Кэлин коронавирус туһунан арааһы бары суруйаллар. Аҕыйах кэмтэн бэттэх “вирус дьүһүн кубулунар (мутацияланар), онон вакцина туһалаабат үһү”, “вакцинаны ылбыт дьон ыалдьаллар үһү” диэн сураҕы тарҕаттылар. Бу төһө оруннааҕый?
Бастакытынан, вирус дьүһүн кубулунар, вакцина, ыарыы саҥа барыйааннарыттан харыстыыр дуо? Аан дойду экспиэртэрэ саҥа барыйааннар вируска, коронавирус утары вакцина көдьүүһүгэр хайдах дьайалларын тиһигин быспакка кэтээн көрөллөр. Билиҥҥитэ улахан уларыйыы суох эбит. Өскөтүн ханнык эбит вакцина ыарыы биир эбит барыйааныгар көдьүүһэ суоҕа дакаастаннаҕына, вакцина састаабын уларытыахтара диэн бэлиэтииллэр. Быһатын эттэххэ, анал исписэлиистэр вирус дьүһүн кубулуйуутун тиһигин быспакка кэтииллэр, үөрэтэллэр. Онон вакцина биир эрэ штаммтан харыстыыр, атыттарга көдьүүһэ суох диэн этии оруна суох.
Иккиһинэн, коронавирус утары быһыыны ылан баран ыалдьыахпын сөп дуо, диэн үгүстүк ыйыталлар. Исписэлиистэр иһитиннэрэллэринэн, быһыыны ылан баран (вакцинаттан буолбакка, вируска хаптардахха) ыалдьыахха сөп, оннук түгэннэр бэлиэтэнэллэр дииллэр. Үксүн вакцинация толору кууруһун ааспатах уонна харыстанар миэрэлэри тутуспат дьон ыалдьаллар эбит. Маныаха быһыыны ылбыт дьон ыалдьар да буоллахтарына, чэпчэкитик аһардаллар диэн ыйаллар.
Салалта онто даҕаны суох аҕыйах нэһилиэнньэлээх, мөлтөх демографиялаах Арассыыйа дьонун эһэргэ сорумматаҕа чахчы. Сахалыы даҕаны толкуйдаан көрдөххө, атын тас дойдулартан дьонун ахсаана аҕыйах дойду барытыгар да хотторуулааҕа биллэр суол. Онон төһө кыалларынан элбэтэр соруктаах. Нэһилиэнньэ ахсаанын аҕыйатаары араас ийэ хапытаалын, харчынан төлөбүрдэри көрөн төрөтө сатыахтара дуо? Аан дойдуну атыйахтаах уулуу аймаабыт ыарыыттан хайдах эмэ гынан нэһилиэнньэбит тыыннаах хааллын диэн толкуйдуур, онно ханыылыы суолу тобуларга сорунар буолуохтаах.
Кистээбэккэ эттэххэ, “үһү” диэни иһиттэхпитинэ “чахчы үһү” диэн өйдүүр, онон сирдэтинэр адьынаттаахпыт. Куйаар ситимигэр, социальнай ситимнэргэ суруллубут барыта оруннаах буолбатах, ыраас мууска ылынар сыыһа.
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска: https://www.dw.com/ru/privivka-ot-kovida-nuzhny-li-iz-za-mutacii-virusa-novye-vakciny/a-56734620