Сылгыһыт күнэ үрдүк таһымҥа ыытыллар!

Ааптар: 
22.03.2019
Бөлөххө киир:

«Саха өрөспүүбүлүкэтигэр сылгыны үөрдээн иитиини сайыннарыы дьаһалларын» туһунан ыйаах чэрчитинэн кулун тутар 21-22 күннэригэр быйыл үһүс сылын тэриллэр өрөспүүбүлүкэтээҕи Сылгыһыт күнэ Үөһээ Бүлүүгэ буола турар.

edersaas.ru


Кыһыҥҥы бытарҕан тымныыга, сайыҥҥы өҥүрүк куйааска дьөһөгөй оҕотун көрөр-истэр хоһуун дьоҥҥо анаммыт улахан тэрээһиҥҥэ уон биэс улуустан (Абыйтан, Амматтан, Орто Халыматтан, Мэҥэ Хаҥаластан, Өймөкөөнтөн, Дьааҥыттан, Чурапчыттан, Тааттаттан, Үөһээ Бүлүүттэн, Сунтаартан, Ньурбаттан, Бүлүүттэн, Намтан, Горнайтан, Хаҥаластан) 117 сылгыһыт, Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин исписэлиистэрэ, норуот дьокутааттара, сылгыга идэтийэр учуонайдар кэлбиттэр.


Бэҕэһээ, ол эбэтэр кулун тутар 21 күнүгэр, Балаҕаннаах сүрүннүүр орто оскуолатыгар сылгы иитиитигэр анаммыт научнай-практическай кэмпириэнсийэ ыытылынна. ТХНЧИ үлэһитэ, биология наукатын хандьыдаата Владимир Додохов Саха сиригэр сылгыны иитии историятын уонна билиҥҥи туругун туһунан кэпсээтэ. Улуус оскуолаларыттан барыта 37 оҕо кэлэн, дьөһөгөй оҕотугар анаммыт дакылааттары аахтылар, сылгыны иитии мындырдарын чинчийиигэ, сылгыһыттар үлэлэрин сырдатыыга олохтоохтук ылсыбыттарын көрдөрдүлэр. Бастаабыттарга тыа хаһаайыстыбатын улуустааҕы департаменын бириистэрэ, бары кыттыбыттарга СГТХА сертификаттара, бэлэхтэрэ туттарылынна.
Улуустааҕы култуура дьиэтигэр тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын дьаарбаҥката, сылгы тэрилин итиэннэ сылгыны үөрдээн иитиигэ анаммыт научнай литература быыстапката буолла.


Киэһэ тэриллибит үөрүүлээх мунньахха миниистир Александр Атласов сылгыһыттары бу дьоро киэһэнэн эҕэрдэлээтэ, сылгыны үөрдээн иитии саха омук төрүт дьарыга, киэн туттуута, национальнай баайа-дуола буоларын тоһоҕолоон бэлиэтээтэ. Бастыҥ сылгыһыттарга наҕараадалары туттарда. Ол курдук, “Тыа хаһаайыстыбатын бэтэрээнэ” бочуоттаах бэлиэнэн Петр Акимов (Үөһээ Бүлүү), “Тыа хаһаайыстыбатын туйгуна” бэлиэнэн Юлистан Кононов (Ньурба), Николай Семенов (Үөһээ Бүлүү), “Сылгыны иитиигэ кылаатын иһин” бэлиэнэн Михаил Емельянов, Иван Кычкин (мэҥэ хаҥаластар), Аркадий Афанасьев (Сунтаар), Андрей Потапов (Ньурба), Егор Трапезников (Нам) наҕараадаланнылар. Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин Бочуотунай грамотатын Аркадий Лукин, Дмитрий Романов (мэҥэлэр), Ярослав Кононов (Хаҥалас) туттулар. Министиэристибэ Махтал суругунан Афанасий Адамов (Үөһээ Бүлүү), Семен Андреев, Федор Варламов (ньурбалар), Василий Леонтьев, Александр Тихонов (бүлүүлэр) бэлиэтэннилэр.

Саамай долгутуулаах түгэнинэн сылгы базатын туттууга көрүллүбүт субсидияҕа сертификаттары туттарыы буолла – сайаапка биэрбит 119 хаһаайыстыбаттан талыллыбыт 50 хаһаайыстыба биирдии мөлүйүөнү ылар чиэскэ тигистэ. Кинилэр кимнээхтэрин ТХМ сайтыгар (https://minsel.sakha.gov.ru/npa/front/view/id/149) билсиҥ.


Андрей Находкин, Ил Түмэн тыа сиригэр уонна аграрнай бэлиитикэҕэ кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ:
—Сылгыһыт күнэ бырааһынньык эрэ буолбатах, кыһалҕалары быһаарсар, инники үлэни торумнуур сэһэргэһии буолар. Биһиги үлэлии сылдьар дьон этиитин истиэхтээхпит, онно тирэҕириэхтээхпит. Сылгыһыттар этиилэринэн тустаах сокуону уларытарга бэлэм матырыйааллаах, информациялаах кэллибит, онон үлэлииргэ бэлэммит.
Бүгүҥҥү күн тэрээһинэ бэрт кэрэхсэбиллээх, кыттааччыларга күүрээннээх буолла: Төҥүргэстээх ипподромугар 42 племенной сылгы атыы-быыстапката, “Сылгыһыт күрэһэ” ыытыллар. Түөрт түһүмэхтээх күрэхтэһиигэ холоһоору, ким бастыҥын быһаараары уон биир улуустан 16 хамаанда күөн көрсөр. Бириис баһырхай: бастаабыкка — МТЗ-320 тыраахтар! Ыраас хааннаах саха сылгыларын сүүрүүлэригэр сүрүн кыайыылаах бирииһэ — Хентай тыраахтар!

Раиса СИБИРЯКОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0