Бүгүн социальнай ситимнэринэн сымыыт хаҕыттан оҥоһуллубут Саха сирин улуустарын гербэлэрин хаартыыната тарҕанна. «Эдэр саас» саайт үлэһиттэрэ сэдэх, сонун хартыына ааптарын, отуттан тахса сыл үөрэх тэрилтэтигэр үлэлээбит Лидия Иннокентьеваны булан төлөпүөнүнэн кэпсэттибит.
Лидия Иннокентьева Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэриэҕиттэн пионер баһаатайынан, иитээччинэн, сэбиэдиссэйинэн, уопсайа, отуттан тахса сыл оҕо саадыгар үлэлээбит. Онтон бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыар диэри 11 сыл Бүлүүгэ “Чуораанчык” уһуйааҥҥа сэбиэдиссэйдээбит. “Уһуйааҥҥа оҕолору естетическэй хайысханан иитиигэ дьарыктыырга киэҥ үлэни ыытарбыт, туойтан мэһийтэрэрбит, сымыыт хаҕыттан, уопсайынан, айылҕа матырыйаалын туһанан араас оҥоһуктарга үөрэтэрбит. Үлэбиттэн уурайан баран дьиэбэр олорор кэммэр оҕуруонан дьарыктаммытым, онтон сымыыт хаҕыттан үлэлэри толкуйдаабытым. Маҥнай Бүлүү куорат гербэтин, онтон каартаны оҥорбутум. Салгыы Саха Өрөспүүбүлүкэтин гербэтигэр ылсыбытым”, — диэн билиһиннэрэр.
Билиҥҥитэ Саха сирин бары улууһун гербэтин силигин ситэрбит. Ити үлэтинэн “Үһүс көлүөнэ оскуолата” ыытар өрөспүүбүлүкэтээҕи онлайн куонкуруска кыттан бастакы миэстэни ылбыт.
— Ити кракле диэн тиэхиньикэ буолар. Кыраасканы эҥин букатын туһамматым, барыта бэйэтин өҥө. Хоҥор (коричневай) өҥ көрдөххө эрэ биир дьүһүннээх курдук. Сыныйан көрдөххө түөрт-биэс араас эгэлгэлэрдээх. Маҕаһыынтан сымыыты атыылаһарбар үчүгэйдик көрөн, мин ирдиир өҥмөр сөп түбэһэри сыымайдаан ылабын. Бүтэйдии буһаран баран хаҕын өҥнөрүнэн наардыыбын. Сороҕор иэйиим киирдэҕинэ бу билигин да бүтэриэх санааланабын. Аны өҥө баҕам хоту сөп түбэһэн биэрбэт түгэннэрдээх буолан, сытар.
Сымыыт иһинээҕи бүрүөһүнүн ылан быраҕабын, сууйабын, куурдабын. Төһө кээмэйдээх хах ирдэнэрин көрөн эмти тута-тута силимниибин. Улуус гербэлэрэ бары А4 кээмэйдээхтэр. Ону таһынан, “Сонор оонньуу хонуута” — ватман кээмэйдээх.
Саха сирин олохтоохторун барыларын Саха АССР тэриллибитэ 100 сыллаах үбүлүөйүнэн эҕэрдэлиибин. Чэгиэн доруобуйаны баҕарабын. Баҕа санааҕытын ситиһэн, толкуйдаабыккытын тобулан дьарыктаныҥ, уһун үйэлэниҥ, — диэн Лидия Дмитриевна кылгастык кэпсиир.
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru