Сынньана түһүөҕүҥ

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

“Ким эттэ?! Ленин өллө диэн!..»

Муома улууһун Улахан Чыыстай нэһилиэгэр куорат артыыстара ыалдьыттаатылар. Кинилэр биирдэ эмэ кэлиилэрэ, ыраах, кытыы сиргэ улахан сонун, үөрүү буолара. Ол киэһэ эргэ кулуупка киһи лыык курдук муһунна.

Артыыстар биир-биир тахса-тахса, ыллаан-туойан истилэр. Онтон, муостанан соһулла сылдьар уһун, хара былааччыйалаах дьахтар тахсан, инники олорор эмээхситтэри кытаанахтык

өтөрү-батары көрөн туран:

Ким эттэ?

Ленин өллө диэн?!

Ленин өстө диэн?!

Сымыйа! Сымыйа!.. –

дии турда. Онуоха биир эмээхсин, бэйэтигэр ылынан, өһүргэнэн турда: “Мин эттим дуо? Баҕайы, бэйэтэ этэ-этэ”, – диэтэ. Саала иһигэр күлсүү бөҕө. Хаһан да күлүө суох курдук

туттан турбут артыыспыт кытта сонньуйда. Хоһоонун нэһиилэ тиһэҕэр тиэрдээт, тахсан барда. Көр, оччолорго тыа сиригэр итинник көрөөччүлэр баар буолаллара.

“Дорооболоруҥ, чымадааммын ыла кэллим»

Оччолорго биһиги, тыа оскуолатын учууталлара нэһилиэк олоҕор-дьаһаҕар көхтөөхтүк кыттарбыт. Бырааһынньыктары тэрийии, атаарыы, концертарга кыттыы – биһигиттэн төлөрүйбэт иэс.

Биирдэ учууталлар испэктээкил бэлэмнээтибит. Сценаҕа тахсан айах атан саҥарбатах киһини, миигин эмиэ кытыннардылар. Тылым да аҕыйах: “Дорооболоруҥ, чымадааммын

ыла кэллим”, – диэхтээхпин уонна биир-икки тылынан кэпсэтэ түһээт, тахсан барыахтаахпын. Ыйы быһа бэлэмнэнним.

Сарсыарда ахсын учууталыскайга киирэн: “Дорооболоруҥ, чымадааммын ыла кэллим”, – диибин, ол аата тылбын-өспүн чочуйабын. Дьонум: “Бу киһи туттара-хаптара адьас артыыс

буолбут”, – диэн хайгыылларын испэр үөрэ истэбин. Аны испэктээкил туруорар күммүт тирээн кэллэ. Дьонум киирэ-киирэ, толорон истилэр. Киирэр кэмим тирээн кэлбитигэр, арааһа, дух-дах тутта турбутум буолуо, туох да кэпсэтиитэ суох миигин күүстэринэн анньан киллэрбиттэригэр, сцена ортотугар биирдэ баар буола түстүм. Киирбит омуммар сүһүөхпүн булбакка, кыратык тэмтээкэйдээн ылбыппар: “Оо, итирик киһини киллэрдилэр”, – диэн көрөөччүлэртэн ким эрэ айахтатта. Саала иһэ сэргэхсийэ түстэ. Мин эбии ыксаатым. Сирэйим тыҥа курдук үллэн хаалла. Аны эбиитин “били туохха эрэ тэппит” диэбиккэ дылы, этиэхтээх тылбын тамты умнан кэбистим. Суфлер кыыс тугу эрэ саҥарар быһыылааҕа. Дьон күүгээниттэн, эбиитин дөйүҥү буолан истибэппин. Бу булкулла турдахпына саала иһиттэн ким эрэ: “Доҕоор, чымадааҥҥын ылар үһүгүөн”, – диэбитигэр, дьэ өйдөнөн, тугу эрэ үлүгүнэйдим быһыылаах. Ол кэннэ чымадааммын сыыһа-халты харбаат, тахсар ааны былдьастым. Кэннибиттэн саалаҕа дьон күлсэ хааллылар.

