Маайалаах Ньукулай уолларыттан арахпаттар. Көмөлөрө диэн кыра: сүүһүгэр инчэҕэй тирээпкэ сөп буола-буола уураллар уонна күүстэринэн кэриэтэ уу иһэрдэ сатыыллар да, уоллара тута кэриэтэ хотуолаан иһэр. Эмискэ Оппоо кинилэри соһутар: иһин тутта-тутта, күл да күл буолар. Итини көрөн, төрөппүттэрэ бу уол хайдах-хайдах буолла диэн дьаарханан бараллар.
– Оппоо, туох буоллуҥ? – ийэтэ сэрэнэн ыйытар.
– Ээ, туох буолуохпунуй? Көннөрү эмискэ күлүөхпүн баҕардым, – диир Оппоо күлэрин быыһыгар нэһиилэ тыын ыла-ыла.
– Тукаам, ыарыыҥ ааһа оҕуста дуо? – Ньукулай уола тоҕо күлбүтүн билэ сатыыр.
– Суох, син биир ыалдьар. Иһим умайарга дылы.
– Уу иһэҕин?
– Биэриҥ, ааһа. Тоҕо эрэ наһаа утатабын.
Оппооҕо куруускаҕа уу кутан биэрэллэр.
– Уу иһэбин да, син биир утатабын. Айкуу-айка!
– Тоойуом, утуйан ыл, сынньан, – Ньукулай хайыан да билбэт.
– Сатаан утуйбаппын.
– Оо, дьэ, бу бырааспыт хаһан кэлэрэ буолла? Лөглөө барбыта ыраатта дии! – Ньукулай айманан барар.
– Иһэллэр ини, – Маайа уоскута сатыыр.
* * *
Суоппар Бааска буор суол устун Өллөөххө айаннаан иһэр. Аттыгар Тамара Федоровна лаглайан олорор, Лөглөө – кууһапка.
– Айы-ка, чиэһинэ эттэххэ, ити сайылыкка кэнникинэн барыахпын да баҕарбат буоллум.
– Тоҕо? – Тамара Федоровна дьиктиргээбиттии ыйытар. Бааска хаппырыыһа суох ээ, дьиҥинэн! Уонна туох буолан турдаҕай?
– Билбэтим, дьэ. Ити Алаастыыраптар бэйэлэрэ даҕаны хара маҥнайгыттан хайдах эрэ куһаҕан баҕайы настырыйыанньалаах онно барбыттара.
– Барыахтарын баҕарбатахтара дуо?
– Ээ, олох, күһэйии эрэ үрдүнэн барбыттара. Силэпсиэптэр биир оннук.
– М-мм…дьикти эбит. Атыттары көрдөххө, сайылык диэн баран, муннукка ытыыллар дии. Туох да эрдэттэн тэринии бөҕө буолааччылар.
– Дьэ, быһа! Тиийээт да, ыһыах курдук күүстээх соҕус бырааһынньык тэрийээччилэр. Балар буоллаҕына, онно эрэ наадыйбатахтара.
– М-мм…дьикти эбит…
– Да-а, дьикти….Ити сиргэ, уопсайынан, туох эрэ баар быһыылаах.
– «Туох эрэ» диэн тугу эттэҥий? – Тамара Федоровна Бааска диэки соһуйбуттуу көрөн ылар.
– Оттон, чэ, билбэтим…кырыыс дуу, туох дуу…
– Эс, ама хайаан!
– Оннук, оннук! Тиийдэххинэ, бэйэҥ ону билиэҥ!
– Эчи, кутталын!
* * *
Ньирэй аһата сылдьан, Мотуруона Өкүлүүнэҕэ чугаһыыр. Анарааҥҥытын сирэйэ холлон, нэһиилэ сылдьаахтыыр быһыылаах.
– Били, хонтуораҕа ыытыллыбыт мунньахха да сөпкө эн утарсыбытыҥ! Бу сиргэ туохпут да табыллыа суох.
– Истиэххин баҕардаххына, мин мантан икки атахпынан куотуохпун баҕарабын. Эһиил, саараама, харчы да манньаҕа кэлбэппин.
– Оннук ээ. Бу дойду тоҕо эрэ киһини баттыырга дылы… эбэтэр санаабар эбитэ дуу…
– Мотуруона, мин эйиэхэ биири кэпсээри гынабын… ити туһунан кимиэхэ да кэпсии иликпин.
– Тугу? – Мотуруона Өкүлүүнэ диэки соһуйбуттуу көрөр.
– Биир сарсыарда төбөм ыалдьан, дьоммун кытары ньирэй аһата кыайан барсыбатаҕым…
* * *
Алаастыыраптар дьиэлэрэ. Өкүлүүнэ, эрдэһит бэйэтэ, орон иччитэ буолан сытар.
– Бүгүн ньирэйдэргитигэр бэйэҕит тахсыыһыккыт… ыарыйдым. Төбөм хайдыах курдук… – диир кини.
– Эмиэ да температураҥ суохха дылы. Күүскэ ыалдьар дуо?
– Оо, баҕар, бэҕэһээ күҥҥэ аһары уһуннук сылдьыбыккыттан буолуо. Сыт, сынньан. Биһиги бэйэбит да сүөһүбүтүн көрүөхпүт, – диир Маайа.
– Чэ, сыыйа-баайа үтүөрээ инибин, – Өкүлүүнэ бэйэтин уоскутунар.
Үлэһит дьон, кини аттыгар туруохтара баара дуо, бука бары кыралыын-улаханныын тахсаллар. Өкүлүүнэ, сыыйа-баайа халтаһалара ыараан, нуктаан барар. Ол эрээри ол сытан, дьикти, киһи кыайан тылынан да эппэт, быһаарбат тыастарын истэр.
