Дьокуускай куорат полициятын тэрээһиннээх бөлөҕүнэн буруйу оҥорууну силиэстийэлиир чааһа РФ Холуобунай кодексатын 186-с ыст. 1 чааһынан холуобунай дьыала тэрийдэ. Ол эбэтэр, сымыйа харчыны, сыаналаах кумааҕыны оҥоруу биитэр батарыы бэлиэтэ баарынан.
СӨ ИДьМ-тын пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, Экономическай уонна хоруупсуйаны утары охсуһар салаа оперативниктара түөрт уорбаланааччыны туттулар.
Барыллаан силиэстийэ быһаарбытынан, Дьокуускай куораттан төрүттээх, урут сууттана сылдьыбыт 33 саастаах киһи 5000 солк. номиналлаах сымыйа купюралары ылбыт (хаһан, кимтэн ылбытын силиэстийэ быһаарыа) уонна олору батарыыга 19-тан 23-гэр диэри саастаах билэр уолаттарын кучуйбут.
Билиҥҥитэ түөрт чахчы — Дьокуускайга уонна Жатайга сымыйа харчыны батарыы — быһаарыллан чуолкайданна.
180-тан тахса купюраны сүрүн уорбаланааччы гарааһыттан дьэҥдьиир кэмигэр булбуттар.
Уорбаланааччы силиэстийэлиир изоляторга хаайылынна.
Полиция сэрэтэр: сымыйа харчыга түбэстэххитинэ, буллаххытына, тута полицияҕа тыллааҥ! Бэйэҕит батара, биэрэ, атыылаһа, төлүү сылдьаайаҕыт!
Биһиги корр., «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска: интэриниэттэн.
Видео: СӨ ИДьМ-тын пресс-сулууспата.