«СЫП» экспедицияҕа кыттыҥ!

02.03.2017
Бөлөххө киир:

Сааскы каникул кэмигэр «СЫП: Саха ыччатын — промышленноска!» диэн оскуола оҕолорун идэҕэ туһаайар экспедициябыт быйыл 16-с төгүлүн ыытыллар. Быйыл бу экспедицияҕа уолуттан-кыыһыттан тутулуга суох, техническэй үөрэх кыһатыгар үөрэнэ барыан баҕалаах, тохсус кылааска эксээмэннэригэр химияны биитэр физиканы туттарбыт 10-с кылаас оҕолоро кытталлар. Викторина ыйытыыларыгар үчүгэйдик хоруйдаабыт оҕолор иккис түһүмэххэ тахсаллар. «Баар», «суох» эрэ диэн эппиэттэри туппаппыт, кэҥэтэн, сиһилии суруйарга кыһаныҥ.

Викторина ыйытыылара:

  1. Айылҕа гааһын аан бастаан Саха сиригэр ханна булбуттарай?
  2. Айылҕа гааһа аан бастаан ханнык нэһилиэнньэлээх пууҥҥа, хаһан уматык буолан тарҕаммытай?
  3. Билигин Саха сиригэр хас гаас хостонор сирэ баарый, ааттаталаа.
  4. КПГ, СПГ уонна СУГ диэни быһаар, туох уратылаахтарый?
  5. Саха сирин үрдүнэн сылга төһө гааһы уонна туохха тутталларын билэҕин?
  6. «Сибиир күүһэ» («Сила Сибири») бырайыак Саха сиригэр туох үчүгэйи аҕалыа дии саныыгын?
  7. Эн тоҕо «СЫП» бырайыакка кыттыаххын баҕараҕын? Кэпсээ.
  8. Урукку «СЫП» экспедициялар туһунан тугу билэҕиний?
  9. Эн санааҕар, айылҕа гааһа туохтан үөскээбит буолуон сөбүй?
  • Тыа сиригэр гаас кэлиитэ туох үчүгэйи аҕаларый? Ааттаталаа.

ААДЫРЫСПЫТ:

Эппиэттэри syp.ykt@mail.ru электроннай аадырыска, эбэтэр редакция аадырыһыгар: Дьокуускай к., Орджоникидзе уул. 31 №-дээх дьиэтэ, 226-с, 234-с хосторго кулун тутар 6 күнүгэр диэри тутабыт.

  1. Ааккытын
  2. Ханнык оскуолаҕа үөрэнэргитин
  3. Төлөпүөҥҥүт нүөмэрин толору суруйаргыт булгуччулаах!!!

ТЭРИЙЭЭЧЧИЛЭРТЭН: Бырайыакка онус кылаас эрэ оҕолоро кыттыыны ылыахтара. Экспедиция хайысхата: “Кыһыл-Сыыр – Мирнэй — Ленскэй”. Сахатранснефтегаз, “АЛРОСА”, “ЯТЭК”, “СургутНефтеГаз”, «Газпром Трансгаз Томск» уо.д.а. улахан хампаанньалар эбийиэктэрин иһиттэн көрүөхтэрэ. Викторинаҕа толору хоруйдаргытын ыйыллыбыт аадырыска ыытыҥ. Хоруйдаабыт оҕолору Дьокуускай куоракка ыҥыран сирэй көрсөн кэпсэтэн, 20 бастыҥ оҕону талыахпыт. Быйылгыттан тохсус кылааска сылдьан сүрүн эксээмэннэригэр физиканы эбэтэр химияны туттарбыт буолуохтаахтар диэн ирдэбилбитигэр эбии киллэрэн биэрдибит. Оскуола кэнниттэн промышленнай, техническэй үөрэхтэргэ туттарсыан баҕалаах, инникитин ол идэни баһылыыр баҕалаахтары ылыахпыт.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0