СЫНАҔЫ БААЙ, ҮҮТ БААЙ, ДЫГЫН БААЙ, БЭТ ХАРА, ЭДЬЭЭТ ТОҤУСТАРА (ҮҺҮЙЭЭН)
ЕГОРОВ Егор Минович (Миинэ Уола),
82 саастаах, Дьүлэй нэһилиэгэ,
Таатта оройуона, саха, үөрэҕэ суох
1933 с. алтынньы 12 күнэ, «Таалалаах» кэпсээбит.
Бороҕон улуу баайа Сынаҕы баай диэн баара үһү. Ол баайга Дыгын баай биир кэмҥэ илдьиттиир: «Баай, бэт киһилээх, сүөһүлээх үтүө ыал үһү, мин ыаллыы, көрүлүү-нарылыы тахсыам, онуоха мин ааппынан ыһыах ыһан тоһуйдун», — диэн. Ол илдьитинэн сайын улуу тунах саҕана Бороҕон Сынаҕы баай ыһыаҕа буолар. Оччоҕо ыһыахха былыргылыы майгынынан, илии-атах оойньуулара, бэт былдьаһыыта, аат-миҥэ ыытыһыыта буолара үһү.
Ол курдук Дыгын баай Сынаҕы баайтан: «Биир сыссар атта аҕал, миэхэ түөт атахтаахха иннин биэрбэтэх биир Кунньугун Уола диэн ааттаах ат баара», — диэн сыссыыга атыгар сөптөөх аты көрдүүр. Ону: «Эн аккын кытта сыссар сөптөөх быһый сылгы миэхэ суох, арай икки атахтаах (киһи) баар буолуо, манна Бадыр эмээхсин диэн дьадаҥы, соҕотох, тулаайах эмээхсин баарыгар биир суос-соҕотох Бөрө Бөтөһө диэн оҕо баар», — диэн Сынаҕы Баай киһи ыытан ол оҕону ыллаттаран аҕалан, оонньууга киллэрэр.
Ол киирэн Бөрө Бөтөһө аты кытта сыссар. Онно Дыгын ата Кунньугун Уола ат кэнниттэн, арай, хара тыһаҕас тириитэ сонноох киһи сүүрэн бурҕачытан иһэр эбит. Онтон иккис көрүүгэ, били киһи ат иннигэр түһэн биэтэккэ чугаһаан эрэр эбит.
Мустубут дьон көрөн аймалаһа турдахтарына, киһи атын быданынан куотан көкөөрүйэн тахсар. Ону көрөн туран Дыгын баай: «Оо, Бэт Хара доҕоор, тугун бэрдэй, аны аата Бэт Хара диэн буоллун», — диэн хайҕаан, онно аат биэрэр.
Онтон ыла Бөрө Бөтөһө уол аны аата Бэт Хара буолта үһү. Ол ыһыах онон бүтэр.
* * *
Дыгын баай аны Үүт Баай ыһыаҕар тиийэн оонньуу тэрийэр. Эмиэ Дыгын аатынан ыһыах буолар. Ол ыһыахха, били, уруккута Бөрө Бөтөһө ааттаах Бэт Хара уолу Дыгын ыйыттарар. Ыһыах Үүт Баай олоҕор «Таргылдьыма» диэн сиргэ буолар. Бэт Хара уол бу ыҥырыыга кэлэр. Ол ыһыахха Бэт Хараны чинчилээн көрүҥүн сиһилии көрбүттэрэ — холуйдахха, аргыдал бэс саҕа бөдөҥ, улахан, хара тыһаҕас тириитэ сонноох, күөнэҕэр курдук уһун дьабаҥнаабыт киһи тиийэн кэлэн кураахтаах саатын саадах ыйыыр мас муоһугар иилэн кэбиһэр. Ону Дыгын бөҕөстөрүттэн ылан киссин тардыалаан көрөллөр да, тыппатыттан ким даҕаны араара анаабыллаабат. Оннук сүөлгү улахан, бөҕө-таҕа быһыылаах, саалаах киһи буолбут.
