахан интэриэһи тардыбыта.
[/vc_tta_section][vc_tta_section title=»“СЫП-9” уонна “СЫП-10” сайыҥҥы экспедициялар» tab_id=»1487224978262-d5d2d4ab-363a»]
Бырайыак сайын устата иккитэ ыытыллыбыта. Иккиэн Дьокуускай куоракка. Араас оскуолалартан хастыы даҕаны оҕону мунньан, Дьокуускай куоракка баар бырамыысыланнас эбийиэктэрин көрдөрбүттэрэ.
[/vc_tta_section][vc_tta_section title=»“СЫП-11” Аллараа Бэстээххэ» tab_id=»1487224979572-656c0b40-69a0″]
2013 сылга төрдүс күһүҥҥү бырайыак
Аллараа Бэстээххэ ыытыллыбыта. Мэҥэ Хаҥалас улууһун киинигэр баар, үлэлии турар бырамыысыланнас эбийиэктэрин көрбүттэрэ. Онон бу сылга утуу-субуу түөрт бырайыак буолан ааспыта.
[/vc_tta_section][vc_tta_section title=»“СЫП-12” Иккис хайысханан» tab_id=»1487224980709-c898969d-1c41″]Бырайыак кыттыылаахтара билигин бары устудьуоннуу сылдьаллар. Кинилэр Нерюнгри – Алдан сылдьан, таас чоҕу уонна көмүһү хайдах хостуулларын, тимир суолу көрбүттэрэ. Манна 20 араас оскуола оҕото кыттыбыта.
[/vc_tta_section][vc_tta_section title=»“СЫП-14”» tab_id=»1487224981912-630605df-d2a9″]
13 куһаҕан сыыппара диэммит көтүтэн «СЫП-14» бырайыагы ыыппыппыт. 2015 сылга ыытыллыбыта. 70-ча сайаапка киирбититтэн, ирдэбил быһыытынан 20 эрэ оҕону ылбыттара. Бырайыак хайысхатынан “Кыһыл Сыыр – Мирнэй – Ленскэй”буолбута. Экспедиция кыттааччылара бу сыл кэккэ төрүөттэринэн Таалакааҥҥа көппөтөхтөрө. Ол оннугар, “АЛРОСА” хампаанньа туора дьон сылдьара көҥүллэммэт эбийиэктэригэр көҥүл ылан сылдьан, алмаас буортан хостонон, ыраастанан суортунан араарыллан тарҕанарын көрбүттэрэ. Ленскэйгэ тиийэн таһаҕас тиэйэр өрүс пордугар сылдьыбыттара.
[/vc_tta_section][vc_tta_section title=»“СЫП-15” “Сибиир күүһүгэр” » tab_id=»1487224983007-1f6a502e-2fcf»]
Өрүү буоларыныы, 20 оҕо кыттыыны ылбыта. Бу сыл кинилэр Таалакааҥҥа тиийэ сылдьыбыттара. Бу ааспыт бырайыак сүрүн уратытынан Ленскэй оройуонунан ааһар “Сибиир күүһэ” бүтүн Арассыыйатааҕы улахан тутууга сылдьыбыттара буолар. Турбалары олус түргэнник сыбааркалыылларын, күн устата хастыы эмэ биэрэстэ усталаах турбаны тардалларын истэн оҕолор сөхпүттэрэ аҕай.
[/vc_tta_section][vc_tta_section title=»“СЫП-16” туох күүтэрий» tab_id=»1487225265712-55bf87f8-b8d4″]
Надежда Самсонова, “Эдэр Саас” хаһыат эрэдээктэрэ, бырайыак салайааччыта:
— Быйыл “СЫП-16” экспедиция кулун тутар ый бүтүүтэ, ол эбэтэр сааскы каникул кэмигэр ыытыллыаҕа. Бырайыакка онус кылаас эрэ оҕолоро кыттыыны ылыахтара. Экспедиция хайысхата: “Кыһыл Сыыр – Мирнэй — Ленскэй”. Сахатранснефтегаз, “АЛРОСА”, “ЯТЭК”, “СургутНефтеГаз” уо.д.а. биллэр улахан хампаанньалар эбийиэктэригэр экскурсия тэрийиллэрэ күүтүллэр. Бүгүҥҥэттэн сайаапка хомуйан саҕалаатыбыт. Ол курдук, хаһыаппытыгар бэчээттэммит викторинаҕа толору эппиэттээн, ыйыллыбыт аадырыска ыытыҥ. Эппиэттээбит оҕолору Дьокуускай куоракка ыҥыран сирэй көрсөн кэпсэтэн, 20 бастыҥ оҕону талыахпыт. Быйылгыттан тохсус кылааска сылдьан сүрүн эксээмэннэригэр физиканы биитэр химияны туттарбыт буолуохтаахтар диэн ирдэбилбитигэр эбии киллэрэн биэрдибит. Оскуола кэнниттэн техническэй үөрэхтэргэ туттарсыан баҕалаах, инникитин ол идэни баһылыыр баҕалаах оҕону ылыахпыт.