– Онтон? – Өкүлүүнэ куттаммыт сирэйин көрөн, салгыы билиэн баҕарар.
– Балаҕаммыт иһэ бүүс-бүтүннүүтэ от күөх туманынан туолбут этэ. Мин кутталбыттан суорҕаммынан сабыммытым уонна дьонум хаһан кэлиэхтэригэр дылы оннук сыппытым. Бэл төбөм да ыарыытын туһунан таһыччы умнан кэбиспитим.
– Оччо айылаах туохтан куттаммыккыный? Ама, ол тумантан дуо?
– Билбэппин… Туох эрэ ол салгыҥҥа киһини куттуур, дьиксиннэрэр баарга дылыта.
– Дьикти эбит. Оттон дьоҥҥор тоҕо кэпсээбэтэххиний?
– Ким итэҕэйиэй? «Төбөтө ыалдьан туймаарбыт» диэ этилэр… баҕар, кырдьык да оннук буолуо…
– Ити Оппоо туохтан итиччэ күүскэ ыалдьыбыта буолуой? – Мотуруона, саҥата суох турбахтаан баран, ыйытар.
– Куһаҕан эттэн атырабыыс буолла дии? Өрүсүһэ-өрүсүһэ наһаа элбэҕи сиэбитэ.
– Эс, оттон биһиги тэҥҥэ сиэспиппит дии уонна билиҥҥитэ син этэҥҥэбит. Кыратык ыалдьыбыппытыгар, били эн аҕалбыт эмтээх оккун иһэн, тута үчүгэй буолбуппут.
– Пахай, мин онтукайбын умнан кэбиһэн испэккэ да хаалбыппын. Арааһа, тоҕулуннаҕа… – диир Өкүлүүнэ.
* * *
Тамара Федоровна Оппоону көрөр. Анарааҥҥыта, ыарыыта бэрдиттэн, ынчыктаа да ынчыктаа буолар. Онтон эмискэ күлэн тоҕо барар.
– Хайа, туохтан күлэҕиний? – быраас соһуйар.
– Ээ, билбэтим. Һа-һа… – Оппоо алларастаабытыгар бары да дьик гыналлар.
– Тугун эрэ кычыгыланар дуо? – быраас бара сатаан ыйытар.
– Ээ, суох, кычыгыламмат… Айыкуу… Ыалдьар… Абытай, абытай!.
– Атыттар хайдаххытый?
– Этэҥҥэ курдукпут, – Өкүлүүнэ барыларын аатыттан хоруйдуур.
– Чэ, оччоҕуна, Афоняны балыыһаҕа илтибит. Ким эмэ барсар дуо?
– Мин барсабын, – Маайа тылланар.
– Суох, эн хаал, оҕолоргун көр. Мин барсыам, – Өкүлүүнэ тыла – сокуон. Ким да утарбат.
– Чэ, оччоҕуна, түргэн соҕустук хомунуҥ.
– Ол баҕас начаас. Ыллыбыт да бардыбыт, – Өкүлүүнэ оронуттан турар.
* * *
Өкүлүүнэлээх Оппоо барыахтарыттан ыла дьиэ иһэ иһийбиккэ дылы буолар. Ким да кимниин да кэпсэппэт, бары кэри-куру курдук сылдьаллар. Моттоко, хайыа баарай, тэтэрээтин ороон, биир-биир санааларын сааһылаан, суруйбутунан барар: «Сарсыарда ийэм хаһыытыттан уһуктан кэллим. Ийэм куһаҕан түүлү түһээтэ быһыылаах. Хайа аанньа буолуой? Уолун Оппоону санаатаҕа… Оппоону илдьэ барыахтарыттан, бары уку-суку сылдьабыт. Лөглөө Оппоо ыалдьыаҕыттан уруккутун курдук күлэрэ-үөрэрэ, мэниктиирэ, дьээбэлэнэрэ ханан да суох буолла. Бу сайылыкка хам хатанан баран олоробут. Санаабар, хаайыы курдук. Санаан көрдөххө, биһиги олохпут биир-биир сатарыйан иһэргэ дылы. Туохтан, хаһан, хайдах ити барыта саҕаламмытын этэр кыаҕым суох. Эбиитин Оппообут ыарыйда. Түүн ортото ынчыктыы-ынчыктыы уһуктан кэлбитэ. «Туох буоллуҥ?» диэн ыйыппыппытыгар: «Испэр буомбаны дэлби эстэрбиттэрин курдук ыалдьар», – диэхтээбитэ. Оппоо турар да кыаҕа суох этэ, уу эрэ иһээхтиирэ.
Уонна дөрүн-дөрүн дьикти баҕайытык, кычыгалаппыт киһи курдук, күлэн ылара. Ама, ыалдьыбыт киһи итинник күлүөн сөп дуо? Оппоону быраас кэлэн илдьэ барда. Эдьиий Өкүлүүнэ кинилиин барыста…. Уопсайбын, устудьуон доҕотторбун, үөрэхпин уонна Кешаны санаатахпына, «ити барыта миигинниин этэ үһү дуо?» диэхпэр дылы ыгылыйабын, айманабын. Ол эрээри ол туһунан кимиэхэ этиэхпиний? Суох. Оппоо хайаан да үтүөрүөн наада»…
Сиһилии Даана Сард «Сүлүһүннээх таптал» (“Бичик”, 2019) кинигэтигэр ааҕыҥ.
Кинигэ «Айар» маҕаһыыннарыгар атыыланар.