Сылааһынан угуттуур илиинэн сурук…

Ааптар: 
25.10.2021
Бөлөххө киир:

«Саха сирэ» хаһыат бүгүҥҥү ыалдьыта – Майатааҕы “Кэрэли” эбии үөрэхтээһин киинин “Ыал эйгэтэ” тосхол тэрийээччи-педагога, “Ийэ суруктара” сонун бырайыак ааптара Сардаана Колосова.

edersaas.ru

Сонун бырайыак

— Сардаана Владимировна, “Ийэ суруктара” бырайыаккын туохтан, хайдах сиэттэрэн толкуйдаатыҥ?

— Бырайыагым олоххо киирэригэр хас даҕаны төрүөт баара буолуо дии саныыбын. Оҕолорум кыра эрдэхтэриттэн саҥаларын, күлүүлээх түгэннэрин болокунуоттарга, тэтэрээттэргэ бэлиэтэнэрим, санааларбын суруйарым. Санаабар, иэйиим кэмигэр суруллубут буолан ис киирбэх, истиҥ курдуктар. Хас эмэ сыл мунньуллубутун кэннэ барытын бииргэ түмэн, аналлаах кинигэ оҥорон, оҕолорум ханнык эбит дьоро күннэригэр бэлэхтээтэххэ дьоһун, олус истиҥ бэлэх буолсу диэн толкуйга кэлбитим. Сөптөөх болокунуоту көрдөөн көрбүтүм да, булбатаҕым. Ол курдук күн-дьыл ааһан испитэ, мин идиэйэбин иитиэхтии сылдьыбытым.

Эһэбит тэтэрээтэ

— Киһи тугу эмэ ылсарыгар, толкуйугар төрүөт оҕо эрдэхтэн бэриллэр быһыылаах. Биһиэхэ эһэбит, Аҕа дойду сэриитин бэтэрээнэ Константин Сергеевич Дулов 1989 сыллаахха, Орто дойдуттан барыан эрэ иннинэ оҕолоругар, сиэннэригэр анаан суруйбут “Биһиги төрүттэрбит, өбүгэлэрбит” диэн тэтэрээтэ баар. Эһэбит сурукка олус сыстаҕаһа, өр кэмҥэ Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Ленинскэй знамя” хаһыат уопсастыбаннай кэрэспэдьиэнэ этэ. Бука, санаатыгар, элбэҕи эппэккэ хаалыам, мин кэпсээбэтэхпинэ билбэккэ хаалыахтара, кэлин ыччаттарыгар эмиэ кэпсиэхтэрэ диэтэҕэ буолуо. Тэтэрээккэ олус кичэллээхтик өбүгэбит-төрүттэрбит туһунан бэйэтэ тугу истибитин, билбитин, кэрэхсии санаабытын сиһилии суруйбут.

Эбэлээх эһэм сурукка улахан суолта ууралларын буоста дьааһыгыттан хаһыат, сурук киллэрэр сорудахтаах киһи кырабыттан өйдүүрүм. Сурук туттахтарына олус үөрэллэрэ, бириэмэ анаан, оҥостон олорон ааҕаллара, хоруйдууллара. Билигин санаатахпына, ол да иһин сурук истиҥ суолтатын өйдүүр эбиппин. Аныгы кэмҥэ буостанан сурук суруйсубаппыт, санаабытын иэйэн-куойан туран эппэппит, социальнай ситимнэринэн быстах-остох быһаарсабыт, смайликтарынан хоруйдуубут.

“Амонашвили үрдүкү куурустарыттан”

— Норуоттар икки ардыларынааҕы гуманнай педагогика киинэ уонна биллиилээх педагог, психолог Шалва Амонашвили үөрэх ыыталларын истэн, дьаҥ иннинэ Москваҕа баран үөрэнэн кэлбитим, гуманнай педагогика куурустарын ааһан «Амонашвили үөрэнээччитэ» ааты ылбытым. Онно тиийэн сурук суруйуу оҕону иитии ньымаларыттан биирдэстэрэ буоларын өссө төгүл итэҕэйбитим. Шалва Александрович улаатан эрэр кыыстаах уолугар анаан суруйбут “Исповедь отца к сыну”, “Письма к дочери” суруктара кинигэ буолан тахсыбыттарын аахпытым. Үөрэнэ сылдьан бу идиэйэбин дьоҥҥо олус туһалаах буолсу диэн хайаан даҕаны олоххо киллэрэргэ быһаарыммытым. Ол эрээри, бу иннинэ хаһан даҕаны суруйууга холонон көрбөтөҕүм. Маҥнай кыра бырайыак курдук ылынан, бэйэм оҕолорбор эрэ буолбакка, төрөппүттэргэ анаан оҥорор толкуй киирбитэ. Эһэм тэтэрээтин хас аахтаҕым аайы саҥалыы, атыннык ылынабын. Онтон оҕолор төрөппүттэрэ суруйбут суруктарыттан түмүллүбүт анал кинигэлэрин куруук илдьэ сылдьыахтара, күүс-күдэх, тирэх ылыахтара, санааларын сааһыланыахтара диэн бигэ эрэллээхпин.

Төрөппүттэр күннээҕи түбүкпүт үгүс, хас күн аайы сорук оҥостон суруйар кыаллыбат. Мунньан-мунньан баран иэйии киирбит, суруйуох, этиэх санаа кэлбит түгэнигэр бэлиэтэнэ сырыттахха син чөмчөтүллэр кыахтаах дии саныыбын. Манна сааһынан хааччах суох, кыра да, улааппыт да оҕоҕо анаан суруйуохха сөп.

Ийэ илиитин сылааһынан

— Бырайыаккын тоҕо “Ийэ суруктара” диэн ааттаатыҥ? Аҕа оруола тоҕо көстүбэтий?

— Сурук суруйуу, иэйии дьахтар айылгытыгар ордук чугас диэн көрөбүн. Ийэ аҕаны хаһан баҕарар кыттыһыннарыан, этии киллэриэн, иккиэн суруйарга көҕүлүөн сөп. Уонна “ийэ” диэн тылы кытта “истиҥ-иһирэх”, “сылаас” диэн тыллар дьүөрэлэһэргэ дылылар.

— Төһө улахан кинигэний?

— Бырайыагым икки кинигэттэн турар. Төрөппүт тус кинигэтэ халыҥ тастаах, ийэ ылла даҕаны суруйбутунан барарыгар анаан ыраас илиистэрдээх. Манна оҕолорго сыһыаннаах бэргэн этиилэри, уруһуйдары киллэрдим. Иккис кинигэтэ – сүбэлиир сыһыарыы (мэтэдиичэскэй босуобуйа). Бу кинигэни хайдах толорорго, тугу суруйарга төрөппүттэри сүбэлиир ис хоһоонноох. Сурук суолтатын, биллиилээх сэбиэскэй педагог В.А. Сухомлинскай, Ш.А. Амонашвили, сурук суолтатын үөрэтэр педагог И.А. Киршин оҕоҕо сурук суруйууну туспа ньыма быһыытынан үөрэппиттэрин уонна оҕолоругар анаабыт суруктарыттан саамай сүөгэйин-сүмэтин ылан таһаардым. Ийэлэр Q-кодунан элбэх информацияны ылалларын туһугар биллиилээх педагогтар сурук туһунан сэминээрдэригэр тиийэ бааллар. Итиэннэ З.Е. Тумусова соҕуруу үөрэнэ сылдьар уолугар анаан суруйбут суруктара “Ийэ суруктара” диэн ааттанан 90-с сылларга хаһыакка тахсан ааҕааччы сэҥээриитин ылбыттар. Ийэлэргэ бу суруктар холобур буоллуннар диэн Зоя Егоровна оҕотугар суруктарыттан көҥүллэтэн сыһыарыыбар киллэрбитим. «Ийэ суруктара-ийэ сүрэҕин сэһэнэ» диэн түһүмэххэ суруктары үс салаанан арааран суруйуохха сөп диэн төрөппүккэ бэйэм көрүүлэрбин үллэстэбин. Бастакынан, эһэбит биһиэхэ суруйан хаалларбытын курдук төрүттэрбит туһунан тугу истибиппитин, билбиппитин кэпсээн эрэ таһымыгар хаалларбакка, сурукка тиһэн үйэтитэргэ сүбэлиибин.

Иккиһинэн, сайдыы олуктара. Манна оҕобутун хайдах күүппүппүтүн, күн сирин көрбүт түгэнигэр туох иэйиигэ куустарбыппытын, аатын хайдах талбыппытын, оҕобут маҥнайгы саҥатын, маҥнайгы оҥорбут хардыытын, көрүдьүөс кэпсээннэрин, уһуйаан, оскуола түгэннэриттэн суруйуохха сөп. Сыһыарыыбар суругу хайдах суруйан саҕалыахха сөбүй диэн холобурдары киллэрбитим.

