“СЫП” бырайыакка ыҥырабыт!

06.03.2019
Бөлөххө киир:

Быйыл «Саха ыччатын — бырамыысыланнаска» ыччаты идэҕэ туһаайар эспэдииссийэни «Эдэр саас» таһаарыы уонна «Мин — Инженербин» уопсастыбаннай тэриллии уон тохсус төгүлүн ­ыытаары бэлэмнэнэ сылдьабыт.

ВИКТОРИНА ЫЙЫТЫЫЛАРА:

  1. Саха сиригэр билигин көмүс ханнык улуустарга уонна быһа холоон, хас туонна хостоноруй?
  2. Таас чох хас араас ньыманан хостоноруй? Хайдах сир баайдаах сиргэ ханнык ньыма ордук барсарый, сиһилии кэпсээн суруй.
  3. Пуойас араастарын сиһилии суруй.
  4. “IT-технология”, “бот”, “искусственнай интеллект” диэн тыллары хайдах өйдүүгүнүй?
  5. Саха сиригэр хас гидроэлектро-ыстаансыйа үлэлии турарый? Ханнык өрүскэ уонна хас кВт электро­энергия оҥорон таһааралларый?
  6. Саха сиригэр ханнык араастаах уонна туохтан уот оҥорон таһаарар ыстаансыйалар баалларый?
  7. Саха сиригэр баар федеральнай суоллары ааттаталаа.
  8. Дьокуускай куорат биир күҥҥэ быһа холоон хас кубометр ууну туттарый? Эһиги санааҕытыгар, Дьокуускайга уу хантан ылыллан, хайдах, ханан эрги­йэн ханна сүөкэнэрий?
  9. Эн санааҕар, Саха сиригэр ханнык оҥорон таһаарар хайысха ордук сайдар чинчилээҕий?
  10. “Саха ыччатын – оҥорон таһаарыыга” эспэ­дииссийэҕэ тоҕо, туох сыаллаах кыттыаххын баҕараҕыный? Сиһилии суруй.

Эппиэттэри syp.ykt@mail.ru электроннай аадырыска, эбэтэр эрэдээксийэ аадырыһыгар: Дьокуускай к., Орджоникидзе уул. 31 №-дээх дьиэтигэр, 236-с хоско кулун тутар 15 күнүгэр диэри тутабыт. Маны таһынан edersaas.ru уонна yaingener.ru сайтарга онлайн толоруоххутун сөп.

Ааккытын, ханнык оскуолаҕа үөрэнэргитин, төлөпүөҥҥүт нүөмэрин толору суруйаргыт булгуччулаах! «Саха сирэ» хаһыакка суруттарбыккыт туһунан квитанцияҕытын илдьэ кэлэҕит.

ТЭРИЙЭЭЧЧИЛЭРТЭН: Бырайыакка онус кылаас эрэ оҕолоро кыттыыны ылаллар. Викторинаҕа толору хоруйдаргытын ыйыллыбыт аадырыска ыытыҥ. Хоруйдаабыт оҕолору Дьокуускай куоракка ыҥыран сирэй көрсөн кэпсэтэн, 40 бастыҥ оҕону талыахпыт. Кыттааччы тохсус кылааска сылдьан сүрүн эксээмэннэригэр физиканы эбэтэр химияны туттарбыт буолуохтаах. Оскуола кэнниттэн тиэхиньиичэскэй үөрэхтэргэ туттарсыан баҕалаах, инникитин ол идэни баһылыыр баҕалаахтары ылыахпыт.

Быйыл тэрийээччилэр оҕо ахсаанын элбэтэр сыаллаах 40 оҕону мунньан, Дьокуускай куорат уонна чугас сытар улуустар оҥорон таһаарыынан дьарыктанар бырамыысыланнас тэрилтэлэригэр сырытыннарыахпыт. Эспэдииссийэ түмүгүнэн Үөрэх уонна наука министиэристибэтэ үөрэххэ туттарсыы, үөрэх кыһаларын туһунан “төгүрүк остуол” ыытыаҕа.

Маны таһынан, бырайыак ыырын кэҥэтэн, “Саха ыччатын – оҥорон таһаарыыга” диэн ааттаатыбыт. Бырамыысыланнаска эрэ буолбакка, оҥорон таһаарыы бары эйгэтин билиһиннэрэр санаалаахпыт.

