Сымыйа таптал

Ааптар: 
02.04.2018
Бөлөххө киир:

“Олох олорор толоону туоруур буолбатах” дииллэрин оҕо эрдэхпиттэн истэрим. Туох да кыһалҕата суох ойор-тэбэр оҕо сааһым кыһыл көмүс күннэрин билигин санааммын, хараастан ылабын. Оҕо буола сылдьыбыт киһи баар ини… Билигин ити кэрэ кэмнэрбин түүлбэр эрэ көрөбүн.

Ийэ-аҕа тапталын толору билэн, оҕоттон итэҕэһэ суох улааппытым. Оскуоланы бүтэрэн, ыраах хоту улуустан хаһан да сылдьыбатах сирбэр, дьон кэпсээниттэн эрэ истэн билэр дьоллоох Дьокуускай куоракка үөрэх туттарса кэлэр дьолломмутум. Дьокуускай, кырдьык даҕаны, араас уотунан күлүмүрдээн киһини сөхтөрөрө-кэрэхсэтэрэ элбэҕэ. Ол курдук эксээмэннэрбин ситиһиилээхтик туттаран, пединститут устудьуона буолар дьолломмутум. Билиҥҥи курдук, устудьуон аайы уопсай биэрбэт этилэр. Ыраах улуустан сылдьар буолан уопсайга киирбитим. Биир киэһэ бииргэ олорор кыргыттарбын кытары “Эскам” диэн, ол саҕана саамай биллэр кулуупка үҥкүүлүү барбыппыт. Тыа түҥкэтэх кулуубуттан куорат уоттаах-күөстээх, тыастаах-уустаах дискотекатын сөҕө көрбүтүм. Бытаан ырыа тыаһаабытыгар ип-итирик саастаах киһи миигин үҥкүүгэ ыҥырбытын аккаастаатым. Онуоха киһим күүһүнэн соһуста. Ол икки ардыгар биир уол кэлэн миигин көмүскэһэн, ол итириктэн былдьаан ылла. Мин таҥаспын ылаат, таһырдьаны былдьастым. Уолум эккирэтэн таҕыста. Билистибит. Аата Андрей диэн, доҕотторун кытары төрөөбүт күн ыла сылдьар эбит. Аармыйаттан кэлбитин, кэтэхтэн юридическайга үөрэнэрин кэпсээтэ. Миигин уопсайбар атаарда. Ол күнтэн ыла доҕордоһон, киинэҕэ сылдьан бириэмэбитин бииргэ атаарарбыт. Мин киниэхэ наһаа ылларбытым, кинитэ суох тыынар салгыным суоҕун тэҥэ этэ. Андрей биир киэһэ миэхэ тапталыгар билиммитэ уонна “миэхэ кэргэн таҕыс” диэбитэ. Ити сыл күһүнүгэр ыал буолбуппут. Устунан хат буолан, үөрэнэр-үөрэммэт сылдьан “академ” ыларга күһэллибитим. Андрей дьоно дьиэ ылан биэрбиттэрэ. Онон дьоммутуттан туспа барбыппыт. Андрей милииссийэҕэ үлэлии киирбитэ, сайын уолламмыппыт. Наһаа дьоллоохтук олорбуппут. Ол олордохпутуна, былыта суох халлааҥҥа этиҥ этэринии, аҕам суох буолбутун туһунан куһаҕан сурах биһиги дьиэ кэргэни аймаабыта. Оҕобун кэргэним дьонугар хаалларан баран дойдулаабытым. Аҕабын кистээн баран, аймалҕаҥҥа ылларбыт ийэбин куоракка илдьэ кэлэ сатаабыппын, буолумматаҕа “Саатар биир сылын толоруом” диэбитэ. Соҕотох куоракка кэлбитим. Биир сарсыарда дьиэбин хомуйа сылдьан дьыбаан анныттан туһаныллыбыт презервативы булан ылбытым. Наһаа соһуйбутум. Андрейтан ыйыта тоһуйбутум. Андрей “ээ үлэм күнүгэр быраатым подругатынаан кэлэн хоммуттара” диэбитэ. Мин итэҕэйбитим, эрээри испэр тугу эрэ сэрэйэрим. Ол күһүнтэн Андрейым сотору-сотору “бырааһынньыктыыр” буолан барбыта. Арыгы сыттаах эбэтэр холуочук кэлэрэ элбээбитэ. Арыт олох да хоно кэлбэтэ. Биирдэ пейджерин ылан “смстарын” аахтым. “Андрюша, милый! Когда еще встретимся, целую, жду” диэн тыллардаах суруктары ааҕан, Андрейбын түүн ортото туруоран быһаарыы көрдөөтүм. Хомойбуппун, кэлэйбиппин, атын дьахтары кытта күүлэйдиирин билбиппин эттим, дэлби ытаатым, сирэй-харах астым. Киһим истэ сатаан баран, сырбатан түһэрдэ. “Бэйэм билэбин кими кытары утуйарбын” дии-дии сарылаата. Мин оҕобун таҥыннаран илдьэ баран истэхпинэ, уолбун былдьаан ылла. «Барар буоллаххына, бэйэҥ бар», — диэтэ. Барбыт илии бара турар… Хаста эмэ охсубута. Охсубута диэн… Өссө тэбиэлээччи. Ийэм эһиилигэр да, онтон эһиилигэр да кэлбэтэҕэ. Уолбут үһүн туолуутугар, аны кыыстаммыппыт. Син көнүөхчэ буолбута эрээри, син биир иһэр, истэҕинэ күүлэйдиир, күүлэйдээн кэллэҕинэ кырбыыра… Хас эмэ сылы быһа харчы мунньунан дойдубар күрүүргэ быһаарыммытым. Оҕолорбун ылан дойдубар көппүтүм. Дойдубун көрбөтөҕүм ырааппытыан… салгынныын атын этэ. Төрөөбүт дьиэбэр киирэн баран дьиэбин билбэтэҕим… ийэм миигин үөрэ-көтө ас сатаан көрсүбэтэҕэ… Утуйа сытара. Биһиги киирбиппитигэр,ким эмиэ кэллэ дии-дии быдьардык үөхсүбүтэ. Дьиэ хомуллубатаҕа ырааппыт. Куруук сууйуллан-сотуллан ыраас турар дьиэбит сибиинньэ уйатын курдук буолбут. Сыта-сымара амырыыныан! Ийэм миигин көрөн наһаа соһуйда. Сиэннэрин көрөн хараҕа ууланна… Дьиэбитин-уоппутун хомуйан, син олордубут эрээри, ийэм син биир испитин курдук иһэрэ. Аҕам өлбүтүн уйбакка, аһыы утахха ылларбыт этэ, сирэйдиин кырдьыбыт көрүҥнээҕэ. Аны дьону мунньара…