Үсүһүнэн, оҕобут олоҕун түһэ. Бу баска ийэ, аҕа оҕолоругар алгыс тылларын аныахтарын сөп. Бэлэм алгыстартан холобур быһыытынан көрдүннэр диэн эмиэ кэрчиктэринэн алгыстары түмтүм. Сүбэ сыһыарыыны төрөппүккэ иэйиини уһугуннардын, санааны сахтын диэн санаанан салайтаран оҥорбутум, уопсайа, 46 сирэйдээх, онтон төрөппүт суруйар кинигэтэ — 176.

Төһө даҕаны тус идиэйэм буолбутун иһин, кимниин эрэ ырытыһар, илдьиритиһэр сүбэһиттэрдээх олус үчүгэй. Бырайыакпар санаабын сааһыласпыт, толкуйбун тобулсубут биир санаалаах дьоммор, кэллиэгэлэрбэр Марианна Юрьевна Билюкинаҕа, Нина Ильинична Слободчиковаҕа махтанабын.

Хантан атыылаһабыт?

— Сыһыарыыта суох туспа атыыламмат дуо?

— “Сайдам” кинигэ кыһатыгар 300 ахсаанынан таһаартардым. От ыйыгар сүрэхтэниитэ буолбута. Сэҥээрбит дьон бырайыагым инстаграм страницатыгар @sardaana_kolosova_book эбэтэр төлөпүөммүнэн 89141091725 билсиэхтэрин сөп. Төрөппүт тус кинигэтэ уонна сыһыарыы кинигэтэ иккиэн кэмпилиэк сууланан сылдьаллар, холбоон 900 солкуобай. Хас даҕаны эбээ оҕолоро ийэ буолбуттарыгар атыылаһан бэлэх ууннулар.

Маҥнай утаа икки кинигэни бииргэ холбуу таһаарар былааннааҕым эрээри, көннөрү сурунар болокунуот эрэ курдук, ситэтэ суох эбит дии санаабытым. Ол иһин сүбэлэһэн баран, ийэлэргэ мин этиилэрим туспа ыйынньык курдук киирэллэрэ ордук эбит диэн түмүккэ кэлбиппит. Сыһыарыыта төрөппүккэ хаалар, суруйбут кинигэтин оҕотугар бэлэхтиир.

Илиинэн суруйуу кэлин өссө сыаналаныа

— Билигин илиинэн суруйар дьон букатын аҕыйаата. Биир үксүн ол да иһин бу кинигэлэриҥ ордук сыаналаныах тустаахтар, оҕоҕо тиийимтиэ. Ол гынан баран, элбэхтик арылыннаҕына, сыыйа эргэриэ суоҕа дуо? Бырайыаккын салгыы хайдах сайыннарар былааннааххын?

— Иэйии киирэн суруйар кэмҥэ киһи медитативнай курдук турукка киирэр дии саныыбын. Ол иһин мэйии, сүрэх, илии тэҥинэн үлэлииллэр, сүрэхтэн тахсар истиҥ тыллар кутуллаллар. Мин эһэбин илэ көрбүт, тыыннааҕын баттаспыт, тапталыгар угуттаммыт сиэн кини тэтэрээтин арыйан ааҕарбар, бэл, куолаһа иһиллэргэ дылы.

Кинигэм ыам ыйыгар бэчээккэ тахсыбыта. Дьон сайынын кыстыкка бэлэмнэнэн, сынньанан, истиһэн баран балаҕан ыйыттан ыйыталаһан эрэр. Бырайыакпын салгыы сайыннарар туһунан толкуй баар. Кинигэни туппут төрөппүттэр хардарыта сибээскэ тахсалларыгар, санааларын үллэстэллэригэр олус баҕарабын. Киһи киһиттэн үөрэнэр, санааттан санаа саҕыллар төрөппүттэр ааттарын да ыйбакка суруктарын үллэстэллэрэ буоллар, ол суруктары түмэн салгыы байытан бырайыакпын салгыахпын баҕарабын уонна электроннай барыйааннаах буолуоҕун эмиэ санаталыыбын. Уратытык киэргэтиллибит кэмбиэр сыһыарыахпын эмиэ толкуйдаабытым. Ийэлээх аҕа истиҥ, сылаас суруктарын, аккырыыккаларын угуохтарын сөп. Эбэтэр дьиэ кэргэҥҥэ үксүгэр өбүгэлэриттэн бэриллибит сыаналанар хаартыска, сурук баар буолар, ону кыбытыахтарын сөп. Араас идиэйэ элбэх.

Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0