Сымыйа сураҕы тарҕатыыга полиция бэрэбиэркэ оҥорорун туһунан иһитиннэрэллэр.
Сунтаар улууһун олохтооҕо дьахтар “бэрээдэги араҥаччылыыр сулууспа үлэһиттэригэр вакцинаны кытары чип киллэрбиттэр үһү” диэн сымыйа сураҕы батсаапка тарҕаппыта биллибит. “СМИ, ону тэҥэ информационнай-телекоммуникационнай ситимнэр нөҥүө гражданнар олохторугар уонна (эбэтэр) доруобуйаларыгар кутталы үөскэтэр сымыйа сураҕы тарҕатыы иһин» ыстатыйанан административнай эппиэтинэскэ тардыллыы суоһуур. Бу буруй иһин 100 тыһ. солкуобайга тиийэ ыстарааптаныан сөп.
Полиция үлэһиттэрэ бигэргэммэтэх сымыйа дойҕохтортон сэрэнэргитигэр сүбэлииллэр.
Хаартыска: tengrinews.kz
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1