Биир үтүө киэһэ Андрей тиийэн кэлбитэ. Оҕолор аҕаларын ахталлара. Ийэм көммөтүн сэрэйэн, Дьокуускайдаабыппыт. Онтон ыла аны күнүүлүүр, көссүүлэрбэр күрүүр аатырбытым. Аны онон сылтах була-була күүлэйдиир буолан барбыта. Сирэйэ-хараҕа суох дьахталларын дьиэтигэр аҕалара…

Үһүстээн хат буолбутум… Төрүөхпүн баҕарбатаҕым даҕаны төрөөбүтүм. Күүлэйдьит киһи сидьиҥ ыарыыга сыһыарбыта. Эмтэммитим үһүс сылыгар барда эрээри, эмтэнии да эмтэнии буолбат. Хос аҕалан сыһыара турар. Кырбыыр, күүлэйдиир, арыгылыыр.

Мин ол курдук оҕоҕо баттатан үөрэммэтим даҕаны, күнүүһүт эрдээх буолан үлэлээбэтим даҕаны… Ийэбэр барыахпын, ийэм билигин нэһилиэккэ биллэр иһээччи. Арай эрим ийэтэ көмөлөһөр, аһынар даҕаны, кини саастаах киһи уолун кыайбатын билинэр. Уола атаах, бардам майгылааҕар бэйэтин буруйданар… «Эдэр киһи үлэлээ, мин оҕолору көрүөм», — диир даҕаны, эрим көҥүллээбэт. Көстүбэт быанан кэлгиллэн баран олордоҕум. Арыт бэйэбэр тиийиниэх санаалар киирэллэр даҕаны, оҕолорбун аһынабын. Эбэтэр эрбин, туохха эрэ түбэһэн өлөн хаалара буоллар, дии саныыбын. Кыһалҕаттан. Үчүгэйдик олорорбут буоллар, инник диэбэтим чуолкай. Ама, орто дойдуга дьол диэн баара буолуо дуо?

Кыыдаана.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
3