Быйыл Сунтаарга хаар олус халыҥ буолан, хаһыыга үөрүйэҕэ суох сылгылар ырыганныыр кутталлаахтар. Ордук эдэр сылгылар эстэллэр. Ити иһин, исписэлиистэр кэмиттэн кэмигэр хаһаайыстыбаларга сылдьан, күннээҕи үлэни-хамнаһы, сылгылар туруктарын билсэбит, ырыганнаан эрээччилэри хайдах аһатарга сүбэлиибит.
Болҕомтону – тыйдарга
Бырамыысыланнас тэрилтэтэ көмөлтө салаа быһыытынан, тыа хаһаайыстыбатыгар ылсара атыттарга холобур буолар. Ол курдук, былырыын сылгы хаһаайыстыбатын тэринэн, Түбэй нэһилиэгэр быраҕыллан турар Кыһалтай уонна Куртуйахтаах учаастактарыгар сылгыһыттар олороллоругар итиэннэ үлэлииллэригэр бэрт тупсаҕай базаны оҥостубута.
Хампаанньа Өлүөхүмэттэн аҕалбыт икки атыырын үөрүн бөһүөлэк таһыгар кыстаппыт.
— Сылгылары күҥҥэ иккитэ аһатабын, — диир сылгы аһатааччы Виктор Илларионов. — Ырыганнаабыттары туспа далга араарабын, уоннааҕылар аһыыр кэмнэригэр кэлэ тураллар.
Хаһыы мөлтөҕүнэн, сылгылар туруктара соччото суох, көхсүлэрэ хаардаах, хас да биэ кулуннаабыт уонна быттаммыттар да бааллар. Ол иһин, биригэдьиир Николай Барабановтыын сылгылары бөһүөлэктэн тэйитэн мэччитэргэ кэпсэттибит.
Кыһылтай учаастагар 14 убаһа уонна Өймөкөөнтөн аҕалыллыбыт 53 тый турар. Кыһын саҕаланыытыгар барыларын бииргэ туруорбуттарын көрөн, туспа үөрдүүргэ сүбэлээбиппин ылынан, тыйдары Бөрө Уйалааҕынан уонна Куртуйахтааҕынан олохтоон, хастаран аһаппыттар. Убаһалар туруктара үчүгэй, оттон тыйдар туруктара араас, сорохторо быттанан эрэр эбиттэр, дэлби аалынаннар, бууттарын түүтэ сороломмут. Инньэ гынан, “Новомегынан” өссө төгүл эмтииргэ уонна аһатыыны күүһүрдэргэ сүбэлээтибит. Бу ыйга Өймөкөөнтөн өссө отуттан тахса убаһаны уонна тиҥэһэ атыырдары аҕалыахтаахтар, ону таһынан Өлүөхүмэттэн икки ат кэлиэхтээх. Онон, сылгыһыттар сылгылары сайылатар ыырдарын быһаарыахтаахтар.
Бөрөө, бөрө!
Кэмпэндээйитээҕи туус собуота өссө үс сыллааҕыта сылгы иитэр хаһаайыстыбаны тэринэн, Сооруос учаастагар тупсаҕай оҥоһуулаах базаны туттубута. Манна көлүнэр аттары аахпатахха, алта атыыр үөрүгэр холбоммут 63 биэни, кытыт, тиҥэһэ сылгылары уонна сэттэ убаһаны Николай Никифоровы кытары Валерий Генеров көрөллөр.
Далга хаайан туран, күҥҥэ иккитэ аһатар уонна бурдук сиэтэр буоланнар, убаһалар туруктара үчүгэй. Бэл, ороһу төрөөбүт убаһа улааппыт курдук көстөр. Барыта этэҥҥэ буолуоҕун, ардай аһыҥастаах кыыллар моһуоктаабыттар. Олунньу 11 күнүгэр бөрөлөр биир биэни тарданнар, Үчүгэй Айааҥҥа турбут сылгылары базаҕа аҕалан, икки нэдиэлэ устата алта атыыр үөрүн барытын бииргэ хаайан турарга күһэллибиттэр. Ол кэм устата бөрөлөргө хапкаан ииппиттэр уонна Үчүгэй Айааҥҥа уонча буолан икки “Бураанынан” бөрөлөрү хаайаннар, биэс килэмиэтирдээх учаастагы видеомагнитофон лиэнтэтинэн эргитэн хаайан бултуу сатаабыттар даҕаны, хараҥаҕа былдьаппыттар. Сарсыныгар кэлбиттэрэ, бөрөлөр хааччахтан тахсан хаалбыттар. Саатар ол түүн былыттаах уонна тыала суох түүн буолан, лиэнтэ ый уотугар кылабачыйбатах, тыалга тыаһаан куттаабатах. Бөрөлөр куоттахтара ол. Уонтан тахса хонук устата биир сиргэ хаайбыт сылгыларыгар саас, сылгы төрөөһүнүгэр былааннаабыт саппаас отторун, бурдуктарын сиэппиттэр.
“Буранынан” кэрийэн, хаһыыга сылдьар үөрдэри көрдөххө, икки нэдиэлэ кэриҥэ хааллан турбуттара охсубута биллэр эрээри, уопсай туруктара куһаҕана суох. Бөрөлөргө ииппит хапкааннарын эстэхтэринэ, бу күннэргэ үчүгэй хаһыылаах сирдэргэ үүрүөхтээхтэр. Чугастааҕы үрэхтэр кытыыларын ааспыт сайын турбут уот ньылбы сиэбит буолан, хаһыы Үчүгэй Айааҥҥа эрэ хаалбыт.
Элбэххэ туох суох буолуой? Ырыганнаабыт 17 сылгыттан икки улахан сылгы уонна икки кытыт ордук хотторбут. Онон бу сылгыларга уонна убаһаларга цеолиты, тууһу, бурдугу ууга булкуйан тоҥорон, минеральнай эбии аһылыгы тэрийэргэ, сыһыыга сылдьар сылгыларга тууһу салатарга сүбэлээтибит. Оттон убаһалар хаһан аһыыр дьоҕурдарын сайыннарар туһуттан кинилэри дьиэ аттынааҕы киэҥ тиэрбэскэ биир кырдьаҕас биэҕэ үөрдээн хастарыы аҥаардаах аһатарга эттибит.
Түмүк оннугар
Ити курдук, хаһаайыстыбаларга сырыы түмүгүнэн эттэххэ, халыҥ хаартан уонна бөрөттөн сылтаан улуус үрдүнэн сылгы маассабай ырыганнааһынын таһаарбат инниттэн сылгыһыттар минеральнай эбии аһылыгы тэрийэллэрэ уонна ый аайы уон хонукка эбиэһинэн итиэннэ өлгөм отунан күүскэ аһаталлара наада буолбут. Оччотугар эрэ сылгыларбытын кыстыгы этэҥҥэ туоратыахпыт.
Сунтаартан Борис Потапов, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru саайтка анаан.