Сылгыһыт Сэмэн

Ааптар: 
21.02.2017
Бөлөххө киир:

Мэҥэ Хаҥалас улууһун Араҥас нэһилиэгин олохтооҕо Сэмэн Олесов сааһын тухары сылгы иитиитинэн илиитин араарбакка дьарыктанан кэллэ. 90-нус сылларга дойдуга ыһыллыы буолан, “Тарат” кэлэктиибинэй предприятие эстиэҕиттэн, уолунаан Петр Олесовтыын бааһынай хаһаайыстыба тэринэн сүөһү көрөр, сылгы иитэр.

Сэмэн Олесов бэйэтэ кыратыттан сылгыга сыстыбыта. 1975 сыллаахтан сылгыһыт көмөлөһөөччүтүнэн, онтон 1979 сылтан «Тарат» хаһаайыстыба сылгыһыттарын биригээдэтин салайбыта.

Сэмэн быйыл 50-ча саха сылгытын кыстатта. Маны сэргэ сүүрүүк аттары эрчийэр. Таракка дьиэтин тэлгэһэтигэр хаан аҥардаах сүүрүүк сылгылары баайан далыгар туруорар.

Сиэн уолаттарын — Төҥүлүгэ 10-с кылааска үөрэнэр Вася Петрову уонна Дьокуускайга олорор 7-с кылаас үөрэнээччитэ Сеня Олесовы — кыра саастарыттан батыһыннара сылдьан үлэ үөрүйэхтэригэр уһуйар, бэйэтин үтүө холобурунан сылгыһыт идэтигэр сыһыарар.

Ити курдук тыа сирин бүгүрү киһитэ Сэмэн Олесов күннэтэ өбүгэ үгэһин утумнаан Дьөһөгөй оҕотун көрөр-истэр, үлэ үөһүгэр буһар-хатар.

Зоя Герасимова.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0