Сылгыһыт Мэхээлэ Эрилиги чиэстээтэ

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Бүгүн Суорун Омоллоон аатынан Опера уонна балет тыйаатырыгар саха биллиилээх романист суруйааччыта Семен Яковлев-Эрилик Эристиин төрөөбүтэ 125 сааһыгар анаммыт дьоро киэһэҕэ, өрөспүүбүлүкэ уопсастыбаннаһын үөрүүлээх мунньаҕар олус элбэх киһи муһунна.

Елена ПОТОЦКАЯ “Саха сирэ”, edersaas.ru 

Таҥас устар көхөҕө да, саалаҕа да биир да миэстэ суох! Мин киһи элбэҕиттэн баппакка, тэйиччи ыскамыайкаҕа олорор дьоҥҥо чугаһаан: “Бу туох элбэх киһитэ муһунна? Дьон олоппоһунан, сиринэн олороллор дии”, — диэн ыйыппыппар, дьонум саха киһитин сиэринэн, кэпсэтэн бардылар.

— Чурапчы Дириҥиттэн бэрт элбэх буолан кэллибит. Эрилик Эристиин аатын кытта улааппыт көлүөнэ дьон буоллахпыт. Оҕо эрдэхпититтэн бэйэбитин Маарыкчаан ыччаттарабыт дэнэбит. Хачыгыр ыарахан олоҕуттан кинини аһымматах саха суоҕа буолуо. Мин тус бэйэм сылгыһыттыы сылдьан, Эрилик төрөөбүт-үөскээбит Чакырын Дьаҕатын Баһынан элбэхтэ атынан сылдьыбыт сирим. Билигин Дириҥ орто оскуолатыгар сылгыһыттыыбын. Манна кыыспын олоҥхолото аҕаллым. Ийэтин төрдүнэн чакырдар сиэннэрэ. Онон оҕом төрдүн-ууһун билиэн наада.

Эрилик Эристииҥҥэ бачча элбэх киһи кэлбитигэр киһи соһуйбат. Чурапчы эрэ дьоно буолбакка, сахабын дэнэр киһи барыта биһиги Эриликпитин “Улуу киһи, саха Островскайа” диэн ааттыыр. Киһи быһа хаампат, күүскэ эппэт ытык кырдьаҕаһа. Аны сайын дойдубутугар бүгүҥҥү курдук бары бэрт түмсүүлээхтик ыһыахтыахпыт буоллаҕа, — диэн санаатын үллэстэр Чурапчы Дириҥин олохтооҕо Михаил Корякин.

Кини төрөппүт кыыһа, 6-с кылаас үөрэнээччитэ Уля Корякина: “Дьырыбына Дьырылыаттаны” олоҥхолуу кэллим”, — диир. Уля биэс сааһыттан олоҥхолуур буолан, тыйаатырга толору мустубут дьонтон олох да кыбыстыбатах. “Толору саалалаах сценаҕа киһи ордук аһыллар”, – диэн дуоспуруннаахтык санаатын үллэстэр кыысчаан. Онон эдэр олоҥхоһут бастакы уһуйааччыта Мария Божедонова уонна билигин кинини уһуйа сылдьар Прасковья Никонова бэртээхэй талааны иитэн таһаарбыттар диэн киһи үөрэ саныыр.

  1. Эрилик Эристиин биир дойдулаахтара Чурапчы Дириҥин курдук сиртэн кэлэн истиҥник саныыр суруйааччыларын үбүлүөйүн дьоро киэһэтигэр эдэрдиин-эмэнниин мустан чиэстээбиттэрэ – ытык киһилэригэр улаханнык сүгүрүйэллэрин бэлиэтэ. Ол да иһин буолуо, тыа сирин дьонун – сылгыһыт киһи олоҥхоһут кыысчаанын кытта дуоһуйа кэпсэтэн, тыйаатыртан санаам олус өрө көтөҕүллэн тахсыбытым…

Ааптар хаартыскаҕа түһэриилэрэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0