[/vc_tta_section][vc_tta_section title=»Үөрэҕи кытта сынньалаҥы дьүөрэлээн» tab_id=»1487225920928-06b06705-1b5a»]
Экспедиция күнэ-дьыла сааскы сынньалаҥҥа түбэһэр буолан, оскуола оҕолоро «СЫП»-ка дуоһуйа сынньаналлар. Саха сирин араас муннуктарыгар бырамыысыланнас тэрилтэлэрин билсэллэрин таһынан кинилэр араас мусуойдарга, киинэҕэ сылдьаллар. Хаҥкылыыллар, сырылыыллар, хайыһардыыллар. Киэһээ аайы Доҕордоһуу биэчэрдэрин тэрийэллэр. Былырыыҥҥыттан саҕалаан, «Мисс уонна мистер-СЫП» күрэхтэһии кытта буолар. Уон күннээх айан, сыралаах үлэ, саҥа билсиһии түмүгэр, араас оройуоннартан мустубут биир интэриэстээх ыччат иллээх-эйэлээх дьиэ кэргэн кэриэтэ доҕордоһоллор уонна «СЫП оҕолоро» диэн ааттаналлар.
Билигин дойду араас үөрэҕин кыһаларыгар Москваҕа, Санкт-Петербурга, Новосибирскайга, Хабаровскайга, Иркутскайга, Томскайга, Красноярскайга уонна Саха сиригэр үөрэнэр устудьуоннар бэйэ-бэйэлэрин кытта социальнай ситимнэр нөҥүө билсэллэр. Кэлиҥҥи «СЫП оҕото» устудьуоннуу тиийдэҕинэ, «убайдара-эдьиийдэрэ» көрөллөр-истэллэр.
[/vc_tta_section][/vc_tta_accordion][vc_separator][vc_tta_accordion][vc_tta_section title=»«СЫП — 15« экспедиция кыттааччыларын санаата:» tab_id=»1487225997185-69b2e408-9caa»]
Александр Харбаев, Эдьигээн орто оскуолатын 11 кылааһын үөрэнээччитэ, “СЫП-15” кыттыылааҕа:
— Экспедицияҕа кыттыам иннинэ ханнык идэни баһылыырбын, ханнык үөрэххэ туттарсарбын буккуллар этим. Аахайбат даҕаны этим. Онтон бу бырайыакка кыттан баран, хараҕым аһыллыбыт курдук буолбута. Бэйэм Эдьигээн курдук хайалаах дойдуга төрөөбүт, улааппыт буоламмын, ХИФУ хайа институтугар туттарсарга быһаарынным. Экспедицияҕа сылдьан бырамыысыланнаһы сэҥээрэрбин, онно үлэлиэхпин баҕарарбын билбитим. Бу бырайыак сүрүн сыала: идэлэрин ситэ быһаарына илик оҕолорго көмөлөһүү. Онон мин курдук муна-тэнэ сылдьар онус кылаас оҕолоро быйылгы экспедицияҕа боруобаланан көрүҥ диэн ыҥырабын. “СЫП” көмөтүнэн олус элбэҕи билбитим-көрбүтүм. Быйыл БКЭ-бин физика уонна география биридимиэттэригэр туттарыам. Барыта табыллан, ХИФУ-ну бүтэрдэхпинэ, салгыы Мирнэйгэ баран “АЛРОСА” хампаанньаҕа үлэлиэхпин баҕарабын.
Айгыына Скрыбыкина, Намнааҕы Саха-французскай лицей 11-с “А” кылааһын үөрэнээччитэ, “СЫП-15” кыттыылааҕа:
— Мин бу бырайыакка сылдьан баран, оскуолабын бүтэрдэхпинэ чуолкай ханна барарбын быһаарынным. Ол курдук, БКЭ-м түмүгэ үчүгэй буоллаҕына, ХИФУ горнай институтугар туттарсыахпын баҕарабын. Онно кыайан киирбэтэхпинэ, киин үөрэх кыһаларыгар туттарсыам. Быйыл химия уонна физика биридимиэттэригэр эксээмэн туттараары сылдьабын. Мин “Саха ыччатын — барамыысыланнаска” бырайыакка кыттыбыппынан киэн туттабын. Элбэх саҥаны биллим. Бу бырайыак оҕолорго олус туһалаах. Техническэй үөрэҕи сэҥээрэр, инникитин бырамыысыланнаска үлэлиэн баҕарар эрэ дьон сылдьыахтарын наада. Хаһан даҕаны сылдьыбатах фабрикаларбытын, собуоттарбытын көрөн астынныбыт. Ону сэргэ, бу бырайыакка сылдьан элбэх доҕоттордоннум. Онон “СЫП” үөрэҕи таһынан сынньалаҥы өрө тута сылдьар бырайыак дии саныыбын.
[/vc_tta_section][/vc_tta_accordion]