Бастаан биэ ииттиэн баҕарар киһи, сааһыттан тутулуга суох, үчүгэй удьуордаах сылгы төрүөҕүттэн ылара ордук. Ийэтэ-аҕата хаһыыны тулуйар, сыл аайы төрүүр, бөдөҥ, усталаах, атаҕа суон, кэлин өттө кэтит буолуохтаах.
Биэ синньэ улахана – ол үүттээҕин туоһута, оччоҕо оҕото улахан, эмис буолар, итини барытын сылгыһыттартан, эбэтэр сылгыны билэр дьонтон сүбэлэтэр наада.
Тиэргэҥҥэр хотон таһыгар, эбэтэр хаххалаах сиргэ сылгы аһатар сири оҥостуохтааххын. Онно оҕуруотуҥ сирин тутарыҥ ордук. Убаһа, тый кыһын эргиччи хаарынан турара ордук буолар. Эрдэ уулатар буоллаххына, улаатан баран ууга наадыйан, түргэнник ырар. Аһатар дал иһэ тэпсиллэн чигди буоллаҕына, аанын аһан таһааран, атын сиргэ хаардатаҕын. Эдэр сылгыны илиигэ үөрэтэр ордук, ыҥыра үөрэттэххэ, истэн сүүрэн кэлэр буолар.
Кыһын убаһаны, тыйы күрүөҕэ тутан эргиччи аһатаҕын, кинилэр кыайан хаспаттар. Төрүүр биэни, тиҥэһэни салгын түһүөн иннинэ, ол аата тохсунньуттан-олунньуттан, ыра иликтэринэ арааран аһатар ордук. Бириэмэҕиттэн көрөн сарсыарда 6-7 чааска, киэһэ 4-5 чаас диэки аһатаҕын. Кыра-кыралаан күнү быһа аһыыра ордук.
Биир биэҕэ кыһын икки ыйга аһатарга, убаһаны хаайан туран аһатарга 1 төбөҕө 2 туонна кэриҥэ от, 200 кг эбиэс наада. Оккун күҥҥэ иккитэ ыһан аһатаҕын. Отуҥ хаачыстыбата үчүгэй буолара наада. Эбии бурдугу, эбиэһи кыһыҥҥы улахан тымныыларга, тыалга көрөн биэрэҕин, биэ төрүөн иннинэ бурдуктатар наадата суох. Күрүөҕэ туус баар буолара ордук.
Биэ төрүүрүгэр кэтээн көрөҕүн, үксүн күн хараҥа кэмигэр төрүүр. Үчүгэй биэ бэйэтэ көрөн анньан туруорар, эдэр биэ чигдигэ төрөөн, туруорбакка хаалыан сөп.
Үөргэ саас уу-хаар тахсыыта бэйэтэ сылдьа үөрүйэх атыырыгар ыытыллар, ону бэйэҥ, эбэтэр сылгыһыттар эргиччи кэтээн көрөллөр. Тиҥэһэ, тыйыгар үчүгэйдик кыстаабыт буоллаҕына, атыырга киирдэҕинэ, түргэнник буоһуур. Тиҥэһэтигэр кулуннуура кутталлаах, кэлин улаатан да баран, кулуннуу туруон сөп.
Ветеринарнай көрүүнү-истиини былаан быһыытынан ис үөнүн утары, сибииркэ быһыытын оҥоһуллар, анаалыска хаан ылыллар, кыра сылгыга уонна ырбыт биэҕэ укуолунан битэмиин бэриллэр.
Биэни 15-16 сааһыгар диэри төрөтөн, көрөн-истэн илдьэ сылдьыахха сөп, кырдьыбытын бэлиэтэ тииһэ түһэр, оччоҕо уотан, эккэ туттуллар.
Убаһа этин орто ыйааһына 100-120 киилэ буолар, ол барыта биэни үчүгэйдик көрүүттэн-харайыыттан, удьуоруттан тутулуктаах.
Күнү-дьылы билгэлээһин
Сылгыһыт киһи айылҕаҕа сылдьар буолан, дьыл тыала-кууһа хаһан түһэрин барытын кэтээн көрөн, билэ үөрэниэхтээх, тыаҕа ханна күн-дьыл билгэтин кэтии сылдьыаххыный. Сылгыга улахан моһуок диэн кыһыҥҥы өттүгэр тыалырара буолар, туруору тымныыга хаардаахха улаханнык тоҥмот, күнүстэри-түүннэри хаһар.
Тыалга кини, дьэ, хотторор, тыал түһүөн биир-икки хонук инниттэн билэр. Үрдүк сиртэн намыһах хаххалаах сирдэргэ түһэр. Онтон тыал тохтууругар, кыра тыаллаах да буоллаҕына, үрдүк сиргэ тахсан кэлэр. Онон сылгыны көрөн эрдэттэн билээччибит.
Кынат былыт сэтинньигэ куруук турар буоллаҕына, кыһыны быһа тыалырар, олунньуга өссө күүһүрэр. Хаар төһө халыҥыаҕын билэргэ талах үнүгэһин көрөбүт – быйылгы үнүгэс төһө үрдүк буолар да, хаар оччо халыҥнаах буолар. Чараас хаардаах дьыл кып-кылгас буолар. Кураан, өҥ дьыллар кэлэллэрэ күнтэн тутулуктаах. Олунньу ый ичигэс буоллаҕына – сайынын кураан буолар. Холобур, биир сыл олунньуга олус ичигэс этэ. Мас көтөҕөтүн хойутаан, хаар түспүтүн кэннэ түһэрбитэ, онон саас хойутаан кэлбитэ. Хаар уута мээнэ тахсыбакка, салгыҥҥа көтөн хаалбыта. Бэс ыйа ардахтаах буоллаҕына, сайыҥҥы өттө кураан соҕус буолар.
Биһиги билгэбит – ый хаамыытын, ый алтыһыытын көрөбүт, онон сылыктаан төһө уһун тымныы кэлбитин билэбит. Холобур, ичигэс сайын буолар буоллаҕына, ый алтыһыытын ыам ыйыгар бүтэрэн кэбиһэр. Ыам ыйыгар ситэн аастаҕына – бэс ыйын бииригэр алтыһар, ол аата сөрүүн сайын буолар. Ардах түһэрэ эрдэттэн биллэр, холобур, хотуттан үрдэ да, икки күн буолан баран, ардах кэлэр. Соҕурууттан тыаллаах буоллаҕына – курааны күүтэҕин.
Олунньута сылаас, хаардаах буоллаҕына, сааһа тымныы буолар.
Сылгы туругун, сааҕыттан көрөн, ырар диэн билэҕин уонна сааҕа кытаатыар диэри аһатан биэрэҕин. Тымныы бириэмэтигэр уулаах сылгы хотторбот, тохсунньуга эбии аһатааччыбыт, истэрин сааҕын толорон биэрэбит.
Олунньуга салгын түһүүтэ, сылгы күн уотугар эргийэ сылдьан, туран биэрэр, туорайдыыр, кыһын тоҥмутун таһаарар, аһыыр бириэмэтэ кыччыыр. Ыран, түүтэ сахсайан барар. Үөр аайыттан төрүүр кырдьаҕас биэ өттүн хомуйан ылан, аһатабыт.
Биһиэхэ манна төрүт олохтоох Хаҥалас сылгыта олох үчүгэй, тубуста. Кэлии сылгы элбээтэ, олор сорохторо мөлтөхтөр, Ньурбаттан кэлбит атыырдар тыалы тулуйбаттар, Дьааҥылар биһиги хоччоххой оппутугар үөрүйэхтэрэ суох, онтон хаһыс да көлүөнэтэ тулуйар буолар.
Урут биһиэхэ Муостаахай диэн атыырдана сылдьыбыппыт, ол кытыылыыр соноҕос этэ. Онно кырдьаҕас атыыр үөрүн биэрдибит, биэлэр бары уулаахтар этэ. Олору сороҕун дэлби кырбаталаан бырахтарбыта, сорох биэлэр оҕолорун төрөөбүттэрин кэннэ тутаттаан өлөртөөн кэбиспитэ. Ону биһиги кырдьаҕас сылгыһыттартан ыйыттыбыт. Ол улахан үчүгэй атыыр буолар сылгы эбит, атын атыыр кулунун ииппэт диэбиттэрэ. Кырдьык, ол атыырбыт үөрүн ыспат, үчүгэй атыыр буолбута.
Сылгыны киһи курдук өйдөөх диэн, сахалар таҥара оҥостон эрдэхтэрэ…
Харбатыы
Балаҕан ыйын саҥатыгар уу ичигэс, өссө тымныйа илигинэ, эбэ уута түһэн, саамай тардар кэмигэр харбатыы хампаанньата ыытыллар. Бу былыргыттан оҥоһуллар үөрүйэх буолан, биһиги сылгыларбыт атырдьах ыйын 20 күнүн кэнниттэн үрэхтэртэн, ыраах алаастартан хоҥнон, өрүс диэки кэлэн бараллар. Ити айылҕанан бэриллибит, иҥэриллибит инстинкт буолар.
Кытылга киирэн баран, тот сылгы харбаатаҕына, уҥар диэн ааттыыллар, ити былыргыттан баар этэ. Ону бу сылгылар хайа анныгар киирэн, уулуу-уулуу, саахтыы-саахтыы тураллар. Оннук гынан бэйэлэрэ бааллаллар, аһаабакка, истэригэр баар саахтарын көҕүрэтэллэр.
Дьэ, уонна бэйэлэрэ биир уларыйбат, харбыыр миэстэлээх буолаллар. Улахан Ааҥҥа үрэх төрдүнэн түһэллэр уонна Ойоос арыыга 500 миэтэрэни тахсаллар, онтон Улахан Арыыга диэри, уу түһэн турдаҕына кэтитэ 1200 миэтэрэттэн ордубат буолар. Булгунньахтаахха Баһылай аартыгынан 800 миэтэрэ, Тиит Арыы дьаамыгар Кэтэмэ үрэҕин төрдүнэн эмиэ 600-800 миэтэрэ курдук буолар. Сүүрүккэ оҕустаралларын барытын аахпыт курдук, урукку сирдэринэн чуо тахсан кэлэллэр. Ууга киириигэ биир кырдьаҕас биэ баар буолар, ол бас-көс буолан, сирдьиттиир, атыыр онно оруола суох. Үөр бары биэни батыһар, дьэ, онно атыыр оруола – биир да сылгыны хаалларыа суохтаах. Биир эмит урут ууга киирбэтэх кытыан сылгы куттаннаҕына, үүрэн, күүһүнэн киллэрэр.
Кырдьаҕас биэ инникилиир, кэнниттэн үксэ саастаах биэлэр, онтон кыралар батыһан харбыыллар, атыыр кэннилэриттэн иһэр буолар. Ууга киирэн тыыннарын ылалларыгар тыбыыр да тыбыыр буолаллар. Киирэн иһэн субуһаллар, ким күүстээх, ууһут бастыыр, ким ууһута суох хаалар. Ким иһэ ынах курдук кэлтэччи тахсан хаалан баран иһэр буолар, ким туртас курдук хоройо-хоройо харбыыр. Биэлэр оҕолорун кэтээн иһэллэр, оҕото хааллаҕына, кистээн айдаараахтыыр, онтон хайыай, ийэтэ эргиллэн кэлэн бэйэтин иннигэр киллэрэр. Ийэтэ оҕото мөлтөөбүтүн биллэҕинэ, иннигэр киирэн, бэйэтэ кэннинэн буолан биэрэр, оччоҕо бу кулунчук ийэтин үрдүгэр тахсан кыпчыйан кэбиһэр уонна оннук иккиэн биэрэги булаллар.
Аны балаҕан ыйыгар уу тымныы буоллаҕына, көһүйэн хаалан, туруору биэрэккэ бэйэлэрэ кыайан тахсыбаттар, куһаҕан биэрэккэ батыллаллар. Ону сылгыһыттар мотуорканан киирэн көрө сылдьан, көмөлөһөллөр. Дьэ, уҥуор таҕыстылар да, тоҥмуттарын аһарынан, сүһүөхтэрин ириэрэн, сырсаллар, ууларын куурдан тиэн да тиэн буолаллар, сахсынан-сахсынан баран, ыырдарын диэки сиэлиинэн-сүүрүүнэн тигинэтэн хаалаллар.
Дьааҥыттан, Халыматтан, Намтан хаан атастаһыытыгар аҕалбыт биэлэрбит, атыырдарбыт үөргэ киирэн батыһан, түргэнник үөрэнэллэр. Манна арыы кэнчээритигэр, саамай минньигэс аһылыкка киирэрин айылҕа оҕото билбэт буолсу дуо, түргэнник үөрэнэр буоллаҕа.
«Сылгы куттаах бөртөлөрбүт» кинигэттэн.