Ыһыах буолан аһаан-сиэн, көрүлүүргэ-нарылыырга бараллар. Бастаан, Дыгын баай көрдөһүүтүнэн, кураахтаах саанан сыал (дал) ытыһыыта буолар. Онно ыраах куулаҕа атыыр сылгы өтөҕөтүн үрдүгэр туйаарар чыычаах түһэн олорорун көрөн, Бэт Хара анаабыллаан ытар, онто чыычаах түүтэ бурҕас гына түһэр. Онтон былыргылыы сыалы, кыһыах курдук үүттээх үрүҥ тимири төҥүргэскэ кэтэрдэн, сыһыаран баран ыталлар. Маныаха арай Бэт Хара оҕо дьөлө сүүрэн тахсар. Уонна табар киһи мэлигир буолар. Онтон онуо буолан атахтарынан сыссаллар. Онно Бэт Хара бастаан куотардыы илиннээн истэҕинэ, көрөн туран Дыгын кураахтаах саанан сүүрэн иһэр киһини утары хара быарын көрөн оҕунан ытар да, оҕо хоппокко төттөрү тэйэ түһэр. Маныаха биирдэ миинин таттарбакка, Бэт Хара сол бастаан, куотан тахсар.
Ол тахсан иһэн, биэтэҥэ таһыгар көрө-истэ турар Дыгын мааны кыыһа Кылбаттыыр Муоһа диэни биир дук гынан (имнэнэн) ааһар. Маныаха дьахтар Бэт Хараны эккирэтэн, иккиэн тэҥҥэ хатыһан өрүскэ Хоту Ытык хайаҕа тиийэллэр. Ол сыссан истэхтэринэ, дьахтар сүүрэрин уоҕар суһуоҕа талах тыаһын курдук сырылаан, субуллан иһэрэ үһү. Ол курдук тэҥҥэ хатыһан Ытык Хайа туһугар тиийэн тохтоон, уоскуйан, онно таптаһан эр-ойох буолуох буолан холбоһон, төннөн кэлэн «Кыыс Хана» диэн дойдуга олохсуйаллар. Дыгын баайдаах ыһыахтара бүтэн тарҕаһан хаалтар. Кыыстарын былдьатан дойдуларыгар өрүскэ киирэн хаалаллар. Ол дьыл өрүскэ алта харыстаах халыҥ хаар түһэр.
Нөҥүө сайыныгар хоту олохтоох Эдьээт диэн тоҥустар эмиэ оонньуу-көрүлүү Дыгын баайга киирэллэр. Ол киирэн: «Биһиги сыссар идэлээх дьоммут, онон биир үтүө сыссааччыта аҕал», — диэн буолар. Сөп дэсиһэн Дыгын, тэҥнэһиэ дуо, арай күтүөтэ тэҥнэстэҕинэ кини тэҥнэһиэ диэн, биир үтүө Бөҕө Мүөкүйэ диэн уолун Бэт Хараҕа ыытар. Бөҕө Мүөкүйэ Бэт Хараҕа тиийэн бэйэтэ булка тахсыбытын кэннэ дьахтартан ыйыта олордоҕуна, куобаҕы, куртуйаҕы, куһу бытырыыс курдук иилиммит аргыдал бэс саҕа киһи киирэн кэлэр. Маны Мүөкүйэ көрөн дьулайар. Бэт Хара киирэрин кытта ойоҕо: «Эдьээттэр диэн тоҥус бэттэрэ киирбиттэр үһү. Дьэ онон кынныгар Дыгыҥҥа баран ол дьону кытта оонньууга киирсиэҥ үһү», — диэн илдьити этэр.
Маныаха Бэт Хара сирэйин дабахайынан сыбанан, олус кырдьаҕас, сүдү дьүһүн буолбут сөтөллөөх оҕонньор буолан, Дыгын абаҕата оҕонньор буолан кубулунан киирэр. Ол киирбитигэр кырдьык-хордьук «абаҕа оҕонньор» диэн адьаалатан Дыгын ыһыаҕар маанылаан, ытыктабыллаахтык туталлар. Ол маанылаан олордон Дыгын: «Дьэ, оҕолору кытта кииссэн, сыссан, оонньоон көр», — диэн көрдөспүтэ буолар.
Маныаха сыссан кэлэр биэтэктэригэр үтүө түһүлгэ оҥороллор, уйгу бөҕө буолар. Ол гынан оччотооҕу быһыынан, киһини ньилбэгинэн гына үрдүктүк тахсар биэтэҕэ үс ат өргөнүн туора тардаллар. Куотан кэлбит киһи ол өргөннөрү үрдүнэн үстэ көтүөлээн охтубакка ааһыахтаах.
