Ыам ыйын 16 күнүгэр Нам улууһун Никольскай сэлиэнньэтигэр ыһыыга бэлэмнэнии бырааһынньыгынан уонна Мусуойдар аан дойдутааҕы күннэрин көрсө сэргэх тэрээһин ыытылынна.
Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Тэрээһин чэрчитинэн сири туһаныы мусуойун тэлгэһэтигэр нуучча сылабаарын бэстибээлигэр элбэх киһи муһунна. Бэстибээлгэ Никольскайдааҕы И.С.Шарапов аатынан сири туһаныы, Намнааҕы история-этнография, Г.В.Ксенофонтов аатынан Хаҥаластааҕы кыраайы үөрэтэр, И.Е.Винокуров аатынан Хатыҥ Арыытааҕы историяны-кыраайы үөрэтэр мусуойдар, улуус оскуолаларын оҕолоро көхтөөхтүк кытыннылар. Ону сэргэ, биирдиилээн дьон дьиэтээҕи сылабаардарын илдьэ кэлэн, бэстибээл далааһынын кэҥэттилэр. Хас биирдии сылабаар оҥоһуллубут сылынан, туттуллубут суолтатынан, оҥоһуутунан, тас көрүҥүнэн бэйэ-бэйэтигэр улаханнык майгыннаспата болҕомтоҕо ылылынна.
Ханнык баҕарар тэрээһин ыалдьыта суох буолбат. Ол курдук, сылабаар бэстибээлигэр Дьокуускай куорат 12 №-дээх оскуолатын үөрэнээччилэрэ, вокальнай бөлөхтөр, ансаамбыллар ыалдьыттаатылар, көрү көҕүлүттэн туттулар.
Тэрийээччилэр «Мааны сылабаар», «Сылабаары киэргэтии», «Дьикти сылаас сылабаар» уо.д.а. куонкурустары олус сэргэхтик ыыттылар. Кыттааччыларга уонна ыалдьыттарга сылабаар историятыттан элбэҕи кэпсээн сэҥээртилэр, сылабаары сатаан уонна түргэнник оргутуу курдук умнуллан эрэр үгэһи сөргүттүлэр. Кыайыылаахтарга өйдөбүнньүк бириистэр туттарылыннылар.
Куонкурустар, быыстапкалар кэннилэриттэн дьэрэкээн сылабаардар тэлгэтиллибит хонууларыгар сылаабар итии, үүттээх чэйин истилэр, сылаас киллэриннилэр. Итии чэй, алаадьы, минньигэс аһылык остуол хотойорунан тардылынна.
Тэрийээччилэр инникитин «Саха сирин сылабаардара» бэстибээлгэ өрөспүүбүлүкэ улуустарын ыҥыран, өссө киэҥ хабааннаахтык ыытар туһунан биир санааҕа кэллилэр. Кыаллар буоллаҕына, тэрээһин ыытыллар сирин уларыта сылдьарга, ол эбэтэр, үгэскэ кубулутарга баҕа санааларын эттилэр.
Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru