Сылгыһыт күнүнэн!

Ааптар: 
21.03.2020
Бөлөххө киир:

2016 с. Ил Дархан Егор Борисов таһаарбыт «Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр сылгыны үөрдээн иитиини сайыннарыы дьаһалларын туһунан» ыйааҕар «Сылгыны үөрдээн иитии туһунан» сокуоҥҥа уларытыы киирэн, сылгы базатын тутуу, племенной ыччат сылгыны иитии, сылгыһыттар Үөрэнэр кииннэрин тэрийии, ыраах учаастактары туһаҕа таһаарыы, сылгы бородууксуйатын тиэйии-таһыы, мэччирэҥтэн көрөн сылгы ахсаанын былааннааһын уо.д.а. дьаһаллара бэлиэтэммиттэрэ.

edersaas.ru.

Итиэннэ саха төрүт дьарыгын сайыннарар, сылгыһыты өрө тутар сыалтан кулун тутар 21 күнүн Сылгыһыт күнүнэн биллэрэр туһунан этиллибитэ. Быйылгы Сылгыһыт күнүн туох ситиһиилээх көрсөрбүт итиэннэ инники соруктар тустарынан  тыа хаһаайыстыбатын миниистирин солбуйааччы Николай Афанасьев маннык кэпсиир.

Сылгы 35 %-а эбии аһылыкка киирдэ

Бүгүҥҥү туругунан, бас билии көрүҥүттэн тутулуга суох өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 182 тыһ. 888 сылгы баар. Былырыын баччаларга 176 тыһ. 331 сылгылаах буоллахпытына, быйыл көрдөрүүбүт үс бырыһыанынан тупсарылынна. Кыстык кэминэн, сылгы туруга орто. 64 тыһ. сылгы, ол эбэтэр баар сылгы 35 %-а эбии аһылыкка киирэн турар. Былырыын туһааннаах кэмҥэ сылгы 24 %-а аһаан турбута. Уопсайынан, быйыл интэриэһинэй соҕус кыһын буолла. Ол курдук, бастаан Бүлүү эргин, Кэбээйи, Нам, Горнай улуустарыгар уонна Хаҥалас, Уус Алдан улуустарын сорох нэһилиэктэригэр хаардаах ардах түһэн, сылгы кыстыга уустук соҕустук саҕаламмыта. Аны кыһыҥҥы өттүгэр ханна даҕаны хаар күүскэ түһэн, олус халыҥаата. Инньэ гынан, сылгы туругун мөлтөппөт инниттэн хаһаайыстыбалар сылгыны күүскэ аһатан тураллар, хата, ааспыт сайын үүнүүлээх буолан, отунан хааччыллыы куһаҕана суох. Биирдиилээн кулуннааһын түбэлтэтэ ханна барыай эрээри, билиҥҥитэ киһи дьиксиниэҕэ суох. Төрүөҕү кэтэһэбит.

Субсидия үрдэтилиннэ

Улахан болҕомто племенной үлэҕэ ууруллар. «Сахаагроплем» судаарыстыбаннай бүддьүөт тэрилтэтэ уон биэс улууска силиэксийэлиир-племенной үлэ тиһигин тэрийэн ыытар. Күн бүгүн Арассыыйа таһымнаах 26 племенной хаһаайыстыба, түөрт сылгы собуота бааллар. Бу хаһаайыстыбалар үчүгэй, төрөлкөй төрүөхтээх, тулуурдаах уонна хаһан аһыыр дьоҕурдара үрдүк атыырдар утумнарын ууһатар, онон саха сылгытын хаачыстыбатын лаппа тупсарар сыаллаах-соруктаах үлэлииллэр.

Быйыл үп-харчы төһө да кырыымчык буоллар, федерацияттан племенной үлэҕэ көрүллэр субсидия балтараа төгүл үрдэтилиннэ, оттон өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн биэҕэ бэриллэр субсидия аччатыллыбата.

Олоҕу кытары тэҥҥэ хаамсыы

Сылгыны көрүүнү-истиини судургутук саныыр дьон сыыстараллар, тоҕо диэтэххэ, сылгыны үөрдээн иитии салаатыгар аныгы технология хотоойутук киллэриллэр. 2018 сылтан племенной хаһаайыстыбалар сылгыларыгар электроннай чиптэр туруоруллан, сылгылар төрүччүлэрин үөрэтэргэ, туруктарын кэтээн көрөргө саҥа кыахтар арылыннылар. Кэлэр сылтан табаарынай хаһаайыстыбалар сылгылара чиптэниэҕэ.

Ону таһынан, министиэристибэ Арассыыйа Наукаларын академиятын Биологическай проблемаларга институтун кытары оҥорбут бырайыагынан, сорох хаһаайыстыбалар сылгыларыгар сыыппара технологиятынан үлэлиир моойторуктар кэтэрдилиннилэр. Бу тэрилинэн сылгыһыттар үөр ханан сылдьарын сылаас дьиэҕэ олорон кэтээн көрөллөр, наада буолла да, чопчу тиийэн буолан ылаллар, оттон учуонайдар сылгы сууккатааҕы хамсааһынын, ханан сылдьан хаһарын, күҥҥэ төһө сири барарын үөрэтэллэр.

Сири көдьүүстээхтик туһаныы

Ыйаах чэрчитинэн Сир Кодексыгар судаарыстыба, муниципалитет бас билиилэригэр баар сирдэри сылгы хаһаайыстыбаларыгар сыһыарар туһунан балаһыанньа киллэриллэн, биир сылгыга гектартан итэҕэһэ суох оттуур ходуһа, аҕыс гектар мэччирэҥ сыһыарыллара олохтонно. Онно олоҕуран уонна кэнники сылларга сылгы ахсаана бигэтик эбиллэринэн, сылгыны дэриэбинэттэн тэйитэн, ыраах учаастактары туһаҕа таһаарар сорук турар. Итинник үлэ биирдиилээн чааһынайынан бытарыйбыт хаһаайыстыбаларга кыайтарбата биллэр, оччотугар сылгыны үөрдээн иитиигэ идэтийбит хаһаайыстыбалары тэрийии наадата күөрэйэр.

Биллэрин курдук, кэнники кэккэ сылларга тыа хаһаайыстыбатын тиэхиньикэтин оҥорор хампаанньалар табаары оҥорооччуларга тиэхиньикэни чэпчэтиллибит сыананан хааччыйалларыгар субсидия көрүллэн итиэннэ тыа хаһаайыстыбатын өрөспүүбүлүкэтээҕи бырагырааматын чэрчитинэн үгүөрү үп тыырыллан, үгүс хаһаайыстыба, ол иһигэр сылгы хаһаайыстыбалара, сири таҥастыыр, ыһыыга уонна хомуурга туһаныллар тиэхиньикэлэри атыыластылар. Дьэ бу тиэхиньикэлэргэ тирэҕирэн, сылгы аһылыгын базатын хааччыйар инниттэн бааһыналары сөргүтүү, сири төрдүттэн тупсаран оҥоруу үлэтэ күүһүрүөхтээх. Кэлэр өттүгэр хаһаайыстыбалар эбиэһи атын сиртэн атыыласпакка, бэйэлэрэ үүннэриэхтээхтэр.

Өртөөһүн туһунан өссө төгүл

Өр сылларга туһаныллыбатах сирдэр кур лаҥханан бүрүллэн сыталлара ыраах учаастактарга үлэлиэн баҕарар дьону чаҕытар. Оттон баһаар үөскүүрүттэн сылтаан, сокуон өртөөһүнү күүскэ бобор. Биһиги ТХНЧИ учуонайдарын кытары Саха сиригэр өртөөһүн көдьүүстээҕин дакаастыыр бырайыакка үһүс сылын үлэлии сылдьабыт. Быйыл эспэримиэни түмүктээн, учуонайдар үлэлэрин туттарыахтара, оттон биһиги федеральнай киини кытары сокуоҥҥа уларытыы киллэрэргэ үлэлэһиэхпит. Дьиҥинэн, тустаах нэһилиэктэр баһылыктара дьону-сэргэни уонна ыксаллаах быһыы-майгы кэмитиэтин үлэһиттэрин кытары эрдэттэн сүбэлэһэн, былааннаан, уот турар куттала суох сирдэрин, холобур, өрүс арыыларын, өртүүллэрэ тоҕо сатаныа суоҕай?

Кыһыҥҥы бытарҕан тымныыга, сайыҥҥы өҥүрүк куйааска аһаҕас халлаан анныгар сылдьан, сыспай сиэллээҕи тэнитэр туһугар сыралаһар сылгыһыттары, Сылгыһыт күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин. Ситиһиилээх үлэни, чэгиэн-чэбдик доруобуйаны баҕарабын!

Раиса Сибирякова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0