Оҕолор эспэдииссийэҕэ сылдьыбыттарын астыналлар

Оттон былырыыҥҥы эспэдииссийэ «Дьокуускай — Алдан — Нерюнгри — «Восточнай» космодром — Дьокуускай» хайысханан айаннаабыта. Оҕолор Саха сирин уонна Уһук Илин бырамыысыланнаһын кытта билсибиттэр — Алдаҥҥа «Селигдар көмүһэ», «Газпром Трансгаз Томск», «Полюс Алдан», Нерюнгрига «Якутуголь», «Колмар» хампаанньаларга сылдьыбыттара.

Эспэдииссийэни “Сахатран­снефтегаз” АУо эдэр исписэлииһэ, “Мин — Инженербин” уопсастыбаннай тэриллии бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Аркадий Турантаев салайан илдьэ сылдьыбыта. Бэлиэтээн эттэххэ, Аркадий оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан, 2011 сыллаахха, бэйэтэ бу бырайыакка кыттыбыта. Мантан идэтин быһаарынан, салгыы Красноярскай куоракка Сибиир федеральнай университетыгар үөрэммитэ.

Оҕолор «Восточнай» космодром үлэтин-хамнаһын кытта билсэн, космодром иһин-таһын көрбүттэрэ. Икки күн устата бырамыысыланнаһы интэриэһир­гиир оҕолорго аракыата комплексын стартовай былаһааккатыгар, погрузочнай комплексыгар, тэрийэр башнятыгар сылдьыбыттара.

Ааспыт эспэдииссийэҕэ сылдьыбыт оҕолорбут быйыл оскуолаларын бүтэрээри, олох киэҥ аартыгар үктэнээри сылдьаллар. Эспэдииссийэ кэнниттэн суруйбут санааларын билиһиннэрэбит:

Алексей Волков, Бүлүү улууһа:

— “Восточнай” космодрому көрбүппүттэн олус астынным. Маннык баараҕай улахан тутууну ханна даҕаны көрө илик буоллаҕым. Аракыатаны хайдах, ханна таҥалларыттан саҕалаан көтөр былаһааккатыгар тиийэ барытын сөҕө көрбүппүт. Мин төрөөбүт улууспар бу мантан көппүт аракыата тобохторо түһэллэр. Онон, тугун-ханныгын биллим, көрдүм, аракыата ханнык чааһа биһиэхэ түһэрин ыйыталастым. Эспэдииссийэҕэ сылдьан баран, инникитин гаас эбэтэр чох бырамыысыланнаһыгар үлэлиэхпин баҕарар эбиппин диэн быһаарынным.

Марина Лыткина, Мэҥэ Хаҥалас улууһа:

— Эспэдииссийэбит сүрүн сыалынан “Восточнай” космодромҥа сылдьыы буолла. 47 миэтэрэ үрдүктээх аракыатаны көтөргө бэлэмниир тутууну биһирээтим. Углегорскай устуоруйатын мусуойугар сылдьыбыппытын сөбүлээтим, манна космонавтар таҥастара-саптара, куйаарга туттар маллара бааллар. “Саха ыччатын — бырамыысыланнаска” бырайыакка кыттаммын, элбэҕи биллим-көрдүм. Алдаҥҥа, Нерюнгрига көмүс, чох хостуур тэрилтэлэргэ сырыттыбыт. Бырамыысыланнаска кыргыттар эмиэ үлэлиэхтэрин сөп эбит.

Айхал Александров, Горнай улууһа:

— “Восточнай” космодром улаханын сөхтүм, аҕыйах сыл иһигэр бачча улахан тутууну ыыппыттар эбит. Биһиэхэ аракыатаны таҥар комплексы уонна көтөр былаһааккатын көрдөрдүлэр. Аракыата көтөрүн тэлэбиисэргэ көрбүтүм, илэ хараххынан көрөр олох атын эбит. “Саха ыччатын — бырамыысыланнаска” бырайыакка кыттан, инники идэбин чопчу бырамыысыланнаһы кытта сибээстиэм диэн быһаарынным. Саха сирин сайыннарар “Колмар”, “ГазпромТрансгазТомск” хампаанньалар үлэлэрин интэриэһиргээтим.

Надежда Самсонова, Айтана Аммосова,

«Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0