Сылгы абааһыта

Ааптар: 
27.10.2019
Бөлөххө киир:

Бу дьиҥ олоххо буол­бут түбэлтэ. Чып кистэлэҥинэн биир киһи кэпсээбитин сурукка тистибит.

Саха сылгыны улахан суолта­лаах, олоҕу салгыыр диэн өйдөбүллээх. Онон сылгытын бэркэ ытыктаан көрөр-истэр. Кыһын тымныыга сылгы ырар буолан, хаайан аһаталлар. Төрүүр биэни туспа тутан эбии аһаталлар. Үксүн эдэр эбэтэр кырдьаҕас сылгы ырар.

Дьон кырдьаҕас, кыаммат сылгытын төһө кыалларынан эрдэ хаайан, ырбатын курдук бостууктаһа сатыыр эбит. Ол дьыл хаара суох тымныы кыһын буолан, элбэх сылгы ырыганнаан, сорохторо сиргэ охтон, сылгыһыттар биир да күн өрөөбөккө, дьоҥҥо сылгы тутарынан үөрэ-көтө “дьарыктаммыттар”. Оччолорго сылгыһыттар бары “бытыылкаҕа” эрэ хамсыыллара үһү. Тутуохтарын иннинэ — биир, киллэрдэхтэринэ биир “уһун моойдооҕу” көрдүүллэр эбит.

Сэмэн ол төлөбүртэн төлө түспэтэх, барытын төлөөн, биир кырдьаҕас биэтин кытта кулуннаабыт кытытын киллэртэрбит. Сылгылар илии иһигэр киирэн, сотору соҕус буолаат, көхсүлэрин хаара ууллан, көҥүл күөлэһийэр буолбуттар. Дьиэлээх тойон биэлэрэ киирэн, астынан, иһин түгэҕэр киҥинэйэн ыллыыр идэлэммит.

Оҕо каникула бүтэн, үөрэнээччилэр оскуолаҕа барбыт кэмнэрэ эбит. Таһырдьа ыйдаҥалаах буолан, сылгыларыгар хонук отторун биэрэн баран, хаһаайын киирэн утуйардыы сыппыт. Арай ол сыттахтарына, таһырдьа ыаллыы олорор дьон ыттара, онтон кинилэр ыттара тохтоло суох биир кэм тугу эрэ кытта охсуһан эрэр курдук, аҕырыйа-аҕырыйа тэҥҥэ үрбүттэр. Аҕалара сытан: “Киммит итирэн хаалан, сатаан олбуору туораабакка, ыттары сордоото?” – диэн мөҕүттэ-мөҕүттэ тахсан барбыт. Онтон түргэн үлүгэрдик дьиэтигэр ойон киирэн, аан хатыырын сатаан булларбакка хачыгыраппыт. Өссө ыскаабы хасыһан тугу эрэ хачыгыраппыт…

Ийэлэрэ ону иһиллии сытан: “Туох буоллуҥ?” – диэн ыйытан көрбүтүн, аҕалара хоруйдаабатах. Саҥата суох сукуҥнаан кэлэн, ойоҕун хоонньугар киирэн хаалбыт. Оттон улахан кыыс, оҕолор утуйбуттарын туоһулаһарын истэн, тыынарын эбэн биэрэн, утуйбута буола сытан тугу кэпсэтэллэрин иһиллээбит.

Аҕалара өр соҕус тугу да саҥарбакка сытан баран, тугу көрбүтүн сибигинэйэн кэпсээн барбыт: “Туохха булбута буолла… Бачча сааспар диэри абааһы диэни көрбөтөх-истибэтэх бэйэм, көрөн кэбистим… Мантан салгыы хайдах олороохтуурбут буолла…”, – диэхтээбит. Ойоҕо: “Баҕар, сыыһа көрбүтүҥ буолуо, ким эрэ дьээбэлэннэҕэ дии”, – диэн, оҕонньорун санаатын көнньүөрдэ сатаабыт. Оҕонньоро: “Мин да бастаан утаа, итэҕэйиминэ, харахпын туора сотто-сотто, биэбин аһынан, кимин-тугун билээри үөгүлээбитим. Онно ол хара күлүк хотоммут күрүөтүн баҕанатын үрдүгэр биирдэ баар буола түспүтэ, онтон хотоммут кэтэҕэр субурус гынан хаалбыта. Киһи хайдах да итинник ыраах ойор кыаҕа суох… Хомойуох иһин, сиир абааһы диэннэрэ илэ кэлэ сылдьарын сыыстараммын, алҕас көрөн кэбистим дуу”, – диэн баран ах барбыт.

Маны барытын истэ сыппыт улахан кыыс куйахата күүрэн, көхсүн тыбыс-тымныы сүүрээн хаарыйталаабыт. Ол да буоллар, син тулуйбут. Сарсыныгар аҕалара ыалдьан оронуттан турбатах. Абааһыны көрбүтүн төрдүс түүнүгэр сүрэҕэ тохтоон, өлөн хаалаахтаабыт…

Сэмэн бокуонньук бэйэтэ эппитинэн: “Сыыһа тахсан, көрүө суох­таахпын көрөн кэбиһээхтээммин, баран эрэбин”, – диэн ойоҕор эппитин улахан кыыс өйдөөн хаалбыт.

Ким билэр, баҕар, кырдьык, ол ойон тахсан көрбөтөҕө, үөгүлээбэтэҕэ буоллар, тыыннаах сылдьыа эбитэ дуу…

 

“Хараҥа хос” бөлөхтөн.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0