Ыйы супту дьиэҕэ хааллан олорор, олоҕун саамай үгэнигэр, үлэлиир, айар-тутар кэмигэр сылдьар киһиэхэ туох да үчүгэйэ суох. Илииҥ-атаҕыҥ бааллан хаалбыт курдук. Куорат бүтэй кыбартыыратыгар сибиэһэй салгын тиийбэт. Ас астаатаххына, куукунаҥ баанньык курдук биирдэ оргуйа түһэр.
Ип-итиигэ түннүгү арыйыаххын, үрдэриэм диэн куттал. Күн аайы коронавирустан сылтаан, дойду үрдүнэн дьон бара турдаҕына, тымныйан ыарыйдаххына, аны, обсерваторга симэн кэбиһиэхтэрэ. Онон хаһааҥҥытааҕар даҕаны бэйэҕин харыстанаргар тиийэҕин.
Таһырдьа эмиэ иннигин-кэннигин көрүнэн, сэрэнэн, атаҕыҥ үрдүгэр үөмэн тахсаҕын. Дьиэҕэ олорор эрэсиими кэспит дьону бултаһан, ыстараап төлөтөллөр. Онон халлаан арыычча хараҥарбытын кэннэ сибиэһэй салгынынан тыына таҕыстыбыт. Партизан курдук хааман иһэбит. Уулуссаҕа биир-икки эрэ киһи көстөр.
ХИФУ кылаабынай куорпуһун утары, сүүһүнэн уотунан сандаарар Теплай күөлгэ (Теплое озеро) тиийдибит. Муус номнуо ууллан уута тахсыбыт. Арай, аҕыйах хардыы оҥорон баран көрбүппүт, аспаал балачча улаханнык хайдыбыт, сирэ сиҥнэн, күрүөтэ-хаһаата иҥнэччи баран, сорох сиринэн олох да суулла сытар. Атахтаах икки лаампалаах остуолба эмиэ иҥнэйэн, субу сууллуох айылаах кыҥначчы баран тураахтыыр.
Хаһааҥҥыта эрэ, сайын сытыйан турбут күөлү ыраастатан, икки өттүттэн тырымнас уоттарынан, ыраас таммахтарынан эргиччи ыһыахтанар фонтанынан, Дьокуускай куорат урукку баһылыга Илья Михальчук киэргэппитэ. Куорат күнүгэр күөл үрдүнэн муоста лаампалара сандаара тыкпыттара, фейерверк чаҕылхай уота күһүҥҥү хараҥаны сырдаппыта, сүүһүнэн сулустар күлүктэрэ ууга түһэн, күлүмүрдүү оонньообута.
Ол кэмтэн ыла 18 сыл ааста. Оттон бүгүн куораппыт биир кэрэ көстүүлээх сиригэр күрүөтэ-хаһаата охто сытара, сирэ сиҥнэн түһэн лаампата сууллан эрэрэ хайдах эрэ киһини хомотор. Дьон бары коронавирус эрэ сонунунан олорор буолан, онно эрэ кыһамматтар курдук. Оттон мин тус санаабар, дьон сынньанар, салгын сиир, дьаарбайар сирэ өссө да ситэ илик.
Михальчук биир бырайыага — 202 микро-оройуоҥҥа өрүһү көрөр бэрт кырасыабай көстүүлээх набережнайыттан эмиэ туох да хаалымаары гынна. Куорат дьоно бары массыынанан кэлэн, табахтарын, бөхтөрүн бырахпыттара хаар ууллубутугар ырылыччы көстөн таҕыста. Биэрэк кытыытын диэки баран көрдөххө, кырааска баранан, сатыы дьон сылдьар сиригэр аспаал билиитэтэ хоҥнон түһэн, ыскамыайкалар өҥнөрө баран, дэлби тэпсиллэн бүттүлэр. Киһи онно олоруон да куттанар.
Оттон пааркаҕа тиийдэххэ, ыһыах курдук дьон аалыҥнас, олорор да сир суох буолааччы. Дьиҥэр, бэйэтэ да оннук улахана суох куораппытыгар дьон сынньанар, сатыы хаамар улахан паарката тутуллуон сөбө. Уһук Илин ыаллыы сытар Хабаровскайга сир баайа алмаас-гаас суох эрээри, куорат үгүс-үтүмэн кырасыабай көстүүлээх, хойуу мас быыһыгар күөллэрдээх, фонтаннардаах, сынньанар сирдээх.
Биллэн турар, Санкт Петербург аатырбыт пааркаларын, Петергоф фонтаннарын, Павловскай, Царское село линейканан кэмнээн маһы тэбис-тэҥник олордубут баараҕай аллеяларын кытта тэҥнэспэппит эрээри, холобур оҥостуохха сөп этэ.
Марианна Тыртыкова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