Ол тэрийэн 3 тоҥус, 9 саха сыссаллар. Түһэр сирдэрэ Хоту Аллан төрдө «Кыраасынай быыс». Маныаха Бэт Хара Дыгын абаҕата оҕонньорунан көстөн сыссыыга эмиэ кииссиһэр. Барарыгар Дыгын эмээхсинэ оччотооҕу майгын быһыытынан тураҕас сыайатын түөт мыаннарыгын сүөрэн туран сүбэ-ама этэр: «Бука диэн төттөрү омуктарын төттөрү хайыһыннаран кумаҕынан утары сирэйдэригэр ыһан аралдьытан иннилэригэр түһээр, ыҥырдаххына хайыһан көрүөхтэрэ», — диэн. Ол сүбэтинэн Бэт Хара сиэбигэр кумах уктан барар. Ол бараннар Аллан төрдүттэн бары биирдэ сыссаллар.
Тоҥустар куоталлар. Бэт Хара хаалан иһэр. Ол иһэн эмээхсин сүбэтинэн сиэбэр куттубут кумаҕыттан ылан баран, куотан иһэр тоҥустарын ыҥырбыт, онуоха кэннилэрин хайыһан мылах гынан көрө түһэллэр, онно Бэт Хара кумаҕынан сирэйдэригэр ыһар да, бокуойа суох иннилэригэр түһэн куотар. Ол куотан кэлэн түһүлгэҕэ туора бааллан турар ат өргөннөрүн үрдүнэн көтөн түһэр да, эмискэ хаҥас атаҕынан дугуммат буолан кылыйа түһэр. Атаҕа суох буола түһээт Бэт Хара: «Бу туох албаһай, абай, ким кэнтик бырахта, мас курдук суох гыныҥ, күллэри көтүтүөм, имнэри быһыам!» — диэн кыланар, уордайан, абатыйан сири таптайар. Маныаха Дыгын Баай эмиэ биир оччо абаланан күтүөтүн көмүскүүр. Ол атаҕа суох буолуута маннык эбитэ үһү: тоҥус удаҕана баара күнүүлээн, куотта диэн талаҕы эриэннии кыһан баран түһүлгэҕэ өрө бырахпыта өлүү бил сордоҥо буолан Бэт Хара атаҕар хараҕалыы түһэн атаҕа суох оҥорбут эбитэ үһү. Ону билэн тоҥустар удаҕаннарын көрдөһөн-көрдөһөн, удаҕан сарыы дүҥүрүнэн туойан кыырар, ол кыыран былаайаҕынан искэнин хайытан биир сордоҥу хостуур уонна дэриэспэ тааһы дүҥүрүгэр кутан сайҕаан, иһиллээн көрөн баран этэр:
— Балык салаҕайыттан халтарыйан бүдүрүйбүт, ол кэннэ аҥаар хайыытыттан бэт кыра хаалла, кыайан кэлбэтэ, кэнэҕэс удьуорун атах ыарыы, доҕолоҥ буолуохтара», — диэн домноон, Бэт Хараны сонно туруорар. Онон оонньуу уурайан, тоҥус аатын Дыгыннаах ылан, оччотооҕу майгынынан тоҥустар Дыгыҥҥа «эр сулуута» диэн ааттаан 10 таба энньэлээх биир мааны кыыһы хаалларан бараллар. Ол аата «эр сулуута кутан» кыаттарбыт сааттарын төлөөн бардахтара. Былыр оннук албаһынан бэттэри үрдүк ааттарын ылаллара үһү. Онон Бэт Хара кыайбытын тоҥустар Дыгын абаҕата кырдьаҕас оҕонньор кыайда диэн албыҥҥа кииттэрэ үһү. Оннук суолларынан Дыгын Баай киһи-хара, баатырап оҥостоору бэт сурахтааҕы олоччу былдьаһан, талаһан ылан киһи-сүөһү мунньунан кэргэн, баатырап, хамначчыт даҕаны оҥосторо үһү.
Бу сэһэни мин абаҕам Ньукулай Абрамов сэһэргиирэ. Кини Бороҕон, Таатта кырдьаҕастарын сэһэнин үгүһү истибит, үгүһү кытта сэлэспит-сэһэргэспит киһи этэ.
Сэһэн Боло «Бичик» кинигэ кыһатыгар 2006 с. тахсыбыт «Саха төрүттэрэ уонна кыргыс үйэтэ» (Г.В. Попов хомуйан оҥоруута) диэн кинигэтиттэн