Кэлин билэр уолаттарым: “Хайа, доҕоор, чымадааммытын хаһан ыла барабыт?” – диэн элэктээн быһа аһарбат буоллулар. Сценаҕа оннук “сүрэхтэммит” артыыстар эмиэ баарбыт.

Ырыа абыраабыта

Туох тэһэ аспыта эбитэ буолла? Төрөөн баран тутуу үлэтигэр сыстан көрбөтөх бэйэтэ, Егор Степанович Слепцов литература эйгэтигэр биллэр аата Буоратаайыскай, Улахан Чыыстай табаһыт эбээннэригэр күрүө-хаһаа тутуһа барыста.

Ыстаадаҕа көтөр бөртөлүөт кэлбитигэр тутааччы уолаттар малларын-салларын, сэптэрин-сэбиргэллэрин ыадаччы сүгэн порка киирдилэр. Кэннилэриттэн, хата, кини хантан булбута

эбитэ буолла? Умнуллубута ырааппыт, тиис-уос бараммыт, дьэбин сиэбит, икки өттүнэн тутаахтаах, илии эрбиитин кыбыммытынан, Дьөгүөр Буоратаайыскай барсыбыта.  Тутааччылар барбыттара быданнаата. Кэлин умнуллан да барда. Онтон, доҕоор! Биир күн “Дьөгүөр сүппүт үһү”, – диэн сурах бөһүөлэккэ тарҕанар. Аны сотору бу быһылаан хайдах

буолбутун иэмин-дьаамын быһаарбакка олордохпутуна, “Тутааччылар бултаабыт эһэлэрин иһиттэн Буоратаайыскай маҥхайан хаалбыт баттаҕын сүүмэҕин, кэтэ сылдьар ырбаахытын

сиэҕин булбуттар үһү» диэн, өссө дьулаан, ыарахан сурах Сааһыыр олохтоохторун өссө аймыыр. “Ол иһин даҕаны, итинник буолар быатыгар барсаахтаабыт эбит”, “ол мунан,

санаарҕаан баттаҕа маҥхайдаҕа” эҥин диэн аһыныы, хараастыы бөҕө.

Ол да буоллар, сопхуос дириэктэрэ Слепцов Николай Ильич уонна олохтоох балыыһаттан Атласова Фаина Егоровна:

“Эһэ да буолтун иһин, бүтүн киһини харайбатаҕа буолуо. Саатар, суолун-ииһин, кырамтатын көрдүөхпүт”, – дии санаан, көрдөөһүннэрин тохтоппотохторо. “Тохсус күннэригэр

бөртөлүөттэн биир үрэх баһыгар маҥан таҥаһынан далбаатана турар киһини көрөллөр. Табыгастаах сиргэ бөртөлүөтү түһэрэллэр. Тахсан көрбүттэрэ, Дьөгүөрдэрэ бүүс бүтүн турар

эбит. Кэлбит дьоннор үөрэ да, соһуйа да көрөллөр. Ол эрээри:

“Аны киһибит кутталыттан булкуллубута буолуо”, – диэн сэрэхэдийэ тутталлар. Киһилэрэ булкуллуохтааҕар: “Бачча бөртөлүөттээх эрээригит көрдөөбөккө, киһини эрэйдээтигит”,

– диэн мөҕүттэ тоһуйбут. Кэлин уоскуйан, туох буолбутун ыйыталаһан билбиттэрэ, балааккаттан тэйиэс сытар күөлгэ тыҥыччылыы барбыт. Эмискэ хойуу туман күөлү бүрүйэр. Балыксыт, туман көтөрүн  кэтэспэккэ төннөн иһэн, туһаайыытын сүтэрэн мунан хаалбыт. Дьоно көрдөөн булбатахтар. Аны эбиитин бултаабыт эһэлэриттэн ырбаахы сиэҕин, баттахха маарынныыр маҥан түүнү буланнар, өссө ордук аймаммыттар. Онтон Дьөгүөр туох да куһаҕаны санаабакка, тоҕус хонук устата, сылайдаҕына нуктаан ыла-ыла, ыллыы сылдьыбыт. Кэлин: “Миигин ырыа абыраабыта”, – диэн кэпсээн оҥостор буолбут.

Кэрэмэс уонна Хаһаарка

Биир күн уолум хантан эрэ ыт оҕотун булан аҕалла. Аны киэһэтигэр эһэбит сылгыһыт Хабырылла тулаайах кулунчугу сиэтэн кэллэ.

Ити күн биһиги биирдэ байа түстүбүт. Дьиэ кэргэн сүбэлэһэн ыппытын Кэрэмэс, кулунчугу Хаһаарка диэтибит. Ити курдук үөрүү, көр-нар аргыстаах күннэр, ыйдар биллибэккхэ ааһан истилэр. Ыттаах кулунчук улааттылар. Киһи дьиибэргиэн иһин наһаа доҕордуулар. Ыт, куоска бииргэ иитиилиннэхтэринэ эйэлээх буолаллара биллэр суол. Оттон кулунчук уонна ыт доҕордуу буолалларын истэ, билэ илигим. Кэрэмэс уонна Хаһаарка бөһүөлэк иһигэр-таһыгар бииргэ сылдьаллар. Тэбэнэттэрэ киирдэҕинэ эккирэтиһэ оонньууллар.

Мин Сааһыыр бөһүөлэгиттэн биэс-алта биэрэстэлээх Оҕустаах диэн күөлгэ, хаптаһынынан тутуллубут кыра, буор симии үүтээммэр олорон, күһүнүн кустуубун. Биирдэ күөлбэр

бардым. Кус суох буолан, үүтээммэр хаһыат ааҕа сытабын. Арай таһырдьа туох эрэ тыаһаабытыгар түннүгүнэн өҥөйөн көрбүтүм, Кэрэмэстээх Хаһаарка кэлэннэр ону-маны

тиҥсирийэ сылдьаллар. Кэлэрбэр кинилэри көрбөтөҕүм. Хаһан, ханна көрөннөр батыспыттарын дьиибэргээтим. Ити итинэн ааста. Сарсыарда эрдэ туран, түннүгүнэн көрбүтүм

“хоноһолорум” үүтээн кэннигэр сыталлар. Тахсан күөлү өҥөйбүтүм элбэх кус мустубут. Мээтиргэһии, суунан-аһаан чалбааттаныы бөҕө. Эбиитин халлаан оройуттан биэс уонча

умсаах үөрэ супту сурулаан, күөлгэ түстүлэр. Испэр үөрэ санаатым. Сыыйа-баайа оҥостон, халҕаһы курдук төттөрү-таары уста сылдьар кустарга тыынан үөмтэрэн киирдим. Кыра

да тыала суох, чуумпу сарсыарда. Мин кустарга чугаһаатым.

Арай, доҕоор ол устан истэхпинэ кэннибэр кулунчук кистээн дьырылатта. Сарсыардааҥҥы нуһараҥ чуумпуга, күөл ортотугар кулунчук кистээбитэ соһумара бэрдиттэн соһуйан

“ходьох” гынным: “Сибиэн дуу…” – өйбөр быстах санаа элэс гынна. Хайыһан көрбүтүм, ыттаах кулунчук кэннибиттэн устан ньолбоһон иһэллэр. Ыт ситиэхчэ буолбут. Хаһаарка, сылайан, эбэтэр куоттардым дии санаан, ыксаан кистээбит быһыылаах. Кустар биһигини күүтэн олоруохтара дуо? Бары утуу-субуу көтөн таҕыстылар. Абаланным да, хайыахпыный? Төннөн тахсарга тиийдим. Кытыыга тахсан аргыстарбын үүрэн көрдүм да, олох барбаттар. Тэйиччи тиийэн тохтоон, илиибин-атахпын кэтэһэллэр. Күөлгэ киирдэхпинэ батыһыах чинчилээхтэр. Ити курдук, куруук “өттүк харалаах, илии тутуурдаах” төннөр бэйэм бу сырыыга кураанах, испэр тото “буһан” дьиэбэр төнүннүм.

Александр ДЕГТЯРЕВ

Сиһилии “Чолбон” сурунаал “ икки ыйга биирдэ тахсар сэмсэ сыһыарыытыгар ааҕыҥ.

Хаартыска: интэриниэттэн

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0